Билигин дойду үрдүнэн буола турар быһыыны-майгыны төлөпүөн, тэлэбиисэр, куйаар ситимин нөҥүө барытын истэ-билэ олоробут.
Үгүс дьон таптыыр быраата, убаастыыр убайа, сыаналыыр аҕалара биһиги эйэлээх халлаан анныгар олорорбут туһугар киирсэ сылдьаллар. Оттон амарах сүрэхтээх ийэ, эдьиий, аймах дьон утуйар ууларын умнан туран, долгуйаллар.
Бу маннык кэмҥэ киһи киһиэхэ өйөбүлэ, көмөтө туохтааҕар да күндү буолар. «МУУС УСТАР» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыт «СААС» медиа форум түмүктэнэр күнүгэр «Кэскил» медиа оскуола үлэһиттэрэ юнкордарга бородуукталаах дьааһык туттарбыттара. Хас биирдии хамаанда бу үтүө санаа дьааһыгын анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр аадырстаан туттарыахтаах. Бастакы хамаандам юнкордара бу соругу миэхэ итэҕэйбиттэрэ. Доҕотторум итэҕэллэрин толорон, үтүө санаа дьааһыгын олунньу 26 күнүгэр Павлуцкийдар дьиэ кэргэттэригэр илдьэн туттардым. Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьар хорсун дьоммут аймахтарыгар болҕомтолоох буолуоххайыҥ диэн ыҥырабын.
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, VIII кылаас, Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас