Күндү ааҕааччылар, оҕолор, учууталлар, төрөппүттэр!
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Эргиэн» бизнес-оонньуу V түһүмэҕэ саҕаланна. Саҥа сезон бастакы ыалдьытынан «Эргиэн» IV өрөспүүбүлүкэтээҕи бизнес-оонньуу кыайыылаах Чурапчы улууһун хамаандатын салайааччыта, АГРОН бырайыак ааптара Ньургун Пермяков. Ньургун номнуо оскуолатын бүтэрэн, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуона.
Кини бүгүн биһиэхэ бэйэтин бизнес-бырайыагын олоххо киллэриитин туһунан кэпсиэҕэ:
— «Эргиэн» бизнес-оонньууга кыттыбытым миэхэ олус туһалаата диэтэхпинэ сыыспаппын. Бу бырайыакка кыттан мин теорияны эрэ буолбакка, бырайыагы толкуйдаан, сыал-сорук оҥосторго тутан-хабан оҥорон таһаарарга, үөрэммитим.
АГРОН бырайыагы олоххо киллэрии хардыылара
Сыал-сорук
— Оскуоланы бүтэрэр сылбар туох саҥа бырайыагы киллэриэххэ сөбүй, өрөспүүбүлүкэбитигэр туох кыһалҕа турарый диэн толкуйдаан көрбүтүм. Онуоха, Саха сиригэр оҕуруот аһын сыаната, чуолаан хотугу улуустарга, олус үрдүк буоларын бэлиэтии көрбүтүм. Россия атын регионнарын кытта тэҥнээн көрдөххө быдан сыаналаах. Холобура, хоту улуустарга оҕуруот аһын илдьэр логистиката, тиэйэн аҕалыыта ыарахан буолан, оҕурсу 1 киилэтэ – 350 солк. саҕаланар, оттон Чурапчыга кыһын – 250 солк. тэҥнэһэр. Бу кыһалҕаны быһаарар туһуттан, өрөспүүбүлүкэбитигэр төгүрүк сыл бэйэбит үүннэриэхтээхпит. Бу маннык сыал оҥостон бырайакпын толкуйдаабытым.
Үп-харчы
— Биллэн турар, бизнес сайдарыгар элбэх үп-харчы ирдэнэр. Бырайыагым олоххо киирэригэр бэйэм барытын уйунар кыаҕым суох этэ. Мин суолбар икки барыйаан баара: грант-куонкуруска кыттыы уонна кредит ылыы. «Стартап» грант-куонкуруска былырыын кыттыбытым, ол эрэн, манна үлэлии сылдьар бизнестарга болҕомто ууруллар эбит. мин буоллар саҥа саҕалыыбын. Оттон иккис барыйаан – кредит, мин иэс-күүс ыларбын сөбүлээбэппин, ыла сорумматаҕым. Ол иһин дьэ, атын суолу көрдүөхпүн наада буолла. Интернет ситимигэр араас иһитиннэриилэри көрдүү олорон КРАУДФАНДИНГ диэн платформаны буллум. Краудфандинг платформаны кэмиэрсийэтэ суох бырайыктарга тутталлар. Ону таһынан, КРАУДЛЕНДИНГ диэн баар. Мантан эн чопчу киһиттэн харчы иэс ылыаххын сөп. Холобура банк эйиэхэ тэрилтэ быһыытынан иэс биэрэр буоллаҕына, Краудлендиҥҥа киһиттэн иэс ылаҕын. Оттон КРАУНДИНВЕСТИНГ диэн бэйэтэ этэ сылдьарын курдук эн бырайаккар инвестордары булаҕын. Инвестор эн бырайыаккар үп-харчы уктаҕына, хамсааһыҥҥа кыттыстаҕына тэҥ өлүүлээх буолаҕын. Бу хайысхалары үөрэтэн баран, мин бэйэм ньыма толкуйдаатым. Сокуону тутуһан туран, мин бырайыакпар инвестициялаабыт киһи дуогабарынан бигэргэммит дохуоттан өлүүлээх буолар.
КРАУДФАНДИНГ платформаҕа кыттыаххын баҕарар буоллаххына, бырайыагын туһунан презентация оҥороҕун, видеосюжет устаҕын уонна платформаҕа угаҕын. Платформа рекламаны, иһитиннэриини бэйэтэ ыытар. Инвестордар эйиэхэ тахсалларын күүтэҕин.
Мин бэйэм университет иһинэн Краудфандинг ыытар былааннаахпын. Реклама, иһитиннэрии барбыта, билигин интэриэһиргиир дьону күүтэбит.
Бырайыак билиҥҥи кэмҥэ
— Грант-куонкуруска кыттарбар бэлэмнэнэбин. Үлэбэр туттар тэриллэрбин хааччыйар поставщиктары кытта кэпсэтэ, сибээс олохтуу сылдьабын. 2025-2037 сылларга тиийэ икки барыйааннаах былааммын оҥордум. Билигин бырайыакпар инвестордары көрдүүр түһүмэххэ сылдьабын. Мин бырайакпар кыттыан баҕалаах буоллахтарына, 1 өлүү сыаната – 2000 солк. Онон ханнык баҕарар киһи бу бырайыаны өйүөн баҕарар буоллаҕына кыттыһыан сөп.
Бородууксуйа оҥорон таһаарыы инникитэ
— Оҕуруот аһын үүннэриигэ бу саҥа технология көмөтүнэн, киһи арассаада олордор уонна ас хомуйар эрэ буолар. Күнү быһа тэпэлииссэ иһигэр сылдьыбат, буор хаспат. Бу сайын кыра тэрил ыламмын үлэбин саҕалаабытым. Онон тус бэйэм кыра үөрүйэхтээхпин.
Бастакы оҕуруот аһын үүннэрии дойдубар Чурапчыга буолуоҕа. Оттон хас сыл аайы хас биирдии улууска оҕуруот аһын үүнэрэр тэрилтэ арыйан иһэр былааннаахпын. Оччоҕо, өрөспүүбүлүкэҕэ оҕуруот аһын сыаната икки төгүл түһүөхтээх.
Саҥа саҕалааччыларга сүбэ
— Киһи күүстээх санаалаах буолуохтаах. Ылан көрүөҕүҥ улахан урбаанньыттары, ким эрэ кыахтаах төрөппүттэрдээх, ким эрэ хас да үрдүк үөрэхтээх, ким эрэ оскуоланы да бүтэрбэтэх буолар. Ол эрэн санаа күүһүнэн улаханы ситиһэллэр. Хаһан да бэринимэн. Саҕалаабыккытын тиһэҕэр тириэрдиҥ. Элбэххэ үөрэниҥ. Киһи олоҕун тухары үөрэнэр уонна сайдар.