Кэпсэтии диэн санааны биир чопчу киэпкэ олордон хардарыта үллэстии буолар. Бүгүн саха классик суруйааччыта Николай Денисович Неустроев олоҕун кэрчигиттэн дьоҕустук быһа тардан билсиһиэх.
===============
22.02.2020.
— Киһи буолуу туһунан көрүккэ Өксөкүлээх Өлөксөй, А.И.Софронов-Алампа сорох айымньыларын билистибит. Онон салайтардахха, анаарыы элбэх эридьиэстээх, саха санаата уһун синньигэс, аһары сыыйыллаҕас эбит. Саха бу былыргы уратыта биһиги суругунан уус-уран айымньыбытыгар баарын таба тайаныы кистэлэҥэ тугуй ?
-Бу диэн быһа бааччы тарбаҕынан супту ыйар ылбычча кыаллыбата буолуо. Соннук эрээри, айымньы этэ сатыыр сүрүн санаатын таба өйдөөтөххө, төттөрү сыыйа хос ырыҥалыыр кыахтанаҕын. Ырыҥалыырга санаа иилистэҕэс утаҕын биир-биир субуйа тардан, ыйааһын хараҕар чөм уурдахха, син туох эмэ көстөн кэлээччи. Баардаах баара хайаатар даҕаны онон-манан кылахачыйар, кылбачыйар. Уот кыыма буола сүрэххэ саҕыллар.
— Биһиги, аны дьэ, суруйааччы Николай Неустроев көрүгүн салгыы көрдүөххэ дуу…
-Николай Денисович букатын эдэр сааһыгар нууччалыы сурук-бичик ис кистэлэҥэр киирэ сатаабыт бадахтаах. Өксөкүлээхтэн, Алампаттан атылыыта ити. 1917 сыллаахха бэс ыйын 21 күнүгэр « Сибирские записки» редакторыгар Владимир Михайлович Крутовскойга суругар «Так же, как и Вы, они указывают на недостатки в технике и слоге. У меня просто беда с русским языком. Если бы я родился природным русским, то показал бы им не то» диэн турардаах. Көр, мин дьиҥнээх нуучча эбитим буоллар, эһиэхэ көрдөрүөм этэ диирин. Сахатын тыына нууччалыытааҕар быдан баһыйара этиллэр.
Ххх
— Нуучча суругун-бичигин баһылыы сатыыр дьүккүөрэ училищатааҕы сыллартан саҕаламмыт буолуохтаах. Ол туһунан тугу билэргин кэпсии түс эрэ.
— Сөптөөх этии. Дьокуускайга түөрт кылаастаах училищаҕа 1913 сыллаахха саха сорох үөрэнээччилэрэ бэйэни сайыннарарга нууччалыы тыллаах «Юность» куруһуогу тэриммиттэрэ. Илииннэн суруллар «Юность» сурунаалы таһаараллар. Бары түргэнник сайда охсорго, ситиһиилээх буоларга көҕүйэллэр. Инники күөҥҥэ Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Петр Афанасьев, Прокопий Винокуров , Николай Неустроев тахсаллар.
1913-1914 сыллар тухары куруһуок чилиэннэрэ нууччалыы хаһыаттары атыылаһан ааҕаллар. Олохтоох бэчээттэн «Ленские волны», «Якутская окраина», Санкт-Петербурга тахсар «Ру́сское бога́тство», «Ни́ва» сурунааллары .
— Оччолорго хаһыаты, сурунаалы, кинигэни тарҕатар маҕаһыын баара буоллаҕа.
— Игумнов Григорий Герасимович (07.02.1869 — 1941) маҕаһыына чахчы да билии-көрүү уйата этэ. Нууччалыы үөрэхтээх саха киһитэ итини быһа ааспат эбит. Николай Неустроев да оннуктан туора турбатах. Кини элбэхтик ааҕара лаппа туһалыыр.
1914 сыл саҥатыгар нуучча биллиилээх библиографыгар Николай Александрович Рубакиҥҥа суруйар. Сүбэ-ама көрдөөн.
Онуоха анарааҥы киһи тута хардарар. Төрөөбүт тылгынан ай-тут диэн соһутар.
Биһиги уолбут бу судургу буолбатаҕын маннык быһаарар: «Мы якутские дети , кое-как выучившись, говорим по-русски., забываем родной язык. Мы увлекаемся русской литературой.Нам становится чуждой дикая полярная поэзия. Мы теряем вкус к родной поэзии» .
23.02.2020.
Ххх
— Оо, бүгүҥҥү ыччакка майгынныыра тугун сүрэй !
-Бэйэ тыынын киэр үтэйии уонна туораны бохсуруйа үөрэнии саха олоҕун биир майгыта буолбут диэхтээхпит. Николай Денисович бэйэтин бастакы айымньыларын нууччалыы суруйар уонна үөһэ ахтыллар киин бэчээккэ таһаартара сатыыр. Ыыппыт матырыйаалларыгар Владимир Галактионович Короленко редактордаах «Ру́сское бога́тство» , Владимир Яковлевич Светлов салайааччылаах «Нива» тугу да эппиэтээбэт. Эдэр киһи киэҥ эйгэҕэ бэйэтин түргэнник бигэргэтэр баҕата кыайан туолбат.
-Улаханнык санаарҕаатаҕа…
— Буолуон сөп. Атын омук культуратыгар бэйэ аатын-суолун бигэргэтэ охсор манан аҕай буолбата ини. Ол да иһин 1915 сыл сэтинньитигэр саха ыччатын кистэлэҥ түмсүүтүгэр «Үлэһиккэ» холбоһор. Салайааччыта — Александр Иннокентьевич Говоров. Кини аҕата Иннокентий Степанович Говоров « Саха союһун » биир лидерэ. Тэрилтэ сыала-соруга саха үлэһит дьонун көмүскээһин, саха туһун туруулаһыы.
Ххх
— 1915 сыл сэтинньититтэн Неустроев сахалыы тыыннаах ыччакка холбоспут бэлиэтэ тугунан биллэрий ?
— Кини « Дикая жизнь » очерката ити кэмҥэ суруллубута . Ону 1916 сыллаахха Барнаулга тахсар «Сибирский рассвет» библиотекаҕа туспа брошюранан таһаартара сатыыр. Ону баара суруналыыс Зобачев Иван Григорьевич (1891-1975) салайааччылаах кооператордар тэрилтэлэрэ батан кэбиһэр. Эбиитин самнары кириитикэлиир.
Ити оннугар очерканы прогрессивнай сүрүннээх «Сибирские записки» сурунаал күн сирин көрдөрбүтэ.
-Бу сурунаал Николай Денисовичка айар үлэ аартыгын арыйдаҕа.
-Чахчы да оннук. Сурунаал редактора Владимир Михайлович Крутовской бэчээккэ таһаарбытын эбии үтүө тылы-өһү этэн, эдэр киһини эгди гыммыт. Владимир Михайлович (25.01.1856 – 23.04.1945) – быраас, публицист, норуот дьайаанньыта. Енисей губерниятыгар төрөөбүт киһи. 1881 сыллаахха Санкт-Петербурга императорскай байыаннай-медицинскэй академиятын бүтэрбитэ. « Народная воля » партия чилиэнэ. Сибиир туспа буолуутун турууласпыта. 1916 сыллаахха «Сибирские записки» сурунаалы төрүттээбит.
ххх
—Сахалыы маҥнайгы айымньыта « Тимир дьон оҕолоро» буолар ээ. Ити хас сыллааҕыный?
— Бу икки дааталаах: 1917 сыл, олунньу 10 күнэ, Байаҕантай нэһилиэгэ уонна 1917 сыл балаҕан ыйын 30 күнэ, Дьокуускай. Ааптар бэлиэтээһинэ итинник.
— Бу драманы Норуот дьиэтигэр туруорбуттара дииллэр. Хаһан эбитэ буолла?
— Учуонай-чинчийээччи Юрий Васильев-Дьаргыстай үкчү эппиттээх. Ол эрээри бириэмэтин быһаччы ыйбатаҕа. Айымньы сценаҕа тахсыыта «Саха аймах» культурнай-сырдатар түмсүү үлэтин кытта ситимнээх. Бу хамсааһын 1917 сыллаахха бэс ыйын 12 чыыһылатыгар төрүттэммит. Түмсүү театральнай салаатын Анемподист Софронов сүрүннээбитэ. Николай Неустроев киниэхэ сэкэритээр, быһатын эттэххэ, суруксут эбит. «Саха аймах» оччолорго Монастырскай уулуссаҕа Д.А.Стрелов дьиэтигэр кииннэммит. Бэйэтэ туспа кулууптаммыт. Онон сэрэйдэххэ, пьесаны бу кулуупка туруорбут быһыылаахтар. Быһа барыллаан 1918 сыл тохсунньутугар.
— Хантан ылан этэҕин ?
— 1918 сыллаахха тохсунньу 24 чыыһылатыгар Н.А.Рубакиҥҥа маннык суруйбута :
«После, следуя Вашему совету, написал пьесу из якутской жизни на родном языке.Пьесу недавно ставили в Народном доме г. Якутска. Она прошла с некоторым успехом».
Драма туруутугар М.К.Аммосов, А.И.Софронов уо.д.а. көмөлөспүттэрэ.
24.02.2020.
-Драма туох санааны этэр быһыылааҕый ?
— «Үлэһит» түмсүү саха ыччатыгар туруорбут соруга хайдах быһыылаахтык хамсыыра ойууланар. Санатар эбит буоллахха, нууччалыы үөрэҕи баһылаан, норуокка көмөлөһүҥ диэһиҥҥэ нууччатымсыйбыт ыччат араас сыһыана көстөр. « Бааһынайдыы» иитиилээхтэртэн Сэргэй эрэ кыһалла сатыыр курдук. Ол да гыннар тугу гыныан соччо билбэт. Наар айдааны уҕарыта, дьону иллэһиннэрэ сатыыр мөккүөннээх. Дойдутугар, нэһилиэгэр хаалан үлэлии-хамныы сатааччы кини эрэ. Уоннааҕылар куоратынан-тыаннан ускул-тэскил сылдьаллар. Бүтэрбит үөрэхтэрэ тыа сирин олоҕор дьүөрэтэ суох аатыран мээнэ барбыттара этиллэр.
-Алампа « Дьадаҥы Дьаакыбыгар» эмиэ оннук буолбаат !
— Дьиҥэ да оннук. Иккиэннэрин санаата биир — ыччат үөрэхтэнэн дойдутугар, норуотугар туһалыахтаах диэн. Дьаакып итини сорук оҥостон, уолун Мэхээлэни үөрэттэрбитэ күн көдьүүһэ суох хаалар. Ол оннугар «үөрэхтэн » киэр этиммит Ньукулай өйө-санаата Дьаакыпка быдан чугас.
— Итинэн тугу диэри гынаҕын ?
— Саха олоҕун үөрэҕэ уонна тастан киирии бэлэм үөрэх кыайан дьүөрэлэспэт. Онон тас үөрэҕи батан сылдьар саха ыччата һир-һаар туруктаах буолла диир драма сүрүн санаата.
Ххх
— Өксөкүлээх Өлөксөй атын омуктар оҥоһуу үөрэхтэрин бигээн соҕус баһылыахха диэбитин судургу өйдөөһүн бардаҕа…
— Бэйэ тыынын кут-сүр гына бөҕөргөтөрү саната сатаабытын, дьон кыра ычалааҕа кулгааҕын таһынан аһарбыта. Кут-сүр суолтатын өйдөөччү быстар аҕыйаҕа. Биирэ ити. Аны туран, иккис иэдээн, саха улахан санаатын – Айыы санааны сүтэриитэ буолар. Таҥараҕа баайыллан быстах санааҕа ылларыы, кыараҕаска кыбыллыы күүһүрэр.Онон бэйэ тыыныттан куту-сүрү иитэн таһаарар былыргы сатабыл таһыччы умнуллар.
— Саха киһитэ бэйэтин ис кыаҕын былдьатыыта Неустроев көрүгэр хайдаҕый, быһыыта?
-Кини эдэр буолан урукку уонна саҥа сүүрээн икки ардыгар, үүт — үкчү Сэргэй курдук , сылдьар.
— Иэрэҥ-саараҥ диэри гынаҕын дуу…
— Эдэр киһи олоҕу бэйэтин кэмигэр сыһыаран кэриҥниирэ бааламмат. Ол эрээри, Николай Денисович «Тимир дьон оҕолоро » драмаҕа Сэргэйинэн тус санаатын сахалыы саҥартаҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэртэҕэ дии.Бу кэнэҕэс кини олоҕун тосхоло буолуо. Нууччалыы үөрэхтээх эдэр дьонтон сахалыы суруйууга бастакынан кэриэтэ психологизмы киллэрбитэ диэх кэриҥнээхпит.
— «Балыксыт» кэпсээни этэҕин буолбаат !
— Ити олус табыллыбыт айымньы.
26.02.2020
-Табыллыыта туохханый, санаа ханнык кытыллара көстөрүй ?
— Бу кэпсээҥҥэ иччи уонна киһи олоҕо, киһи өлөр өлүүнү көрсүүтэ уонна ылыныыта курдук өйдөбүллэрдээх. Итилэри санаа кытыла оҥостубут эбит, Николай Неустроев.
— Бу үс кытылтан ханныга уруттууруй?
— Кырдьаҕас киһи кэннэ уһаан, иннэ кылгаан иһэр айылгылаах. Бу — бүтүн олох сокуона. Сааһырдах аайы киһиэхэ күннээҕитэ күндүтүйэр. Былатыан оҕонньор ити иһин иччигэ – күннээҕи олоҕу баар гынааччыга сүгүрүйэрэ күүстээх. Эдэр киһи итини ситэ –хото өйдөөбөт. Тоҕо диэтэххэ, киниэхэ инникитэ уһун, кэнникитэ кылгас. Олоҕу билиитэ, сыаналааһына онон ситэ-хото илик. Ол да иһин оҕонньорго хаадьы аҥардаах эйэргэһии тыына биллитэлээн ааһар. Оҕонньор туттарын-хаптарын ойуулууругар ити дьэҥкэтик иһиллэр. Оттон атаҕар барбах уйдаран сылдьар эрээри, Былатыан үчүгэйдик олоробун диир. Олоҕор букатын үҥсэргээбэт. Бэл оннооҕор, кэлэр сырыыгар табахта кэһиилэнээр диирэ, хайдах курдук эҥсиилээҕий !
— Этэр эттэҕинэ, иччи дьиҥ былыргы суолтата бу кэпсээҥҥэ арылхай эбит.
— Тыына быстаары аҕай сытан иччилэри кытта бырастыылаһара итэҕэл күүһүн көрдөрөр. Былатыан сааһын тухары иччигэ итэҕэйбитэ итиннэ арыллан кэлэр. Кини бырастыыласпытын истэн, эбэ иччитэ ыт буолан үрэр. Ол аата күөл иччитэ Былатыаны тиһэх суолугар атаарар. Бу кэнниттэн өлүүгэ илдьээччи кэлэр. Киһи тыына субу быстыан аҕай иннинэ илдьээччитин илэ көрөр үгэстээх.Оҕонньору өлүү суолугар илдьээри урукку чугас киһитэ – эмээхсинэ кэлэр.
— Эмээхсинэ өрө-таҥнары көтүтэн истэҕинэ, миигин ууга түһэриэ диэн Былатыан куттанар эбээт. Тоҕо ?
— Эбэ иччитин таптыыра, харыстыыра этиллэр, санаа ити кытылыгар.
Ххх
28.02.2020
— Кэпсээн саҕаланыытыгар суруйааччы айылҕаны дьүһүйүүтэ уһулуччу үчүгэй. Туохтан сиэҥнээн итиннигэ буолуой?
-Айымньы дьиҥ кистэлэҥ күүһэ ити. Бүтүн айылҕа, киһи кылгас олоҕо уонна өлүү бүүс бүтүннүү бииргэ суулаһан, бу дьоҕус тыымпыга кэрэтийбит дьүһүнэ. Манна ону барытын чөкөччү түмпүт балыксыт Былатыан буолар. Кини барбытын да кэннэ олох тыына быстыбатах .
«Көр манна бурдук үүннэрбиттэр ээ. Бу Былатыан оҕонньор уола кэлэн ыстаҕа » диир саха эдэркээн ыччата…
Былатыан курдук, чуумпу айылгылаах саха дьоно, ирбэт тоҥноох муус дойдуну иччилээн олорбут үтүө холобурдара – бу буолар бүтүн олох ис дьиҥэ. Ону таба көрбүт, ону таба сыаналаабыт уонна ис-иһигэр киирэн иһирэхтик иэйбит эбит, Николай Денисович Неустроев.
01.03.2020
— Иччи ытык өйдөбүл буоларын ийэ тыаҕа олохтоох Былатыан оҕонньор баардылаан бардаҕа…
— Саха олоҕо алаастан, тыаттан силистэнэр эрдэҕинэ иччи итинник суолталааҕа. Сааһын тухары күөлгэ балыктаан, тыаҕа бултаан ньим бааччы сылдьыбыт Былатыан оҕонньор кими да, бэл оннооҕор сир-дойду иччитин аймаабакка барыыта айыы киһитин майгыта буолар.
— “Балыксыт” суруллуута хаһааҥҥыный?
— 1926-1927 сыллаахха «Чолбон» сурунаалга бэчээттэммитинэн сылыктаатахха, сол кэм чугаһа эбэтэр адьас эрдэтээҥҥи буолуон сөп. Айымньы ис тыына бэчээттэмит сыллар дьалхааннарыттан бэрт ойуччу. Онон, арааһата, гражданскай сэрии иннинэ айыллыбыт диэҕи баҕарыллар.
— Тоҕо оннук диигин?
— Бу кэпсээҥҥэ норуот тылын-өһүн иэйиитэ күүстээх. Ону таһынан аҥаардас иччи туһунан санаата төһөлөөх истиҥий ! Оттон бэчээттэммит бириэмэтигэр уус-уран литератураҕа партия политикатын киллэрии тула хайы-үйэ мөккүөр саҕаланан барбыта эбээт. «Чолбону» ол сахха Алампа уус-уран альманах быһыытынан туруулаһа, ону бигэргэтэ сатыырын саҕана.
«Балыксыт», онон, норуот уус-:уран айымньыта уонна сэбиэскэй литература инники кирбиини былдьаһар киирсиилэригэр олоҥхо бухатыыра Айыы аймаҕын көмүскүүрүн курдук, саха айыы санаатын туруулаһыы чаҕылхай холобура буолбута.
03.03.2020
— ХХ үйэҕэ киһи буолуу туһунан саха көрүгэ наһаа да сытыытык турбут. Өксөкүлээх, Алампа уонна эдэркээн Николай Неустроев суруйууларын анаардахха.
— Ити эрэ буолбатах. Олоҥхону ыл, остуоруйаы ыл, өс хоһоонун даҕаны ыл – быһатын эттэххэ, хас биирдии тыл баһыгар-төрдүгэр киһи буолуу туһа этиллэ сылдьар. Биһиги тыыммытын иитэн киһитийиибит бүтүннүүтэ тыл-өс, сиэр-майгы буолан күннэтэ арылла турар. Киһи буолуу уонна кыыллыйыы, сүөһүтүйүү уратыта итиннэ сытар. Бэйэҕэ баар тыын сэттэ олоҕун арыйбакка, ону үүннэрэн-ситэрэн испэккэ, аҥаардастыы туораттан киириини кэлтэй үтүктэн түөһү өтөтөр, бэрдимсийэ туттар олус судургу уонна бэрт кэбэҕэс. Оттон бэйэни бэйэ киһи гынар аһары кытаанах….
А.Павлов-Дабыл.
« »