«СЭРГЭЛЭЭХ» СЭҺЭНЭ: ТУС БЭЙЭНИ САЙЫННАРЫЫ
Ый аата | Ахсынньы |
Ый суолтата | Билии |
Ый суолтатын сүрүн өйдөбүлэ | Сылыктаан билии, сылык өй |
Ый сүрүн өйдөбүлүн ис хоһооно:
Бэйэ санаатын күүһүрдүү: —өйдөөн-төйдөөн сыһыаннаһыы —сылыктаан сэрэйэр өй —сүрэҕим тардыһыыта
|
|
Ахсынньы – билии ыйа Ахсынньыга халлаан ыйа билии эйгэтин тутар. Бытарҕан тымныылаах ахсынньы ыйыгар эт-хаан хамсыыра бохсуллар, ол оннугар өй үлэтэ муҥутаан сайдар. Өбүгэбит маннык кэмҥэ олоҥхо истэн, өйүн сытыылыыра. Саха олоҥхото – олус мындыр айымньы. Манна бүтүн киэҥ куйаар, сиргэ олох, онно айыллыбыт бары тыынар тыыннаах аналын ис хоһоонун, өйдөбүлүн туһунан өбүгэбит билиитэ, үөрэҕэ кэпсэнэр. Олоҥхо ис хоһооно этиллэр быһыыта ханнык да уус-уран айымньыттан ураты. Манна биһиги өбүгэбит ыччат дьонун уһуйар ньыматын мындыр уратытын булабыт. Киһи олоҕун тухары саҥаны билэн иһэр. Ылбыт билиини киһи сыаналаан, харыстаан, олоҕор туттар, өйүгэр хатыыр. Туохха барытыгар өйдөөн-төйдөөн сыһыаннаһан, сылыктаан сэрэйэн, сүрэҕэ сытарын буларга дьулуһар киһи бэйэтин ис туругун, ис кыаҕын күүһүрдэр, сайыннарар.
|
Билии эйгэтин өйө-санаата
БИЛИИ ыйыгар
Тус Бэйэҕэ АЛГЫС тыл
Билии Айыы Тойон!
Мин диэки көрөн
Мичик гын!
Барыга бары
Өйдөөн-төйдөөн сыһыаннаһыым!
Сылыктаан сэрэйэр өйбүн эрчийиим!
Сүрэҕим тардыһарын булуум!
В.Е.Степанова, бөлөсүөпүйэ билимин хандьытаата. /«Сэргэлээх» оскуолата: бэйэни күрүөлэнии» кинигэ. 25-27 сс. /В.Е.Степанова. – Дьокуускай: Бичик, 2017. – 176с. (Сайдыы саҕахтарын арыйан)./
Таҥан оҥордо: Аржакова А.И., Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия «Сэргэлээх» лаборатория оскуолатын учуутала.