Бу бүтэй кэм төрдүс ыйа. Аата ахсынньы. Аан дойду аҕыс иитэ-саҕата диэни бэлиэтиир. Хотугу сахалар күн киирэр ыйа диэн ааттыыллар. Таҥха сэттис биһигэ буолар.
Олуга:
Олоҥхоттон бу ыйга айаны ойуулааһын киирэр. Айыы бухатыырын айана тургутуулаах буолар. Ити тургутууну ааспыт эрэ киһи олоҕу көмүскүүр кыахтанар.
Айымньыта:
«Аан дойду айыллыбыт ырыата» — ахсынньы ытык айымньыта. Бу ырыаны 1938 сыллаахха Мария Николаевна Андросова-Ионова тылыттан Георгий Устинович Гермогенов – Эргис суруйбута. Аан дойду хайдах айыллыбыта Айыы үөрэҕэр олоҕуран хоһуллар.
Билгэ Хаан туһунан эбии ааҕыыга : “Айыы суола” (2002. С. 119 -131), “Билии айыытын силигэ”.
Бэлиэлэрэ:
1.Айыыта: Билгэ Хаан. Иччитэ: Айыы Намыһын удаҕаннар. Аан Даан уол.
2.Ойуута: кыра күөрчэх.
3.Суолтата: билиилээх олох.
4. Тыла: лох.
5. Сулуһа: Хаҥха.
6.Бухатыыра: Бэриэт Бэргэн. Куота: Дьалыстай Куо.
7. Мала: хабылык.
8.Тыаһа: чаҕаан.
9.Үүнээйитэ: сиһик.
10.Көтөрө: улар.
11.Кыыла: киис.
12.Аһа: алаадьы.
Алгыһа
(Билгэ Хааҥҥа хайыһыы)
Лох, лох, лох!
Билиини биэрээччи,
Өйү үксэтээччи,
Кулгааҕы тобулааччы,
Хараҕы арыйааччы,
Сайаҕас санаалааччы,
Ичээн эттээччи,
Этитиини төрүттээччи,
Түмүгү сүөрээччи,
Бэлиэни этээччи,
Сиби сэрэйтэрээччи,
Үөрэх төрдө,
Билии баһа,
Билгэһит
Билгэ Хаан,
Бэттэх көрөн
Мичик гын !
Дом.
Суолтата:
Ахсынньыга күн кыһыҥҥы туруута – Аан Даан буолар. Дьон үксэ дьиэтигэр олорор. Бу кэмҥэ сэһэргэһии, остуол оонньуута дэлэйэр. Өйү уһугуннарар айыы – Билгэ Хаан чугаһыыр.
Дьыл хаамыытын ааҕыы:
Ахсынньы бэс ыйын кытта атахтаһар. Ахсынньыга хаар, тыал буоллаҕына, бэс ыйа хаһыҥнаах диэн сылыктыыллар. Түүмэхтээх буоллаҕына, өҥ сыл битэ дииллэр. Ахсынньы бүтүүтэ сис былыт кэлэр.
Таҥхата:
Ахсынньы – таҥха сэттис биһигэ буолар. Ахсынньыга төрөөбүт киһи тыына ити биһиккэ түһэр. Кини майгыта:
— кыахтаах,
— иһирэх,
-күттүөннээх,
-ньургун,
-хабааннаах,
—хараанньыт (харанымтыа),
— оттомноох,
— сымса,
— дьороҕой,
-сайдам.
Үгэһэ:
2-3 күнэ. Билгэ Хааны түһүлгэҕэ олордуу.
12 күнэ. Түбү киллэрии.
19 күнэ. Күн кыһыҥҥы туруута — Аан Даан саҕаланыыта.
21 күн. Айыы Намыһыннары таарытыы.
25 күн.Күн иэҕиллиитэ.
Туомнара:
Билгэ Хааны олордуу. Билгэ Хааны түһүлгэҕэ олордон баран, Айыы дьиэтэ билиини көҕүлүүр алгыһы тарҕатар.
Түбү киллэрии. 14 саастаах оҕоҕо ананар.
Айыы Намыһыннары таарытыы. Айыы сэттэ удаҕан иччитэ. Кинилэргэ анаан өрөгөй ырыа ылланар.
Эйгэлэрэ:
Ахсынньы айыыта – Билгэ Хаан. Бу ыйга сэһэн, оонньуу, дьылдьыт диэн эйгэлэр сөп түбэһэллэр. Билгэ Хаан мөһүлгэҕэ бэлиэтэнэр сыллара: 1996, 2008, 2020, 2032, 2044, 2056 уо.д.а.
Сэһэн төрдө — Сээркээн Сэһэн. Киниттэн үөрэнэн сэһэннэр баар буолбуттар. Эрдэтээҥи сэһэннэр биир бастыҥнара — Сэһэн Ардьакыап .
Оонньуу. Саха оонньууларыттан биир киэҥник тарҕаммыта остуол оонньуута. Бу оонньуу хараҕы, хамсаныыны уонна өйү сайыннарар. Оонньуу төрдүнэн Иэйэхсит балта Аан Алахчын оҕолоро Ойуу-бичик оҕолор ааҕыллаллар.
Дьылдьыт. Бу төрдө — Сээркээн Сэһэн. Киниттэн саҕалаан дьылдьыттар диэн күнү-дьылы кэтиир дьон баар буолбут.
Түс киһитэ:
Ахсынньы түс киһитинэн Сэһэн Ардьакыап ааҕыллар.Кини бэйэтин кэмигэр нуучча ыраахтааҕытыгар баран, саха кэскилин быһаарсыбыта.
Төрдө:
Түөрт-биэс тыһыынча сыллааҕыта шумердар Билгэ диэни билинэллэрэ. Өлбөт мэҥэ уута диэн өйдөбүллээхтэрэ.Кинилэр күнү-ыйы кэтииллэрэ, ол түмүгэр нэдиэлэни ааҕыы, астрология үөскээбиттэрэ.Бу былыргы итэҕэл Айыы үөрэҕин биир төрдүнэн ааҕыллар.
Ааттара:
1,2 – Добун, Саргылаана.
3,4 – Сүргэн, Санаайа.
5,6 – Таман, Кэрэчээнэ.
7, 8 – Барылан, Туймаада.
9,10 – Эрэл, Айыына.
11,12 – Аман, Кэскилээнэ.
13,14 – Тускун, Ньургуйаана.
15,16 – Талбан, Хаачылаана.
17,18 – Мургун, Сайдыына.
19,20 – Дабаан, Намыына.
21,22 – Түмэн, Сахаайа.
23,24 – Дьулуур, Айталыына.
25,26 – Сайдам, Туйгууна.
27,28 – Тургун, Алгыстаана.
29,30 – Саргын, Күбэйэ.
31 – Айастаан, Күндүүнэ.
Ааптар: Анатолий Николаевич Павлов -Дабыл