Сунтаардааҕы политехническэй лиссиэй физикаҕа учуутала Клара Владимировна Иванова салайыытынан 2004 сылтан оҕолору кытта Дьэли үрэҕинэн хас да хонуктаах тыынан устуу- экспедицияны тэрийэр үтүө үгэс баар. Бу 18 сыл устата төһөлөөх оҕо төрөөбүт айылҕаларын кэрэтин кэрэхсээн, айылҕалыын алтыһан, онно ылбыт үөрүйэхтэрин олохторугар туһанан, өйдөрүттэн сүппэт кэрэ да, мүччүргэннээх да түгэннэри сүрэхтэригэр иҥэринэн илдьэ сылдьаллара буолуой!
Соторутааҕыта Клара Владимировна үөрэтэр физика кылааһын оҕолоро, барыта 9 оҕо, Дьэли үрэҕинэн үс күн устата тыынан устан кэллилэр. Кинилэри кытта география учуутала Валентина Петровна Афанасьева, лиссиэй биэлсэрэ Тамара Николаевна Степанова биир хамаанда буолан, сырыттылар.
Клара Владимировна оҕолору айылҕаҕа физика сокуоннарын арыйарга, кутааны отторго, хайдах таҥнан-саптан, астанан-үөллэнэн сылдьарга үөрэтэр. Онон оҕолор маннык түгэҥҥэ тайҕа оскуолатын (школа выживания) бараллар.
Бу үс күн устата иккитэ этиҥнээх ардах буолла. Оҕолор ардах аннынан хорсуннук тыынан уһуннулар. Таҥастара инчэйбитин даҕаны аахайбатылар. Онон хас тохтообут сирдэрин аайы ардахтаах күннэр туран, сииктээх маһынан кутаа оттон, кутаа оллоонун тэрийэргэ үөрэнэн, чэй, миин, хааһы буһарынан сырыттылар.
Этиҥнээх ардах тыаһын-ууһун, күн киириитин-тахсыытын, кустук араас өҥүн, уу оргуйарын физика сокуоннарынан быһаарарга үөрэннилэр. Кэлин бэйэлэрин олохторугар төһүү-көмө буолуо.
Тыынан устуу хамандыырынан Дима Мекумянов, 10-с кылааһы бүтэрбит лиссиэй үөрэнээччитэ, көмөлөһөөччүнэн Ньургун Догойдонов сырыттылар. Дьокуускай куораттан Милан Егоров, Новосибирскай куораттан Ярослав Степанов кэлэн, кинилэрдиин олус көхтөөхтүк сылдьан, астыннылар.
Оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэн, мүччүргэннээх мэһэйдэри туораан, ыарахаттартан чаҕыйбакка, араас тургутуулары ааһан, бары сертификат тутан, үөрдүлэр-көттүлэр.
Сунтаарбыт улууһун айылҕата олус кэрэтин киһи сөҕөр. Дьэли үрэх устун устан истэххэ, араас эгэлгэ таастар, египетскэй пирамида курдук кумах дьапталҕалара, муустаах хайа, 200 миэтэрэ курдук уһуннаах, балтараа миэтэрэ халыҥнаах каток курдук муус дьапталҕата интэриэһи тардаллар.
Бүтэһик күннэригэр Бүлүү эбэни сэрэхтээхтик туораатылар, тыыларын сууйан, этэҥҥэ айаннарын түмүктээтилэр.
Дима Мекюмянов, 11 кылаас.