Билиҥҥи үйэҕэ аныгы киһиэхэ төһө баҕарар аан дойдуну кэрийэр, күүлэйдиир кыах баар. Бу коронавирус турбутун аахсыбатахха. Уонна саҥа технология, Интернет көмөтүнэн даҕаны атын омук дьонун кытта билсиэххэ, кэпсэтиэххэ сөп. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕиттэн омук тылыгар үөрэтии күүскэ барыахтаах. Ол эрээри, манна барытыгар олугунан, төрүөтүнэн төрөөбүт саха тылбытын билии буолар.
Биир эрэ, холобур, ангылычаан тылынан эрэ буолбакка, өссө эбии атын омук тылын оҕо билэрин, кэпсэтэрин ситиһиэххэ син. Ол полилингвизм диэн ааттанар. Поли-элбэх, лингва- тыл. Саха оҕолорун ыллахха, бары – билингвалар. Би- икки, лингва –тыл. Икки тылынан, саха уонна нуучча, саҥараллара, өйдүүллэр. Аныгы үйэҕэ икки эрэ, дойду иһинэн эрэ кэпсэтэр тыллары билии диэн – тутах, аҕыйах. Оҕолорбут аччаабыта 3 тылы билиэхтээхтэр: саха, нуучча уонна ангылычаан тылын. Манна төрөөбүт тылы билии атын омук тылын баһылааһыҥҥа олук, төрүөт буолар.
Эдэр саха ийэлэрин ортотугар төрөөбүт тылы билиини таһынан, оҕолорун хас да омук тылынан тэҥҥэ иитэр-үөрэтэр холобурдар бааллара киһини кэрэхсэтэр. Оннук биир сайдыылаах көрүүлээх эдэр ийэнэн 30 саастаах Айталина Николаевна Романова буолар. Кини кэргэнин кытта уон үс саастаах Алинаны, биэстээх Митяны, үстээх Аинаны полилингвалар гына иитэллэрин туһунан биһиэхэ кэпсээтэ. Романовтар оҕолорун кытта дьиэлэригэр сахалыы кэпсэтэллэрин тоһоҕолоон бэлиэтиибит.
— Мин бэйэм филолог үөрэхтээхпин, СВФУ ИЗФиР дьоппуон тылын бүтэрбитим. Кэргэним Георгий — биолог- генетик үөрэхтээх учуонай.
Мин үс сааспар аҕам үлэтинэн Япония киин куоратыгар Токиоҕа көһөн барбыппыт. Онно уон сааспар диэри олорбуппут. Дьоппуон уһуйааныгар сылдьыбытым, оскуолаҕа үһүс кылааска диэри үөрэммитим. Японияҕа балтым төрөөбүтэ.
Ол ыраах дойдуга олорон, дьоннорбут сахалыы тылбытын умуннарбатахтара, дьиэбитигэр бары сахалыы кэпсэтэрбит. Онтон дьоппуон тыла иккис тылым буолбута. Онно ангылычаан тылын эмиэ үөрэппитим. Дьокуускайга көһөн баран, аны нууччалыы саҥарарга үөрэммитим. Онон оҕо эрдэхпиттэн 4 тылы билэбин, саҥарабын.
Улахан кыыспыт ДЦП-лаах төрөөбүтэ. Ыарыыта өйүгэр охсубатах буолан, барытын билэр, өйдүүр, сахалыы, нууччалыы саҥарар. Кинини эмтэтээри, Кытайга үс төгүл баран олоро сылдьыбытым. Онно кыыһым иккилээх этэ, кытайдыы саҥарарга дэбигистик үөрэммитэ. Мин эмиэ кинини кытта тэҥҥэ үөрэммитим.
Төһө даҕаны, атын омук тылын билэллэрин ситиһэр сыаллаах буолларбыт, оҕолорбут маҥнайгы тыллара саха тыла буолар. Онтон улаата түстэхтэринэ, нууччалыы билэр буолаллар. Салгыы ангылычаан, дьоппуон тылларыгар сыыйа-баайа үөрэтэн иһэбит. Биһиги барытын оонньуу курдук үөрэтэбит. Оҕолорбутун кытта өрүү кэпсэтэ, ону-маны ыйыта, өйдөөбөттөрүн быһаара сылдьабыт. Пандемия иннинэ бары дьиэ кэргэнинэн араас Азия, Европа дойдуларыгар элбэхтэ күүлэйдээбиппит, оҕолор айанныы үөрүйэхтэр.
Оҕо атын дойдуга сылдьан, тылга да үөрэнэр, бары өттүнэн сайдар даҕаны. Ол эрээри, эдэр ийэлэр умнуо суохтаахтар: оҕо иитиитин-сайдыытын төрдө төрөөбүт тыла буолар. Саха оҕото сахалыы саҥарыахтаах. Оччоҕо эрэ норуот быһыытынан эстэр быаҕа тиийбэккэ, салгыы сайда-тэнийэ туруохпут.
Ааптардар: Таисия Алексеева, Иван Евсеев.