Илья Афанасьевич Васильев — Ылдьаа Хоточчу 1959 сыллаахха Хаҥалас улууһун Хоточчу сэллиэнньэтигэр төрөөбүтэ. 1 Дьөппөн орто оскуолатыгар үөрэнэ сырыттаҕына, спорка дьоҕурдааҕын бэлиэтии көрөн, Чурапчытааҕы Оҕо спортивнай оскуолатыгар ыҥыран үөрэттэрбиттэрэ. Илья онно үөрэнэн, сайдан, оҕунан ытыыга сахалартан төрдүс киһинэн «СССР спордун маастара» ааты ылбыта. 1976 сыллаахха «Урожай» Бүтүн Россиятааҕы спортивнай түмсүү чемпиона, ыччаттарга Россия призёра буолбута.
Илья Афанасьевич төрөөбүт сирин, Хоточчутун олус таптыыр буолан дойдутуттан тэйбэтэҕэ. Оскуола кэнниттэн Советскай Армия кэккэтигэр икки сыл, Чита куоракка спортивнай ротаҕа сулууспалаабыта. Ити сылларга Забайкальскай байыаннай уокурукка чемпионнаабыта. Онтон «Октябрь 50 сыла» төрөөбүт сопхуоһугар, онтон тыа хаһаайыстыбатын кооперативыгар оробуочайынан, механизаторынан үлэлээбитэ.
2016 сыллаахха бастаан Ылдьаа диэн аатынан бассаапка күн-дьыл, айылҕа уларыйыытын туһунан хоһооннор тарҕанан барбыттара.
2017 сыллаахха «Дойдум сылаас тыына» бастакы кинигэтэ күн сирин көрөр. Ааптар маҥнайгы хомуурунньугар араас сылларга суруллубут хоһоонноро киирэллэр. Бу айымньыларыгар хомоҕой тылынан ийэ дойдуга таптал, айылҕа кэрэ көстүүлэрэ, маҥнайгы умнуллубат эдэр саас таптала.
Саҥа ааптары Ылдьааны «Өлүөнэ долгуннара» түмсүүгэ чилиэнинэн ылаллар. Хоһоонноро Чолбон сурунаал Сэмсэ сыһыарыытыгар, онтон 2017 сыллаахха «Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт» хомуурунньукка уонна «Киин куорат», «Хаҥалас» хаһыаттарга бэчээттэммитэ.
Сыллата ыытыллар «Дьон сэргэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх «Дебют 2018» номинациятын кыайыылааҕа. 2018 сыллаахха «Саҥа дьылга истиҥ иэйиилэр» диэн «Айар кут» түмсүү хомуурунньугар уонна «Киин куорат», «Хаҥалас» хаһыаттарга бэчээттэммиттэрэ.
Ылдьаа — Хоточчу төрөөбут дойдутугар тапталы, дьыл араас кэмин олус кэрэтик ойуулаан, олох туһунан иэйиилээх хоһоонноро киирдилэр.
Хоточчу мин дойдум
Халлааны харбаспыт
Хаһытыыр очуостаах
Хаҥыллык хардыылыы
Хаҥалас сиригэр.
Үс үөстээх өрүһүм
Үргүөрүн үрдүгэр,
Эҥсиллэр элиэнэм
Эргийэр кэмигэр.
Быыс чараҥ суугунуур
Киэҥ хочо хонноҕор,
Бэс чагда чэлгийэр
Күөх мыраан анныгар.
Тураҕын чэлгиэҥҥэ
Тыаллардыын хатыһа,
Үс кутум уйата
Мин дойдум – Хоточчу.
Варламова Акулина, Хоточчу сүрүн орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ,
салайааччы библиотекарь Егорова Лидия Петровна