«Ыллык» экспедициябыт быйыл 6-с төгүлүн ыытылынна. Экспедиция үөрэнээччи дойдутун, нэһилиэгин, улууһун историятын, айылҕатын билэ, харыстыы улаатарыгар ананар. Урукку өттүгэр нэһилиэкпит историятын үөрэппит эбит буоллахпытына бу сырыыга чугастыы сытар Сартаҥ нэһилиэгэр баран кэллибит. Баай историялаах бөһүөлэктэрин туһунан биһиэхэ оскуола, интернат үлэһиттэрэ, үөрэнээччилэр билиһиннэрдилэр. Ол туһунан экспедиция кыттыылаахтара маннык кэпсээтилэр:
Неустроев Семен, 10 кылаас: Мин Сартаҥҥа баран кэлэммин дэлби астынным. Сартаҥнар бэрт үчүгэйдик көрүстүлэр. Айаннаан тиийээппитин кытта интернат остолобуойугар итии минньигэс мииннээх, элбэх кэпсээннээх үлэһиттэр Марфа Афанасьевна Стручкова үс кыыһы (Аммосова Мая, Новикова Юлианна, Сотрудникова Лилиана) кытта үөрэ көрүстэ. Оскуола дириэктэрин иитэр өттүгэр солбуйааччы Татьяна Петровна Томская уонна дириэктэр сүбэһитин Евдокия Ростиславовна Собакина салайыыларынан биһигини көрсөргө анал бырагыраамма оҥороннор, Сартаҥ бөһүөлэгин билсии оскуолалалыгар, түмэллэригэр экскурсиянан саҕаланна. Манна биир дьикти тиит маһы көрөн соһуйдум да, сөхтүм да: ким эрэ соруйан эрийбитин курдук хас эмит төгүл эриллэҕэстээх, ол эриллэҕэстэрин кээмэйэ да тэҥнэринэн киһини сөхтөрдө. Бу маһы Семен Слепцов, 5 кылааска үөрэнэ сылдьан, оттуур Байҕа диэн сириттэн аҕалбыт.
Диана Ефимова, 7 кылаас: Сартаҥҥа бара сылдьан түмэллэрин интириэһэргээтим. Мас силиһиттэн оҥоһуллубут 3 атахтаах устуул туһунан Евдокия Ростиславовна маннык кэпсээтэ «Бу устуул бэйэтэ туспа номохтоох. Куһаҕан санаалаах киһи олордоҕуна суулларар уонна хаар түспүтүн бэйэтэ тэбиир» диэбитин истэн, айылҕа таайыллыбатах таабырыннара билигин да элбэҕин санаатым.
Другина Амелия, 8 кылаас: Мин «Ыллык» экспедициятыгар иккис сылдьыым. Бу иннинэ, былырыын Мэтээки учаастагар барсан кэлбитим. Сартаҥҥа баран кэлбиппиттэн үөрэбин уонна урукку өттүгэр билбэтэхпин элбэҕи билэн-көрөн кэллим. Бу нэһилиэккэ араас ис хоһоонноох сквердар оҥоһуллубуттар. Ол курдук «Юнкюр» диэн иккис аатынан биллэр Сартаҥ бөһүөлэгэ Хотугу эргимтэҕэ (Северный полярный круг) Арассыыйа Салехард куоратын кытта тэҥҥэ биир хайысхаҕа сытар. Саха сирин соҕотох географический объега буолар эбит. Историческай даннайдары Майя Аммосова, Лилияна Сотрудникова уонна Новикова Юлианна итэҕэтиилээхтик кэпсээннэр интириэспитин ордук тартылар. Бу сквер «Кырдал» диэн ааттыыр бөһүөлэк кытыытыгар баар кырдалларыгар турар. Манна агрохайысхалаах оскуолалара оттуур уонна хортуоска үүннэрэр сирдээхтэр, оҕуруот аһын үүннэрэр теплицалардаахтар эбит.
Коля Винокуров, 8 кылаас: Манна сквер арааһа барыта баар: Хотугу эргимтэҕэ турар бөһүөлэктэригэр, туруу үлэһит дьонугар, элбэх оҕолоох Герой ийэлэригэр, Улуу Кыайыыга, «Сартаҥ» совхоз сылгыһыттарыгар уонна зоотехник-ученай биир дойдулаахпыт Гаврил Алексеевич Аммосовка аналлаах олус тупсаҕай, аныгылыы оҥоһуулаах, уоттаах-күөстээх сквердар элбэҕи кэпсииллэр. Кэнчээри ыччаты төрөөбүт дойдуну таптыырга, киэн туттарга иитэр-үөрэтэр сыаллаахтар.
Егор Аммосов, 6 кылаас: Мин бу айаммытыттан астынан, элбэҕи билэн, оҕолордуун билсэн кэллим. Хотугу эргимтэҕэ икки эрэ географическай объектарга анаммыт скверы уонна 3 атахтаах «Тэгээт» диэн устуулу интириэһэргээтим. Сартаҥҥа көбүөр от тэлгэтиилээх футбольнай площадькалаахтар эбит. Спорт саалатыгар үс хамаанданан эстафетаҕа күрэхтэһиннэрбиттэрэ эмиэ интириэһинэй этэ. Хамаандаларбытыгар икки оскуолалар үөрэнээччилэрин булкаас талыллыбыттара. Көрдөөх эстафета чахчы да көхтөөхтүк ааспыта. Күрэххэ ким эрэ кыайыахтаах, ким эрэ кини кэнниттэн миэстэлэһиэхтээх. Ол курдук Коля Слепцов (Сартаҥ) хамандьыырдаах «Сокол» хамаанда бастакы миэстэ буолбуппут. Иккис «Хайа сахалара» (хам. Аммосов Денис, Арыылаах), үһүс «Дружба» (хам. Алеша Слепцов, Сартан) буолбуттара. Барыбытыгар грамота уонна минньигэс бириис биэрбиттэрэ.
Георгий Саввинов, 8 кылаас: Мин Сартаҥ историятын биллим. Элбэх оҕону кытта билистим, доҕордостум. Сквердарын астына көрдүм. Үөрэ-көтө көрсүбүт оскуола, интернат үлэһиттэригэр махталбытын биллэрэбит. Маннык экспедициялар биһигини, оҕолору, элбэххэ үөрэтэллэр: уһун айаны тулуйарга, бэйэ бэйэни кытта бодоруһарга, араас сирдэр тустарынан билиибитин хаҥатарга, күрэхтэргэ кыттарга, айылҕаҕа сылдьыы сиэригэр, бөҕү-сыыһы хомуйарга, дьоҥҥо көмөлөһөргө, саҥа билиибитин, информацияны дьоҥҥо сөптөөхтүк тиэрдэргэ, дьон кэпсээнин болҕойон истэргэ, экспонаты хомуйарга о.д.а олохпутугар туһалаах сатабылга уонна үөрүйэххэ. Өссө даҕаны маннык экспедицияларга үөрэн туран айанныаҕым. Салайааччыларбытыгар Наталия Алексеевна, Розалия Степановна Слепцоваларга, сымнаҕас айаннаах суоппарбытыгар Максим Павлович Мухиҥҥа, көҥүллээн ыыппыт оскуолабыт директорыгар Валентина Герасимовна Павловаҕа уонна төрөппүттэрбитигэр махталбытын биллэрэбит.
Бу курдук быйылгы үөрэх дьылыгар былааннаммыт былааммыт туолла. Оҕолор билиилэрэ өссө хаҥаабытыгар, дуоһуйа айаннаабыттарыгар салайааччылар үөрэбит. Олохторугар хаһан эмит туһаныахтара диэн эрэнэбит!
Розалия Степановна СЛЕПЦОВА,
география учуутала,
«Ыллык» экспедиция салайааччыта,
Арыылаах агрохайысхалаах оскуола, Дьааҥы.