13 төгүлүн ыытыллыбыт “Айылҕа уонна мин” экологическай акцияны түмүктүүр дьоро киэһэҕэ, ыраахтан-чугастан үгүс киһи кэлбит. Санатан аастахха, СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ 2017 сыллаахха Ханты-Мансийкай аптаныамынай уокуруктан “Айылҕа уонна мин” диэн экологическай акцияттан старт ылбыта. Кулун тутар 22 күнүгэр—аан дойдутааҕы уу күнүттэн саҕалаан, экологическай халандаар оҥоһуллан, араас хайысхалаах үлэлэр, тэрээһиннэр, куонкурустар тиһигин быспакка ыытыллаллар. Бу сүрүн сыалынан экологическай култуура таһымын үрдэтии буолар.
Саха сирэ 2005 сыллаахха, Россия үрдүнэн бастакынан, “Экологическай үөрэхтээһин уонна сырдатыы” диэн сокуону ылыммыта. Дьыссаат оҕолоруттан, тиэргэнтэн экология саҕаланыахтаах диэн, дьиэ таһыттан саҕалаан ыраас буоларга, оту-маһы харыстыырга, төрөөбүт дойдуну таптыырга, киэн туттарга ситимнээх үлэ саҕаламмыта. Ити быыһыгар оскуола оҕолоругар, улахан дьоҥҥо араас куонкурустар тэриллибиттэрэ. Экологтар, көҕүлээччилэр тэрийиилэринэн араас хабааннаах үлэлэр ыытыллаллар. Суруналыыстарга анаан харыстанар сирдэринэн айаннар тэриллибиттэрэ.
Быйылгы сылга 250 тыһыынча киһи, экологическай акцияҕа кыттыбыт. Маны барытын көҕүлээччи дьон иилииллэр-саҕалыыллар. Сыллааҕы түмүк дьоро киэһэтэ кинилэргэ ананна. Бастыҥ тэрийээччилэри чиэстээтилэр, ситиһиилээхтэри өрө туттулар. Ол быыһыгар Дьокуускай куорат 31-с оскуолатын VI “Д” кылааһын үөрэнээччилэрин “Эколята”диэн ааттаах хамсааһыҥҥа ыллылар.
“Айылҕа уонна мин”, “Оҕо хараҕынан Саха сирин кыһыл кинигэтэ”, “Экосуумка”, “Экология тиэргэнтэн саҕаланар”, “Сахам сирин айылҕата мин ырыабар” куонкурустар кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар.
Дьоро киэһэни Саха сирин бастыҥ ырыаһыттара, ХИФУ уонна норуодунай үҥкүү ансаамбыллара киэргэттилэр.
Куонкурус түмүгүн СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин саайтыгар көрүҥ.
Ааптар: Иван Андросов
Фото: Василий Пак