Дьиэ иһинээҕи ытык миэстэ – Айыы холумтана. Манна алгыс олорор. Холумтан сэттэ ытык маллаах.
1. Сандалы – Күн курдук төгүрүк бэлиэ. Былыр туостан оҥороллоро. Туому толорорго сиргэ ууруллар мал
2. Сэргэ.
3. Чороон.
4. Кытыйа.
5. Көмүлүөк
6. Чуораан
7. Дэйбиир
Айыы холумтанын мала алгыстаах. Онон итини харыстаан тутуллар. Алдьатар, ыһар-тоҕор аньыы. Айыы холумтаныгар киһи кута, сүрэ уонна инники олоҕун киэбэ баар. Ити иһин дьиэ иһигэр айдаарар, кыыһырсар, этиһэр сатаммат.
Ааптар: Анатолий Павлов — Дабыл