Быйыл бу фестиваль ахсынньы 8-9 күннэригэр ахсыс төгүлүн Хаҥалас улууһун Улахан Аан нэһилиэгэр бэрт тыҥааһыннаахтык буола турар.
Күрэххэ республикаттан уопсайа 9 хамаанда Хаҥалас, Горнай, Кэбээйи, Таатта, Уус-Алдан улуустарыттан уонна Тулагы, Хатас оскуолатыттан күөн көрсө сылдьаллар.
Икки күн устата оҕолор ойбонтон уулааһыҥҥа, тутум эрииргэ, көтөх ынаҕы туруорууга, кириэс тэбиигэ, хабалыкка, хаамыскаҕа, наартаны ойууга, олоҥхону толорууга уонна бэйэ хамаанданы билиһиннэриигэ күрэхтэһиэхтэрэ.
Мин оскуолам чиэһин көмүскээн норуот тылынан уус-уран айымньытын олоҥхону ааҕаммын, 1 миэстэ буолан, хамаандабар баал эптим. Маҥнайгы күн түмүгүнэн биһиги хамаанда бэйэни билиһиннэриигэ уонна ойбонтон уулааһыҥҥа ордукпутун көрдөрдүбүт.
Уопсай баалларынан кэтээн көрдөххө, Улахан Аан, Бороҥ уонна Маҕарас оскуолаларын хамаандалара күүстээхтэр, үчүгэй бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр.
Бүгүҥҥү быһаарыылаах күммүт үтүө түмүктээх буоллун, барыбытыгар ситиһиини!
Айсен Егоров, “Дьоҕур” пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.