Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа аатын сүгэр «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата өрөспүүбүлүкэбитигэр биир саамай суолталаах уонна сүнньүлээх «»Айар ыллык» Саха сирин норуотун остуоруйаларын лабораторията» диэн бырайыагы саҕалаата.
Бырайыак Саха автономиятын 100 сылын көрсө Саха сирин норуотун 100 остуоруйатын суруйан, ааҕан, туруоран, уһулан, остуоруйа лабораторията диэн улахан бырайыакка түмэр уонна оҕоҕо төрөөбүт тылга тапталы иҥэрэр, кини истэр, саҥарар, өйдүүр дьоҕурун сайыннарар, айар, суруйар талааннаах дьону көҕүлүүр, оҕо уус-уран литературатыгар суруйар саҥа ааттары булар сыаллаах-соруктаах ыытыллар.
Онон улахан сүнньүлээх бырайыакка Сахабыт сирин бары улуустарыттан айар куттаах дьоммут бииргэ холбоһон кыттаргытыгар ыҥырабыт!
Сиһилии Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ Татьяна Ильинична Жиркова ыҥырыытын истиэххэйиҥ:
Куонкурус балаһыанньатын бу ссылканан киирэн билис:
Күндү доҕоттор!
Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө «»Айар ыллык» Саха сирин норуотун остуоруйаларын лабораторията» литературнай куонкуруска көхтөөх кыттыыны ылаҥҥыт бэйэҕит, төрөөбүт дойдугут аатын ааттатыҥ, историяҕа хаалларыҥ!