Бүгүн, олунньу 18 күнүгэр, С.А. Ноҕуруодап аатынан «Айар» национальнай кинигэ кыһата «AyarBook» («Айарбук») диэн ураты, сонун мобильнай сыһыарыыны сүрэхтээтэ. «AyarBook» — сахалыы, нууччалыы уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тылларынан оҥоһуллубут электроннай кинигэлэри ааҕар уонна аудио-кинигэлэри истэр бастакы мобильнай сыһыарыы буолар. Саха Автономията тэриллибитэ 100 сылын уонна үөрэх кыһаларыгар Ааҕыы сылын көрсө оҥоһуллан тахсыбыта өссө үрдүк суолталанан биэрдэ.
Бэлиэ күҥҥэ СӨ Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников, СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Юрий Куприянов, СӨ инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникационнай технологияларын миниистирин солбуйааччыта Георгий Андреев кыттыыны ыллылар.
Аныгы кэм ирдэбилинэн тэрээһин куйаар ситимин нөҥүө быһа холбонуунан көһүннэ.
Саҥа мобильнай сыһыарыыны С.А. Ноҕуруодап «Айар» НКК генеральнай дириэктэрэ Август Егоров билиһиннэрдэ:
— Бүгүҥҥү күн ааҕааччытын үрдүк ирдэбилигэр толору эппиэттиир аныгы электроннай бибилэтиэкэ буолар. Бу сыһыарыыга биһиги кыһабытыгар тахсар кинигэлэр бэрт судургу эрээри, туттарга олус табыгастаах электроннай уонна аудио көрүҥүнэн киирдилэр. Маннык платформалар аан дойду ырыынагар аҕыйаҕа суохтар, саҥа сүүрээн буолбатах эрээри, биһиги «Айарбукпут» биир сүрүн уратыта — бу күҥҥэ диэри биир да электроннай бибилэтиэкэ сыһыарыытыгар сахалыы контент киэҥник киирбэтэҕэ, ону таһынан хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларынан — дьүкэгиирдии, эбээннии, эбэҥкилии, долганныы букатын суох. Онон бу чахчы ураты сыһыарыы буолар!
Биһиги кыһабыт бастакы мультимедийнай кинигэни 2010 сыллаахха оҥорон турабыт. Сыыппара эйгэтигэр биир уустук үлэбитинэн үөрэтэр кинигэлэри (учебниктары) электроннай көрүҥүнэн оҥоруута буолар. Сорохтор өйдүүллэр, электроннай учебник халыыба — кумааҕы кинигэ куопуйата диэн. Оннук буолбатах, электроннай үөрэх кинигэтэ чыҥха атын буолар, бу электроннай эйгэ туох баар кыаҕын, сатабылын барытын туһанан оҥоһуллар. Ол иһин биһиги «Айарбук» мобильнай сыһыарыыны оҥорон таһаарарбытыгар, уонтан тахса сыл устата сыыппара эйгэтигэр сыыйа-баайа киирэн, толору баһылаан, өй-санаа, билии өттүнэн ситэн, электроннай кинигэлэри ааҕар, истэр ким баҕарар туттар, сатыыр табыгастаах төлөпүөн сыһыарыытын оҥорон таһаардыбыт диэн тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын.
«AyarBook» сыһыарыыны Алексей Баишев салайааччылаах «Квантум» саайтары уонна мобильнай сыһыарыылары оҥорор IT тэрилтэ былырыыҥҥыттыттан тохсунньу ыйтан саҕалаан оҥорбут.
Оҕо, аҕам саастаах да киһи туттарыгар уустуга суох. Өссө биир үчүгэйэ диэн — сөбүлээбит кинигэлэргин эрдэттэн хачайдаан баран, Интернет ситимэ суох сиригэр (холобур, ыраах айаҥҥа, тыаҕа) ааҕыаххын сөп. Бу сыһыарыыны төлөпүөҥҥэ, планшекка Google Play, эбэтэр App Store киирэн, AyarBook диэн суруйан, босхо хачайдыыгын.
