Бу сайын мин «Сайдыс» лааҕырга сылдьан, «Тѳрѳѳбүт улууhум устун айан» диэн кыраайы үөрэтэр экспедицияҕа сырыттым. Бу сырыыбыт тѳрѳѳбүт дойдубут баай историятын үѳрэтэр, чинчийэр сыаллаах биир дойдулаахпыт, саха чулуу уола Максим Кирович Аммосов 125 сылыгар, Саха АССР тѳрүттэммитэ 100 сылыгар ананна.
От ыйын 27 күнүгэр 18 оҕо буолан, сарсыарда эрдэ Нам–Модут-«Чэбдик» лааҕыр-Хатырык-«Yрдүк Иирэ»-Нам туһаайыынан айаҥҥа туруммуппут.
Модут агропрофильнай хайысхалаах орто оскуолатын «Чэбдик» сынньалаң лааҕырыгар олус эйэҕэстик кѳрүстүлэр. Тиийээт да, билсэн-кѳрсѳн баран, идэни таларга кѳмѳлѳhѳр «Кидбург» диэн маастар–кылаастарга сырыттыбыт. Маастар кылаастары уhуйааччыларбыт, «Түѳлбэ» педагогтара, ыыттылар. Быраас, повар, йога, остуол оонньууларын тренердэрин идэлэрин кытта билистибит. Бары да олус наадалаах идэлэр. Баһаарынай идэтин туhунан Модут баһаарынай сулууспатын үлэhиттэрэ билиhиннэрдилэр.
«Чэбдик» лааҕыр дэриэбинэттэн 3 км.тэйиччи олус кэрэ айылҕалаах сиргэ турар эбит. Манна түѳрт саҥалыы тииптээх, тупсаҕай оноhуулаах олорор дьиэ, медпуун, остолобуой уонна спортсаала бааллар. Бу лааҕырга 25 оҕо сынньанар. Оҕолор хортуоппуй олордон, сыыс отун үргээн, тээпкэлээн үлэлэрэ элбэх. Теплицалара оскуола таhыгар тэйиччи буолан, нэдиэлэҕэ 1-2 баран кэлэллэр.
Хатырыкка кэлэн, М.К.Аммосов аатынан государственность историятын мусуойугар сырыттыбыт. Ол гынан баран мусуой өрөмүөҥҥэ турар буолан, барытын кѳрбѳтүбүт. Мусуой инструктора Станислав Александрович Дьяконов сиһилии кѳрдѳрдѳ, Түбэттэн аҕалыллыбыт Кириэс мас туhунан кэпсээтэ.
Салайааччыбыт Надежда Ивановна М.К.Аммосов оҕо сааhын, олоҕун, үлэлээбит сирдэрин туhунан билиhиннэрдэ. Онтон салгыы Хатырыктан чугас илин диэки М.К.Аммосов тѳрѳѳбүт улааппыт, оҕо сааhа ааспыт Аччыгый Арыы диэн сиргэ тиийдибит. Манна сибэкки арааhа, талах, хатың мастар үүнэр олус кэрэ айылҕалаах. «Yрдүк Иирэ» историко-архитектурнай комплекс үрдүк башнятыгар тахсан, тѳрѳѳбүт дойдубут кэрэ айылҕатын кѳрѳн астынныбыт, дуоhуйдубут. Сахалыы балаҕаҥҥа киирэн, сирбитин-уоппутун алҕаан чэйдээтибит уонна салгыы Наммытыгар айаҥҥа төттөрү туруннубут. Бу айан биһиэхэ умнуллубат кэрэ түгэнинэн буолла
Сахаяна Колесова, V кылаас. «Сайдыс» лааҕыр, Нам