Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу диэн хас биирдии патриот киһи эбээһинэһэ. Төрөөбүт дойдубутун, сирбитин-уоппутун харыстаан, көмө аҕалан, бар дьоҥҥо үтүө сыһыаны олохтоон, дойдубут күн аайы сайдан иһиэҕэ.
Аҕа дойдубутун көмүскээбит хорсун саллааттарбыт сэрии сылларыгар олохторун толук ууран көмүскээбит буоланнар, билигин биһиги дьоллоохтук уонна эйэлээхтик олоробут. Кинилэр дьоруойдуу кыргыспыттара, Ийэ дойду чиэһин көмүскээбиттэрэ.
Мин учууталым сорудаҕынан бииргэ үөрэнэр оҕолорбуттан «Эһиги олоххутугар дьоруой диэн кими ааттыах этигитий?» диэн ыйыппытым. Биллэн турар, үксүлэрэ эһэлэрин, хос эһэлэрин эттилэр.
Сайаана Терехова: «Мин хос эһэм бииргэ төрөөбүт убайа Дьяконов Семен Тимофеевич 1921 сыл балаҕан ыйын 17 күнүгэр төрөөбүтэ. Кэбээйи сэттэ кылаастаах оскуолатын 1938 сыллаахха бүтэрбит. Бэс ыйын 21 күнүгэр 1943 сыллаахха уоттаах Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллыбыт. НЧ 0213665-нүөмэрдээх байыаннай билетыттан көрдөххө, 1943 с. сайыныгар 367 стрелковай полка, атырдьах ыйын 1943 сылыттан 1945 сылга диэри 368 стрелковай полка ытааччынан сылдьыбыт. Онтон 523 үлэ батальонугар ытааччы быһыытынан сылдьыбытын биллим. Хос эһэбэр «За победу над Японией» диэн мэдээли иҥэрбиттэр, кэлин Улуу Кыайыы юбилейнай мэдээллэрин биэрбиттэр. Билигин Семен Тимофеевич сыдьааннара эйэлээх олоххо олорорбутугар эһэбитигэр махтанабыт, кининнэн киэн туттабыт«.
Павел Дьяконов: «Мин хос эһээм Дьяконов Алексей Иванович 1943 с. сэриигэ ыҥырыллан барбыта. Ол баран иһэн кинилэри Читаҕа суол тутуутугар үлэлэппиттэрэ. Эһээм онно элбэх элбэх доҕорун кытта чиэһинэйдик үлэлээбит. 1945 с. дойдутугар кэлээт, дьиэ-уот бөҕө дьоҥҥо тутуспут. От охсооччу бастыҥа эбит. Эһээм алта оҕо тапталлаах аҕата буолар. Эбээм Мария сэрии саҕана үлэ бөҕөтүн үлэлээбит. Ол онно тымныйан, өрүттүбэккэ күн сириттэн бараахтаабыта. Эһээбит күүстээх санаалаах буолан, оҕолорун барыларын бэйэтэ көрөн улаатыннарбыт. Билигин биһиги хос эһээбит олоҕун салҕыыр ыччаттара кининэн киэн туттабыт».
Афоня Афонский: «Мин эһээм уонна кини бииргэ төрөөбүт быраата Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара. Эһээм Обутов Гавриил Дмитриевич бииргэ төрөөбүт аччыгый быраатыныын Обутов Прокопий Дмитриевичтыын дойду көмүскэлигэр сэриигэ 1942 сыллаахха ыҥырыллан барбыттара. Гавриил Дмитриевич 1921 с. төрөөбүтэ, кыра үөрэхтээх буолан сурук үлэтигэр үлэлээбитэ, комсомол сорудахтарын актыыбынайдык толорсубута, саҥа олох сайдыытыгар үгүс сыратын биэрэн үлэлээбитэ. Ол сылдьан Горнайтан төрүттээх кыыһы Настаатын кэргэн ылан уоллаах кыыс оҕоломмуттара. Эһээм Гавриил Дмитриевич уоллаах кыыһа кыра эрдэхтэринэ аймахтарыгар хааллартаан (кэргэнэ сэрии иннинэ өлбүтэ) сэриигэ 1942 с. барбыта. Онно сэрии аттарын көрөн-харайан , бэлэмнээн саамай кутталлаах үлэни толорбута. Бомбалааһыҥҥа түбэһэн аттары быыһыы сылдьан бэйэтэ улаханнык баһаарга бааһырбыта, өр госпитальга эмтэнэн, инвалид буолан, 1944 с. дойдуутугар төннөн кэлбитэ. Кини кэлээт үлэ үөһүгэр түспүтэ, уолаах кыыһын үөрэттэрэн киһи-хара оҥортообута. Гавриил Дмитриевич мин эһээм бултуурун олус сөбүлүүрэ. Кини бултуур, оттуур сирин Күөрэлээҕин туохтааҕар да күндүтүк саныыра. Сэрии содула чэгиэн бэйэтин айгыратан олохтон эрдэлээн барбыта. Мин эһээм сэрии кыттыылааҕа буолан дойдуну көмүскэспитинэн киэн туттабын. Биһиги эһээбитин хаһан да умнуохпут суоҕа, олоҕун салҕыахпыт, аатын ааттатыахпыт».
Виолетта Левина: «Хос-хос эһээм Лугинов Андрей Степанович сэрии саҕаламмытыгар бастакы хомуурга тылланан барар. 1942 с. саҥата уоттаах сэриигэ 3-с Украинскай фроҥҥа, стреловай полкаҕа ыстыыктаах бинтиэпкэ тутан сэриилэспитэ. Харьков куорат таһыгар кимэн киирэн баран чугуйуу буолар. Рота командира биир станковай пулеметтаах Москвитин Василий диэн саллааты кытта эккирэтэн иһэр фашистары тохтотор тоһуурга хаалларар. Фашистар чугуйбуттарын кэннэ түүнү быһа хааман, бэйэтин чааһын булар. Командира эһээбин көрөн олус үөрэрэ, сүүрэн кэлэн кууһа түһэр. 1943 с. уҥа илиитигэр бааһырар. Ону уҥа илиитигэр бааһырар. Ону 3283№ госпиталь справката туоһулуур. Дойдутугар кэлэн истибитэ кинини 1943 с. өллө диэн «Хара сурук» ыыппыттарын көрөр. Билигин эһээм Андрей Степанович сэриигэ хорсуннук кыргыспытын туоһулуур мэдээллэрин биһиги сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, хос-хос сиэннэрэ киэн тутта көрөбүт, ахтабыт”.
Дьэ, ити курдук сэрии сылларыгар эһээлэрбит дьоруойдуу сырыыларын биһиги сиэннэрэ өйдүү сылдьыахтаахпыт уонна кинилэр ааттарынан киэн туттуохтаахпыт.
Айна Аргунова,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.