«Билиҥҥи туругунан электроннай бибилэтиэкэ 550 кэриҥэ кинигэни түмэн турар, ол иһигэр 67 аудио кинигэ баар, маны таһынан сүүстэн тахса буор босхо кинигэни сурутуута суох күн бүгүн ааҕар кыахтааххыт. Онтон сыһыарыыны суруттарарга, бэйэҕэр сөптөөх тарыыбы талыахха сөп. Ол аата мобильнай сыһыарыыга сурутуу диэн — туох да хааччаҕа суох сыһыарыынан туһаныы, ол эбэтэр биир-икки кинигэни эрэ буолбакка, бибилэтиэкэни барытын ылан ааҕыахха сөп. Сурутуу икки көрүҥнээх: стандарт уонна премиум. Холобур, «Стандарт» сурутуу тарыыба оҕолорго аналлаах, манна оҕолорго аналлаах кинигэлэри уонна уус-уран айымньылары ааҕарга «көҥүл» ылаҕыт», — диэн сурутуу туһунан «Айар» НКК атыы-эргиэн салаатын салайааччытын солбуйааччыта Виктория Корякина билиһиннэрдэ.
Мобильнай сыһыарыы хас даҕаны тус-туһунан салааттан турар. Дьиэ хаһаайкаларыгар, кэрэ аҥаардарга — ас-үөл ырысыаптара киирбит кинигэлэр, оҕолорго аналлаах – остуоруйалар, кэпсээннэр, үөрэтэр кинигэлэр, учууталларга – учуобуньуктар уо.д.а. киирдилэр.
Сыһыарыы биир салаатыгар «Ил Дархантан аудио бэлэх» диэн Саха тыйаатырын артыыстара саха классик суруйааччыларын айымньыларын аахпыт аудио кинигэлэрэ күндү бэлэх буолан киирдилэр.
— Киһи олох кыра эрдэҕиттэн аахтаҕына, өйө-санаата, толкуйдуур дьоҕура, тыла-өһө, тылын баайа сайдар. Мин, холобура, бэйэм бастакы улахан ааҕыыларым 7 кылаастан саҕаламмыттара. Бастакы аахпыт кинигэм Николай Якутскай «Төлкө» романа буолар. Ол кинигэни сүрдээҕин астынан, тохтообокко эрэ ааҕан бүтэрэн, өссө салгыыта баарын билэммин, эбэбиттэн көрдөөммүн, «Илин уонна арҕаа» кинигэтин аахпытым. Онтон улам умсугуйан, «Сүрэх тэбэрин тухары», «Сааскы кэм» диэн айымньылары аахпытым уонна күн бүгүнүгэр диэри ааҕарбын туохтааҕар да ордоробун. Онон бу саҥа төлөпүөн сыһыарыыта билиҥҥи олох ирдэбилигэр эппиэттиир, хаачыстыбалаах уонна суолталаах үчүгэй сыһыарыы буолар. Онон бу сыһыарыы көмөтүнэн 550-чэкэ кинигэни киһи сиэбигэр укта сылдьан ааҕар кыахтанна. Онон тус бэйэм ааппыттан эмиэ үөрүүбүн биллэрэбин. Бу сыһыарыыны үөрэх тэрилтэлэрэ, туһааннаах министиэристибэлэр, тэрилтэлэр, бибилэтиэкэлэр, оскуолалар бары туһаныахтара диэн эрэнэбин. Өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһинигэр сүрдээх үчүгэй суолталаах бэлэх буолла, — диэн эҕэрдэ тылын СӨ Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников эттэ.
Айар кинигэ кыһата аныгы олоххо тустаах, туһалаах таһаарыыта киэҥ эйгэҕэ тарҕанан, биллэн-көстөн, туһалаан иһиэҕэ диэн эрэнэбит. Сахалыы кинигэни ааҕыҥ, истиҥ, өрүү аттыгытыгар илдьэ сылдьыҥ, сахабыт тыла-өһө сайда, чэчирии турдун!
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.
Ааптар хаартыскалара.