Хас биирдии көлүөнэ сэргээн истэр, сүгүрүйэр ырыаһыттардаах. Биһиги биир дойдулаахпыт Александр Самсонов-Айыы Уолун ырыалара хас да көлүөнэ саха ыччатыгар суолдьут сулус буолаллар, үтүөҕэ, сырдыкка угуйаллар.
Айыы Уола бу сиргэ кэлбит киһи туох эрэ кэрэ бэлиэни хаалларыахтаах диэн саныыра. Кини кэнниттэн ырыалара хааллахтара. Бу ырыалара төрөөбүт дойдуга таптал, айылҕа кэрэтин кэрэхсии, харыстыы сылдьарга үөрэтэллэр, эдэр саас, оҕо саас умнуллубат кэрэ кэмнэрин арыйаллар.
“Мин дойдум олус кэрэ айылҕалаах, көрбүт эрэ барыта сөҕөр”, – диэн Айыы Уола төрөөбүт Улахан Аанынан киэн туттара.
1978 сыл Ороһуоспа түүнүгэр Саша Самсонов күн сирин көрбүтэ. Кыратыттан ыллыырын ордук сөбүлүүрэ. “Кыымчаан” уһуйааныгар сылдьан, “Туллуктар”, “Манчаары” ырыалары ыллаан дьону үөрдэрэ. Сэттис кылаастан гитараҕа оонньуурга үөрэммитэ. Музыкаҕа, ырыаҕа уһуйбут дьонунан учууталларын Н.С. Семеновы, Т.А. Захарованы, Г.Е. Терентьевы, төрөппүттэрин Марфа Иннокентьевнаны, Иннокентий Михайловиһы ааттыыра.
2-с Малдьаҕар орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, “Дьүкээбил” бөлөҕү тэрийсибитэ. “Маҥнайгы хаар” диэн бастакы ырыатын оҕолорго анаабыта. 18 сааһыгар кини номнуо отучча ырыа авторынан буолбута. Суруйбут ырыалара дьон-сэргэ, ордук ыччат сүрэҕэр түргэнник тиийбиттэрэ.
2014 с. “Айыы Уола” диэн уус-уран киинэ улахан экраҥҥа тахсыбыта, 2021 с. Дьокуускай куоракка Ырыаһыттар аллеяларыгар Айыы Уолугар аналлаах скамейката турбута, Улахан Аан нэһилиэгэр 2019 с. Айыы Уолун аатын үйэтитэн пааматынньык оҥоһуллубута, 2021 с. олорбут дьиэтэ музей буолан, ыраахтан-чугастан ыалдьыт дьону ыҥыра турар. Сахабыт сирин эстрадатын ырыаһыттара Айыы Уолун ырыаларын иккис тыыннаан ыллыыллар, кини ырыаларын сэргээччилэргэ бэлэх быһыытынан кинигэ бэчээттэммитэ, ырыа күрэҕэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллар.
Александр Самсонов ийэтин Марфа Иннокентьевнаны кытта музей дьиэҕэ сылдьан кэпсэттибит. “Биһиги оҕобут Шурик дьулуурдаах, тулуурдаах, олоххо, кэрэҕэ тардыһыыта күүстээх буолан, ыарахан ыарыытын билиммэккэ, саныыр санаатын ырыаларын нөҥүө таһааран, бар дьонугар бэлэхтээн хааллардаҕа. 2014 с. Улахан Ааҥҥа “Ийэҕэ махтал” диэн ырыатынан сквер оҥоһуллубута, манна сүүрэ сылдьар оҕо ойууламмыта, үөрэр-көтөр оҕо саас диэн өйдөбүллээх. 2021 с. бириэмэтэ кэлэн, үчүгэй көстүүлээх миэстэ ананан, пааматынньык турбутуттан тус бэйэм үөрэбин, оҕом баҕа санаатын толордум диэн өссө ордук үөрэбин”.
Айыы Уолугар анаммыт пааматынньык ааптара Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, чааһынай предприниматель Николай Николаевич Иванов: “Мин Айыы Уолун туһунан киинэ устар баҕа санаалаах этим, ол эрэн мин иннибинэ Марианна Скрыбыкина устубута. Ол иһин кэнсиэр оҥоруохха сөп диэн толкуйдаабытым. Доҕотторум Ион Иванов, Алексей Абрамов, Ирина Атласова буолан Улахан Ааҥҥа кэлэ сылдьыбыппыт. Айыы Уолун ийэтиттэн көҥүл ылан, дойдутугар пааматынньык оҥотторуохпут диэн эрэннэрэн барбыппыт. Бу элбэх дьон бииргэ үлэлээбитин түмүгэ. Пааматынньыгы скульптор убайдарбыт оҥордулар, ол курдук Амматтан Владимир Левин, Намтан Ильян Мэндиэмэн. Айыы Уолун ырыалара — оҕо ийэҕэ уонна ийэ оҕоҕо тапталларын символлара дии саныыбын. Айыы Уолун ырыаларын сэҥээрэр, сөбүлээн истэр дьон үгүс”.
Алексей Кириллович Калининскай-Луҥха Өлөксөй, СР ырыа күнүн көҕүлээччитэ, ааптара: “Айыы Уолун айар суола 1993 с. Саха сирин мелодистарын ассоциациятын иһинэн “Дьүһүй” ырыа кулуубугар саҕаламмыта. Онно кинини бастаан билиһиннэрбиппит, ырыатын таһааран ыллаан иһитиннэрбитэ, ол кэннэ хаһыакка бэчээттэммитэ, араадьыйаҕа иһиллибитэ, дискэ таһаартарыыта, телевидение, гостуруол, кэнсиэрдэр саҕаламмыттара. Кини кылгас олоҕор ыксаабыт курдук ырыаларын айан, ыллаан, олоххо киллэрэн барбыта, ол барыта дьоҥҥо тиийэн үйэлээх буолла. Туох барыта иһилиннэҕинэ, ылланнаҕына сыаналанар, онон Айыы Уолун ырыалара норуокка иҥэн иһиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Мин доруобуйаларынан хааччахтаах ыччаты үөрэтэр лицейгэ үлэлии сылдьар кэммэр “Айыы Уола – биһиги суолдьут сулуспут” диэн бырайыагы саҕалаабытым. Сыл аайы устудьуон оҕолорбутун Улахан Аан нэһилиэгэр аҕалан, Айыы Уолун дьиэтин көрдөрөн, ийэтин кытта билиһиннэрэн, кулуупка кини ырыаларынан кэнсиэр көрдөрөр этибит. Оҕолор бары бу тэрээһин кэннэ санааларын суруйаллара. Айыы Уолун аатынан доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор ортолоругар республикатааҕы ырыа күрэҕин тэрийэн саҕалаабыппыт. Ийэтэ Марфа Иннокентьевна уолун иннигэр иэһин төлөөтө, аата-суола умнуллубатын туһугар ырыаларын үйэтитиигэ улахан үлэни ыыта сылдьар”.
Яковлева Лидия Яковлевна, М.Е.Васильева аатынан 2 Малдьаҕар орто оскоулатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала, Айыы Уолун кылааһын салайааччыта: “Шуригы уһуйааҥҥа сылдьар кэмигэр бэлиэтии көрбүтүм уонна инникитин мин салайар кылааспар киирэрэ буоллар диэн баҕа санаам туолбута. Шурик ыллыырын таһынан пианиноҕа, гитараҕа оонньуура, олус үчүгэйдик өйтөн суруйара. Тэтэрээтин кытыытыгар куруутун уруһуйдуур идэлээҕэ, ол барыта айар талаанын көстүүтэ дии саныырым. Сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан, “Таастаах кытыл” фестивалга уолаттарым ВИА тэрийбиттэрэ. Бары даҕаны олус интэриэстээх этилэр, киэһэ хойуукка диэри дьарыктаналлара, салайааччылара Шурик. Төрөппүттэр хаһан даҕаны оҕолор тоҕо хойуукка диэри дьарыктаналларый диэн биир утары тылы саҥарбат этилэр. Ол сыл фестивалга кыайан олус үөрбүппүт. “Юный корреспондент” диэн куруһуокпар сылдьар этэ, дзюдонан дьарыктанара, оскуола кэннэ саха тылын уонна культуратын факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Шурик киһи быһыытынан олус аһаҕас этэ, тугу саныырын саастыылаахтарыгар этэрэ, эйэҕэс майгылаах уолбут нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр, кини айар үлэтин сэҥээрэр дьоҥҥо сырдык сулус буолар”.
