Уоттаах сэрии холоруга эйэлээх олохтоох бэрт үгүс дьон олоҕун аймаабыта. Ороһу нэһилиэгин Кустук олохтоохторо үлэһит, саамай кыайыылаахтарын, дьон талыытын сэрии толоонугар атаарбыттара. Биир оннук удьуор үлэһит мин хос эһэм, Семен Игнатьевич Таныков 1941 сыллаахха бастакы ыҥырыкка барбыта.
Маҥнай Московскай уобаласка 6 ый устата байыаннай бэлэмнэниини ааспыта. 1942 сыл сэтинньи ыйыгар Хотугулуу –Арҕаа фронт 19-с нүөмэрдээх хайыһар биригээдэтигэр тиийбитэ. 1942 сыл олунньу 21 күнүгэр Новгород куорат аттыгар Ильмень күөлгэ сарсыарда халлаан сырдыыта атаакаҕа киирбиттэрэ. Бу кыргыһыыга барыта 11 тыһыынча киһиттэн 87 саллаат бааһырбыта, элбэх киһи өлбүтэ. Хос эһэм манна атаҕар чэпчэки бааһырыыны ылбыта. Икки ый байыаннай госпитальга сыппыта. Онтон эмиэ чааһыгар төннүбүтэ. Иккис бааһырыытын Курскай таһыгар буолбут кыргыһыыга бааһырбыта. 1941 сылтан 1945 сылга диэри сэриилэспитэ. Берлини ылыыга эмиэ кыттыыны ылбыта. “Праганы ылыы”, “Берлини ылыы иһин”, “Германияны кыайыы иһин” уо.д.а диэн мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. 1946 сыллаахха 49-с нүөмэрдээх Дрезденскэй чааска сулууспалыы сырыттаҕына демобилизацияланан дойдутугар, Ороһуга төннүбүтэ.
Хос эһэм Ильмень күөлгэ хайдах кыргыспытын туһунан Уйбаан Ороһуунускай “Уруйдан Улуу Кыайыы” диэн 1995 сыллаахха таһааттарбыт кинигэтигэр, “Ильмень күөлгэ сэриилэспитэ” диэн ахтыыга бу курдук суруллубут: “Сэрии! Ынырык, суостаах суол. Манныкка түбэһиэм диэн ким санаабыта баарай?! 1942 сыллаахха Ильмень күөлү хайыһарынан сарсыарда туорааһыҥҥа кыргыһыы харахпар бу көстөр. Сахалар элбэх этибит. Биһигини кытта араас омук уолаттара: нууччалар, казахтар, татаардар, узбектар — бары биир киһи курдук , биир ньыгыл кэккэнэн хаанымсах биистэри утары харса суох киирсибиппит. Бу күөлгэ араас бэйэлээх үтүөкэн , эдэркээн дьон умсубуттара! Өссө биир улахан кыргыһыыга кыттыым Курскай таһыгар этэ. Курскай тоҕойго буолбут Улуу кыргыһыы Аҕа Дойду сэриитин историятыгар биир биллэр миэстэни ылбыта. Биэс уон түүннээх улахан кыргыһыыга үрүҥ күн өһөҕүрбүтэ. Таанканан утары кыргыһыы саҕаланыытыгар пехота эмиэ кыттыбыта. Онно немец танката ытарыгар түбэһэн бааһырбытым. Эмиэ госпитальга эмтэнэн баран, бэйэм чааспын кытта Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспитим. Кыайыы буолбутугар туохха да тэҥэ суох үөрүү-көтүү буолбута. Берлини ылыы иннигэр Польшаны босхолооһуҥҥа кыттыбытым”.
Ити курдук хос эһэм Улуу сэрии уоттаах хонуутугар кыргыһыы бөҕөнү ааһан, Ороһутугар кыайыы көтөллөөх төннөн кэлэн, суоччут идэтин баһылаан өр сылларга бухгалтерынан үлэлээбитэ. Үчүгэй дуобаччыт, саахымаччыт этэ. Элбэх оҕо аҕата, эһээтэ, хос эһээтэ. Эйэҕэһинэн, үтүө майгытынын киһи киһитинэн биллэрэ.
Биһиги хос эһэбитинэн киэн туттабыт. Кини сырдык аатыгар сүгүрүйэбит, кэриэстиибит!
Влад ТАНЫКОВ, Ороһу орто оскуолатын 9 кыл. үөрэнээччитэ, Үөһээ Бүлүү улууһа.
1
Достойный сын своего отечества