Айталина Никифорова күһүн сэттис кылааска киириэ. Кыра кылаастан туйгуннук үөрэнэр. Үөрэнэр биридимиэттэриттэн тыл уруоктарын ордорор.
Перемена кэмигэр эбэһээт кинигэ ааҕа эбэтэр уруһуйдуу олорорун көрүөххэ сөп. Оскуола уонна нэһилиэк бибилэтиэкэлэриттэн кинигэни саамай элбэхтэ уларсан ааҕар оҕолортон биирдэстэрэ. Ааҕар буолан, сахалыы, нууччалыы тыла-өһө, суруйар дьоҕура улам-улам сайдан иһэр.
Айтаны ийэтэ Христина Ахметовна бэлэмнээн, араас таһымнаах научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ кыттан, былырыын «Ньурба олоҥхотун ааттарын уратыта»диэн үлэтинэн оройуоҥҥа лауреат аатын ылан, салгыы Дьокуускайга кыттыыны ылан, улаханнык биһирэнэн, эмиэ лауреат буолбута. Өссө үлэтин ангылычаанныы тылбаастаан, холкутук кэпсиирин ааһан, ыйытыыларга ботуччу эппиэттиир. Онон Москва уобалаһын Реутов куоратыгар кыттыыны ыла барыахтаахтарын, Аан дойду үрдүнэн бүрүүкээбит бу
пандемия мэһэйдээн барбатылар.
Айта араас дойду ырыаһыттарын, бөлөхтөрүн сөбүлээн истэр. Ол курдук, Корея BTS бөлөҕүн ырыаларын истэн, санаата көтөҕүллэн, ырыаһыт уолаттары уруһуйдуурун наһаа сөбүлүүр эбит. «Бастаан кырааска харандааһынан, онтон кэлин Интернеттэн көрөн үөрэнэн, боростуой харандааһынан эрэ уруһуйдуур буоллум», — диир Айта. BTS бөлөх икки төгүл «Артисты года» диэн улахан ааты ылбыт. Онон билиҥҥи ыччат кутун-сүрүн туппут биллиилээх бөлөх буолар.
Айта ыал улахан оҕото, оҕо саадыгар сылдьар балтылаах, бырааттаах. Кинилэри наһаа бэркэ көрөр-харайар. Маны таһынан, сайыҥҥы кэмҥэ айылҕа кэрэтин сөбүлээн, онлайн ньыманан экология-биология лааҕырыгар дьарыктанар. Сайын барахсан бэрсэр сир аһын үргүүрүн эмиэ сөбүлүүр.
Ааптар: Таисия Иванова, саха тылын уонна литературатын учуутала.
Ньурба, Күндээдэ