Саргылана Соломонова, Зоя Тимофеева — “Эрэл” дуэт солистара: “Биһиги дуэт быһыытынан ыллаабыппыт 40-ча сыл буолла. Айыы Уолун кытта аҕыйах бириэмэҕэ ырыа таһаартаран, бииргэ ыллаан сылдьыбыппыт. Биһиги урут эргэ клуупка ВИА-лаах этибит. Шурик онно киирэн синтезаторга оонньуура. “Маҥан хаар” диэн бастакы ырыатын ВИА-ҕа ыллаабыта. Наһаа элэккэй, бэһиэлэй, сайаҕас уол этэ. Биһиги сүрэхпититтэн бырааппыт сүппэт”.
Николай Семенович Семенов, мелодист, үөрэҕирии, культура ветерана: “Улахан Ааҥҥа оскуолаҕа уонна уһуйааҥҥа музыкальнай салайааччынан үлэлиир кэммэр 70-с сыллардаахха Айыы Уола миэхэ уһуйааҥҥа сылдьыбыта. Кини ырыаны түргэнник мелодиятын, тылларын өйдүү охсубут буолааччы. “Манчаары”, “Туллуктар” диэн ырыалары маҥнай сыанаҕа ыллаабыта”.
Галина Гаврильевна Федорова, “Тойук” ансаамбыл салайааччыта: “Мин Айыы Уолун ырыаларын дириҥник үөрэтэ сылдьабын, ырааҕы көрөр, ис хоһоонноро олус күүстээх, дьоһуннаах тыллардаах диэн сыаналыыбын. Аҕыйах кэмҥэ да олорон аастар, бэлиэ суолу, умнуллубат ырыаны-тойугу хаалларда. Киниэхэ пааматынньык турара сөп. Ийэ сүрэҕин күүһэ, дойдутун таптыыра, ийэтигэр таптала пааматынньыкка көстүөҕэ. Айыы Уолун патриот ырыаһыт диэхпин баҕарабын. 90-с сыллардаахха Айыы Уола миэхэ кэлэн, хос аат наада буолла диэбитэ. Хос аат мээнэ бэриллибэт да буоллар, эмискэ үөһэттэн Айыы Уола диэн аат кэлбитэ.
Биир дойдулаахтарбыт пааматынньыгы көрөн-истэн, ырыа күнүгэр манна кэлэн бэлиэтииргитигэр баҕарабын. Улахан Ааммыт биир ураты айылҕалаах, үчүгэй туруктаах, киһи киэн туттар дойдута буолар. Биһиги айылҕа оҕолорунабыт, айылҕа-киһи-ырыа барыта ситимнээх. Ырыа мас курдук өлөр-тиллэр, олохпут хайдаҕый да, оннук ыллыыбыт. Айыы Уолун курдук күүстээх санаалаах, туруктаах ырыалардаах буолуоҕун, үлэбитин-хамнаспытын туругурда туруоҕун”.
М.Е. Васильева аатынан
2-с Малдьаҕар орто оскуолатын медиакиинэ: Ариана ТИМОФЕЕВА, Күннэй ВАСИЛЬЕВА,
5 кылаас үөрэнээччилэрэ.
Салайааччы Надежда ГРОМОВА.