Хадаар нэһилиэгэр тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүн мин санаабар, үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээтибит.
Оскуолабытыгар бу бэлиэ суолталаах күн «Тыа хаһаайыстыбата – оҕо хараҕынан» диэн Н.И. Дьячковскай оҕолоро ыыппыт уруһуй күрэҕэ буолан ааспыта.
Кэтэх хаһаайыстыбалаах, сүөһүлээх I-XI кылаас уолаттара биирдии бүлүүдэни билиһиннэрбиттэрэ. Бу ас-үөл хантан, хайдах кэлэрин кытта ыкса сибээстээх.
Оскуолабыт дириэктэрин агро хайысхаҕа солбуйааччыта Петр Петрович Григорьев, ветеринарнай учаастак фельдшерэ Мария Николаевна Максимова, оскуола научнай үлэтин сүрүннээччи, история учуутала Лидия Петровна Саввина дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээбиттэрэ. Лидия Петровна 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр презентация оҥорорго көмөлөспүтэ, сүбэлээбитэ.
Салгыы тэрээһин нэһилиэкпитигэр «Тускул» култуура киинигэр буолбута. Николай Иннокентьевич Дьячковскай-Дьаарыс уола 100 сааһыгар анаммыт «Тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта – олохпут тупсуута» диэн тэрээһин ыытыллыбыта. Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, нэһилиэкпит баһылыга Афанасий Степанов, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтатын солбуйааччыта Константин Ильич, Чурапчытааҕы физкультурнай институт ректора Иннокентий Готовцев эҕэрдэлээбиттэрэ, наҕараада туттарбыттара. Оскуолабыт 5-11 үөрэнээччилэрэ хороҕой муостаахтан астаабыт бүлүүдэлэрин кэпсээбиттэрэ киэҥ сэҥээриини ылбыта.
Салгыы нэһилиэк олохтоохторо тыа сирин туһунан кэпсиир «Бастыҥ биригэдьиир» испэктээги көрбүттэрэ. «Бааттаах түгэн» лотерея оонньоммута. Супер-бириис, 30 тыһ. солк., хаһаайына Төлөй нэһилиэгэ буолбута.
Уруһуй куонкуруһун кыайыылаахтара: алын сүһүөх 1 миэстэ Тамараат Лукина, 2 миэстэ – Данил Андросов, 3 миэстэ – Афелия Мордускина. Орто сүһүөх: 1 миэстэ – Амелия Мордускина, 2 миэстэ Айаал Никонов, 3 миэстэ – Марианна Анемподистова. Үрдүк кылаастарга: 1 миэстэ – Иванна Николаева, 2 миэстэ – Марта Листикова, 3 миэстэ – Владимир Герасимов.
Кылаастарынан хороҕой муостаахтан биирдии бүлүүдэ презентациятын түмүгэ: 1-4 кылаастарга кыайыылаах – 3 кылаас (кылаас салайааччыта Герасимова А.С.); 5-8 кылаастарга кыайыылаах – 6 кылаас (кылаас салайааччыта Лукин А П.); 9-11 кылаастарга кыайыылаах – 11 кылаас (кылаас салайааччыта Бандерова Г.Н.).
Ити курдук Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүн нэһилиэкпитигэр бары бииргэ бэлиэтээтибит.
Агро хайысхалаах оскуола буоларбыт быһыытынан, нэһилиэккэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар биһиги эмиэ эппиэтинэһи сүгэбит дии саныыбын.
Алена КСЕНОФОНТОВА, VIII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы