Быйыл биһиги кылааспытыттан бииргэ үөрэнэр дьүөгэбит Айыллаана Хаброва Ил Дархан Харыйатыгар барар чиэскэ тигистэ.
Кини айылҕаттан бэриллибит ураты дьоҕурдаах. Айыллаана иллэҥ кэмигэр иистэнэрин, оҕуруо тиһэрин, кылынан-сиэлинэн сахалыы таҥастары, илин кэбиһэри, киэргэли оҥорорун олус сөбүлүүр. Дьүөгэбит оскуолаҕа эмиэ ситиһилээхтик үөрэнэр, кини үөрэҕэр олус кыһаллар. Иистэнэрин таһынан, кини наһаа үчүгэйдик уруһуйдуур, хомустуур өссө ас астыыр, ол аһа наһаа минньгэс буолар.
Айыллаананы кыра эрдэхпититтэн билэбит, биир уһуйааҥҥа сылдьыбыппыт. Онтон Верхоянскай орто оскуолатыгар 8 кылааска диэри үөрэммитэ, 9 кылаастан биһигини кытта бииргэ үөрэнэ сылдьар. Кини бэйэтэ наһаа холку, сэмэй майгылаах кыыс. Кыра эрдэҕиттэн эбэтэ Елена Макаровна ииппитэ. Эбэтэ иистэнэрин көрөн, олус кэрэхсээн, V кылаастан бэйэтэ эбэтин кытта иистэнэр буолбута.
Айыллаана араас таһымнаах быыстапкаларга ситиһиилээхтик кыттар. Word Skills-ка “Эдэр профессионаллар” кылынан оҥоруу сатабылыгар бастакы миэстэ буолбута.
Биһиги Айыллаанабыт ис сүрэҕиттэн сахалыы майгылаах, саха үгэһин, сиэри-туому билэр, тутуһар. Доҕорбутун Саха сирин бастыҥ үөрэнээччилэрин Харыйатыгар барар буолбутун истэн биһиги олус үөрдүбүт, киниэхэ үрдүрктэн үрдүк ситиһиилэри, айар талаана өссө сайдар турарыгар, быйыл туттарар БКЭ стиһиилээхтик туттаран, ыра санаата олоххо киирэригэр баҕарабыт.
Бииргэ үөрэнэр доҕотторо Сахайаана Стручкова, Оля Аммосова, Вася Бережнов, Коля Попов, Боронук орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччилэрэ.