«Айылҕаҕа туох барыта ситимнээх. Холобур, от-мас суох буоллаҕына – көтөр-сүүрэр эстэр, өрүстэр, күөллэр уоллахтарына – балык симэлийэр, уу киртийдэҕинэ – тыынар тыыннаах эмсэҕэлиир. Бу барыта хас биирдии киһиэхэ охсор, ыарыылаах буолар, айылҕа эстэргэ барар. Ол иһин сирбитин, айылҕабытын харыстыахтаахпыт, ыраас буоларыгар кыһаллыахтаахпыт, кыра эрдэхпититтэн тулалыыр эйгэбитин харыстыы үөрэниэхтээхпит» — диэн Толя уол кэпсээнин саҕалыыр.
Толя Вензель, Горнай улууһун С.И.Тимофеев-Кустуктаанап аатынан Маҥаны орто оскуолатын 9 кылааһын ситиһиилээхтик түмүктээтэ. 2020 сылтан батарейкалары мунньарга санаммыт.
—Үтүө күнүнэн! Толя, олус дьикти дьарыктаах эбиккин. Туох санааттан батарейкалары хомуйарга санаммыккыный?
-Үтүө күнүнэн! Биһиги олорор дойдубутугар сыл аайы 15 000 тонна туттуллубут, буорту буолбут батарейкалар сыбаалкаҕа быраҕыллаллар эбит. Батарейка уонунан сыл сытыан сөп. Ол сытан ууну, сир почватын араас дьааттаах эттиктэринэн сутуйар. Санааҥ көрүҥ, биир устуука батарейка 20 квадраттаах иэннээх сири, 400 лиитирэ ууну, икки үүнэн турар маһы сиэн сөп. Олус буортулаах, куһаҕаннык дьайар. Бөх-сах, сыбаалка, иһэр уубут кыһалҕата хас биирдии нэһилиэккэ сытыытык турара буолуо ди саныыбын. Ол иһин ийэбин кытта сөбүлэһэн баран, батарейкалары хомуйан анал туттар тэрилтэлэргэ туттарар буолбуппут. Кыра да көмө туһалаах буолуо этэ. Барыта кыраттан саҕаланар.
—Батарейкалары бэйэҥ мунньаҕын дуо?
-Оннук. Маҕаһыыннарга, оскуолаҕа, оҕо саадыгар анал иһит уурабын. Сороҕор нэһилиэк дьоно баҕаларынан аҕалан биэрэллэр. Хас биирдии батарейканы ыйааһыннаан, суоттаан, дьоммун кытта Дьокуускайга киирдэхпитинэ анал туттарар сиргэ тиксэрэбин.
—Эйиэхэ бу дьарык тугу биэрэрий?
-Миэхэ бу эбии туһалаах дьарык дии саныыбын. Дойдубар, дьоммор туох эрэ туһаны аҕалабын диэн сыаналыыбын. Холобур, урут батарея буортутун ким да үчүгэйдик билбэт этэ. Билигин дьон өйө-санаата уларыйбыт. Сылын аайы уурбут иһиттэрим хаппаҕа баппат гына туолан турар буолаллар. Маннык хас биирдии нэһилиэккэ аахсыйалар ыытыллаллара буоллар, айылҕабыт барахсан ырааһырыа, чэчириэ этэ. Дьон бэйэтэ өйдөөн эмиэ маннык батарейканы мээнэ бырахпат, анал сиргэ туттарара буолуохтара этэ. Сыл аайы «Сдай батарейку, спаси планету!» аахсыйаҕа кыттабын. «Инникигэ хардыы» конференцияҕа, араас күрэхтэргэ кытта сатыыбын.
—Ааҕааччыларга тугу баҕарыаҥ этэй?
-Биһиги бииргэ төрөөбүт биэспит. Бары тэлгэһэбитин ыраастык тутабыт. Куруук дьоммутугар көмөлөһөн тирэх буолабыт. Ийэм сибэкки эгэлгэтин үүннэрэр. Кыра эрдэхпититтэн айылҕаны харыстыырга угуйар. Аҕабыт эмиэ куруук айылҕаҕа, сайылыкка илдьэ сылдьар. Мин санаабар оҕо ырааһа, амарах санаата, сүрэхтээх буолуута тэлгэһэтин иһиттэн саҕаланар. Онон айылҕабытын харыстыаххайыҥ! Айылҕа уонна киһи ситимнээҕин умнумуоххайыҥ. Айылҕаҕа сылдьан бөҕү-саҕы хаалларыман. Ыраастык, харыстаан сыһыаннаһа сатааҥ. Тэлгэһэҕитигэр от-мас үүннэриҥ.
Нюргуяна Захарова