Дүллүкү орто оскуолатыгар РФ үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара» аат хаһаайына, нуучча тылын, литературатын учуутала Платонида Семеновна Петрова аатынан улуустааҕы «Проба пера» тэрээһин ыытылынна. Куонкуруска нууччалыы уонна сахалыы хоһоон айар оҕолор кытыннылар. Боотулуу, Хоро, Балаҕаннаах уонна Хомустаах оскуолатын оҕолоро суол-иис мөлтөҕүттэн иҥнибэккэ, ыҥырыыбытын ылынан кэлэн көхтөөхтүк кытыннылар.
Күрэх бастакы чааһыгар оҕолор саха, нуучча тылынан бэйэлэрэ суруйбут хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр, оттон иккис түһүмэххэ чаас аҥаарын иһигэр “Учууталга” диэн утары бэриллибит тиэмэҕэ тута айар дьоҕурдарын көрдөрдүлэр. Күрэххэ уопсайа отут хоһоон айар оҕо кыттынна.
Сахалыы хоһооҥҥо бастыҥынан Айыына Петрова (6 кыл., Дүллүкү) уонна Анна Степанова (9 кыл., Хоро), онтон нууччалыы суруйууга Артемий Жендринскай (5 кыл., Балаҕаннаах) уонна Чөмчүүнэ Неустроева (9 кыл., Боотулуу) ааттаннылар.
Ону таһынан анал ааттар бэрилиннилэр:
“Артистичное исполнение” — Алина Санникова (8 кыл., Дүллүкү)
“Лиричное исполнение” — Снежана Егорова (9 кыл., Боотулуу)
“Задорное исполнение” — Маргарита Михайлова (6 кыл., Хомустаах),
“Оригинальное стихотворение” — Валерия Григорьева (9 кыл., Хоро)
“Эмоциональное исполнение” — Сардаана Жендринская (8 кыл.,Балаҕаннаах) буоллулар.
Күрэх Муҥутуур кыайыылааҕынан Дайаана Гаврильева (9 кыл., Дүллүкү) ааттанна. Кыайыылаахтар бары грамотанан, мэтээлинэн, харчынан бэлиэтэннилэр. Дайаана Гаврильева анал кубогы, Платонида Семеновна оҕолоро туруорбут 5000 харчыларын тутта.
“Проба пера” тэрээһин бу хайысханан дьарыктанар оҕо бэйэтин көрдөрөрүгэр, инникитин сыал-сорук туруорунарыгар, сайдарыгар кыах биэрэр.
Илона Руфова, 9 кыл., Дүллүкү, «Эрчим» корпост.
Тута бэриллибит тиэмэнэн хоһоон суруйуутугар киирбит бастыҥ үлэлэри билсиэҕиҥ.
“Учитель”
Учитель – это тот, кто знания нам даёт,
Учитель – это тот, кто к успеху нас ведёт,
Без учителя это как без солнца,
А без солнца нам путь яркий не светит.
Пусть наши учителя будут за нас, как за горой,
Ведь мы их гордость и отрада,
И пусть время летит, как часы,
Ведь мы будем помнить кто нас учил.
Владимир Оконосов, Дүллүкү орто оскуолата, 9 кыл.
“Учителю”
В моей памяти
Вы строги и молчаливы,
Но часто вспоминаю я,
Ваши забавные мотивы.
С вами читать
Одно веселье!
Напряжение сломать
Вы умеете отлично!
Всегда думаю,
Вы — как поэт!
Маяковский к примеру,
Но у вас другой сюжет.
Благодарю учителя
За его наставление.
В душе идеи сея
Помогали вы мне.
Алексия Михайлова, Дүллүкү орто оскуолата, 9 кыл.
“Учителю”
Ты меня всему научил,
Кем быть и как жить подсказал,
“Живи, как человек”,- напоследок сказал
И во взрослую жизнь отправил.
Научил меня видеть в истине ложь,
Видеть яркий свет в пустующей мгле,
Искать людское добро в чистом зле
И не бояться, когда по телу проходит дрожь.
И вот я ухожу, твой вечный ученик,
Учиться и учить других.
Что же ты, учитель, весь поник?
Тебе ещё просветлять, учить других.
Я, твой вечный ученик,
Других жизни научу,
Прославляя твой светлый лик.
Виктория Золоторёва, Боотулуу орто оскуолата, 11 кыл.
“Учууталга”
Учууталбар махтанабын-
Кэрэни кэрэхсииригэр,
Үтүөнү баҕарарыгар,
Сыалга-сорукка тиэрдэригэр.
Күн-күбэй, мааны, кэрэ учууталбыт,
Баҕарыам этэ кэрэни-үтүөнү.
Учууталбыт барахсан, Үөрэ-көтө сырыт,
Хомойор диэни билимэ.
Мээнэҕэ учуутал буолбаккын,
Үөрэтэр-сайыннарар учуутал,
Суоттуурга, суруйарга үөрэппит киһи,
Бастакы учууталым — Мария Иосифовна.
Нарыйа Бугулова, Дүллүкү орто оскуолата, 8 кыл.
“Учителю”
Учителям, которые нас учили
Я им очень благодарна.
За то, что они учили нас писать,
За то, что учили вычитать,
За то, что учили нас всех!
За то, что вы нас терпели
Вот, за что уважение!
Учителя наши дорогие,
Вы нам очень дороги.
Пусть у вас будет всё наилучшее,
Счастливое и хорошее!
Даша Санникова, Дүллүкү орто оскуолата, 5 кыл.
“Учууталга махтал”
Учуутал барахсан,
Билиигин биэрбитиҥ,
Санааҕын биллэрбитиҥ.
Сылтан сыл үөрэппитиҥ,
Тугу билэргин эппитиҥ,
Билиигиттэн үллэстибитиҥ,
Үөрэҕи биэрбитиҥ.
Балаҕан ыйын 1 күнүгэр
Биһигини көрсөҕүн,
Үөрэтэн саҕалыыгын,
Учуутал барахсан.
Ганна Алексеева, Хомустаах орто оскуолата, 6 кыл.
keskil14.ru