Ахсынньы – кыстык аҕыс ыйыттан үсүһэ. Кыһыҥҥы бастакы ый. Бу ый аата аҕыс сыыппараны кытта ситимнээх. Аҕыс сыыппара аан дойду аҕыс иитэ-саҕата диэн суолталаах. Ахсынньыга томороон, бытарҕан тымныы түһэр. Күн кыһыҥҥы туруута – Аан Даан. Орто дойдуга ахсынньы ыйга Билии айыыларын суолтата улахан.
Төрүт үгэс. Сиэр-туом
Билгэ Хаан
Билгэ Хаан сэттис халлааҥҥа олорор айыы. Кини биир курдук эрээри сэттэ дьүһүннээх. Сэттэ ини-бии буолан көстөр. Билии төрдө. Киһи сэттэ ойбонун (харах, кулгаах, мурун, айах үүттэрин) арыйар. Оччотугар билэр-көрөр дьоҕур уһуктар.
Ойуута: кыра күөрчэх. Күөрчэх ойуу өй-санаа үлэтин көрдөрөр бэлиэ.
Сүрүннүүр тыла: лох. Айыы санааҕа лох диэн киһини толкуйдуурга туһаайар тыл.
Алгыһа
Лох, лох, лох!
Өйү үксэтээччи,
Кулгааҕы тобулааччы,
Хараҕы арыйааччы,
Ичээн эттээччи,
Үөрэх төрдө,
Билии баһа,
Билгэһит
Билгэ Хаан,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дом!