Олунньу 10 күнүгэр Хаҥалас улууһун 2-с Малдьаҕар орто оскуолатыгар Матрена Егоровна Васильева аатынан I «АгроХимБио» республикатааҕы олимпиада тэрилиннэ. Уопсайа 6 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 13 оскуолаттан 41 оҕо кытынна. Тэрээһиҥҥэ СӨ агрооскуолаларын союһун дириэктэрэ Петр Дягилев Петр, Хаҥалас улууһун үөрэххэ управлениетын начаалынньыга Варвара Васильева ыалдьыттаатылар, эҕэрдэлээтилэр.
Петр Гаврильевич Дягилев санаатын маннык үллэһиннэ: «Бу республикатааҕы олимпиада тэрээһинэ үрдүк диэн сыаналыыбын. Хас биирдии оҕоҕо анал лабораторнай прибордар, оҕолор бэйэлэрэ тугу билэллэринэн-сатыылларынан билиилэрин көрдөрөллөр, араас уопуттары оҥороллор».
Григорий Григорьевич Сысоев, М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын дириэктэрэ: «Олимпиада икки түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакы түһүмэххэ 206 кыттааччы бэйэтин холонон көрбүтэ, онтон сүүмэрдэнэн, 41 оҕо иккис түһүмэххэ кэлэн кыттыыны ыллылар. «АгроХимБио» олимпиадаҕа көхтөөх кыттыыны ылбыт республикабыт агро хайысхалаах оскуолаларыгар махтанабыт».
Салгыы Матрена Егоровна уолун, биһиги оскуолабытыгар өр кэмҥэ дириэктэринэн үлэлии сылдьыбыт Пудов Аркадий Аркадьевиһы кытта кэпсэттибит: “Бу бүгүҥҥү олимпиада тэрийээччилэригэр аймахтар уонна бэйэм ааппыттан итии-истиҥ махталбын тириэрдэбин. Бу олунньу тымныы күннэригэр ыраахтан кэлбит ыалдьыттарга, оҕолорго барҕа махталбын тириэрдэбин уонна кинилэргэ үөрэхтэригэр ситиһиини, доруобуйаны, туох баар кэрэни баҕарабын. Хаҥалас улууһун күнэ, Өрөспүүбүлэкэбит тыл эйгэтин уонна литературатын, наука күннэрэ дьүөрэлээн турбуттара олус үчүгэй, онон биһиги киэн туттабыт. Ийэбит Матрена Егоровна Васильева баара буоллар сүрдээҕин үөрүө этэ, этэргэ диэри, кини аата-суола маннык тэрээһиҥҥэ үйэтиллибитинэн биһиги сүрдээҕин үөрэбит. Мин санаабар, оскуолабыт оҕолоро эмиэ куһаҕана суохтук бу тэрээһиҥҥэ кыттыахтара диэн эрэнэбин. Маннык тэрээһиннэртэн кынаттанан, иннилэрин диэки эрэллээхтик баран иһиэхтэрэ!”
Атласова Надежда Николаевна Атласова, 2 Малдьаҕар орто оскуолатын дириэктэри агрохайысхаҕа солбуйааччы: “Быйыл бастакытын “АгроХимБио” олимпиаданы ыыттыбыт. Матрена Егоровна биология учуутала, дириэктэр буоларынан, кини маннык элбэх тэрээһини тэрийэ сылдьыбыт киһи, билигин биһиги оскуолабыт кини аатын сүгэн турар, онон оҕолор элбэҕи билэн-көрөн истиннэр диэн теория, практика курдук икки түһүмэхтэн турар олимпиаданы ыыттыбыт.”
Бу олимпиадаҕа кытта кэлбит Хатас орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитин Яна Пронина санаатын маннык үллэстэр.
— Яна, эн химия уонна биология уруоктарын төһө интэриэһиргиигин? Ханнык үөрэххэ туттарсыаххын баҕараҕын?
— Саамай ордорор уруогум биология, тоҕо диэтэххэ, бу уруокка бэйэҥ ис физиологияҕын үөрэтэҕин, тулалыыр эйгэ туһунан киэҥ өйдөбүлү ылаҕын. Медицина хайысхатынан барар былааннаахпын, чуолаан стамотолог быраас буолуохпун баҕарабын, онон оскуолаҕа үөрэнэрим таһынан дьиэбэр эмиэ эбии дьарыктанабын.
— Агрооскуола быһыытынан Хатас оскуолата тугу гынарый?
— Биһиги оскуолабыт, билэргит курдук, агрокубтаах, ол агрокубка араас оҕуруот аһын олордор. Сибиһэй оҕуруот аһын хомуйан, оҕолору битэмииннээх сибиэһэй аһынан аһаталлар.
Олимпиада призердара мэтээл, хайҕал, туоһу сурук уонна сыаналаах бириис ылбыттара. Ону таһынан спонсордартан харчынан бириэмийэ. Бары кыайыылаахтары, кыттааччылары эҕэрдэлиибит!
8 кылаастарга: 1 миэстэ — Валериан Лукин, 2 миэстэ — Амалия Трофимова, 3 миэстэ — Даша Калитина (бары М.Е. Васильева аатынан 2 МОО.).
9 кылаастарга: 1 миэстэ — Саргы Степанова (М.Е. Васильева аатынан 2 МОО), 2 миэстэ — Эмма Егорова (Суотту ОО), 3 миэстэ — Влада Дьячковская (Чурапчы улууһун Амма ОО).
10 кылаастарга: 1 миэстэ — Коля Голоков (М.Е. Васильева аатынан 2 МОО), 2 миэстэ — Валентина Охлопкова (Дьокуускай куорат 31 № ОО), 3 миэстэ — Лилия Захарова (Өктөм ОО).
11 кылаастарга: 1 миэстэ — Виктория Потапова (Дьокуускай куорат 31№ ОО), 2 миэстэ — Григорий Лукин, 3 миэстэ — Геннадий Соломонов (М.Е. Васильева аатынан 2 МОО).
Спартак Федоров, Алина Григорьева,
М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын
9 кылааһын үөрэнээччилэрэ.