Норуот олорбут олоҕо, тыына-дьылҕата тылыгар иҥэн сылдьар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылын эйгэтигэр иитилиннэҕинэ эрэ, омугун кутун-сүрүн этигэр-хааныгар иҥэринэр кыахтанар. Аныгы үйэ ирдэбилинэн оҕолорбут смартфону, көмпүүтэри көҥүл баһылаатылар. Саха тыла, буукубалара смартфоҥҥа, көмпүүтэргэ эмиэ барсарыгар, клавиатуратыгар сахалыы Һ,Ө,Ҕ,Ү,Ҥ буукубалар киирэллэригэр үлэлэспит киһинэн чулуу нуучча норуотун уола Валентин Черкашин буолар.
Валентин Валентинович — АГИКИ информатика кафедратын доцена, 20-тэн тахса сыл информационнай-коммуникационнай технологияны кытта сибээстээх Автоматизация бухгалтерского учета, Администрирование баз данных (SQL), Информационные системы в экономике, Мультимедия технологии, о.д.а. уустук бэридимиэттэри устудьуоннарга үөрэтэр. Пневматическай бинтиэпкэттэн буулдьанан, оҕунан ытыы күрэхтэһиилэригэр ситиһиилээхтик кыттар. Биһиги ыйытыыларбытыгар кылгас хоруйдарын билиһиннэрэбит.
— Валентин Валентинович, программированиенан хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын?
— Ааспыт үйэ 1994-95 сылларыттан саҕалаан дьарыктанабын. Оччолорго төрөппүттэрим «Дельта-С» диэн сэбиэскэй көмпүүтэри атыылаһан биэрбиттэрэ. Мин тута көмпүүтэри хасыһан, боруобалаан киирэн барбытым. Программированиены интэриэһиргээбитим, сөбүлээбитим.
— Көмпүүтэр клавиатуратыгар сахалыы буукубалары “олордору” хайдах оҥордугут?
— Саха буукубаларын көмпүүтэргэ «олордуу» олус наадалаах, кэм ирдэбилэ этэ. Бастаан сахалыыга маарынныыр латыынныы буукубалары бэчээттииллэр этэ. Онтон клавиатураҕа анал «раскладка» эппиттэрэ, ол гынан баран бу манны программист, компьютерщик эрэ киллэрэн биэрэр кыахтааҕа. Билигин маннык «раскладканы» ким баҕарар киллэрэр кыахтанна.
Валентин Валентинович Черкашин:
Приоритетными аспектами в обучении студентов является подготовка специалистов, обеспечивающих качество функционирования автоматизированных информационных систем, квалифицированной семантической обработки данных, доступ потребителей к информационным ресурсам автоматизированных информационных систем.
— Туох дии саныыгын, дьон төһө наадыйарый, туттарый?
— Мин саныахпар, олус наадыйаллар. Сахалыы элбэх киһи саҥарар, бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэллэр, суруйаллар. Сурукка-бичиккэ сахалыы буукубата суох табыллыбат. Оскуола оҕолоро, устудьуоннар, учууталлар, учуонайдар сахалыы тылынан үлэ суруйаллар. Онтон ким эрэ ватсапка суруйсарыгар наадыйар. Манна барытыгар сахалыы буукубалара суох сатаммаккын. Саха киһитэ бэйэтин санаатын таба, сөптөөхтүк суруйарыгар сахалыы буукубаларынан туттуохтаах. Холобур, “уоруу” буолбакка “үөрүү”.
— Киһи бэйэтин төрөөбүт тылынан саҥарара наада дуо?
— Дьон бэйэтин ийэ тылынан саҥарар буоллаҕына, ол аата – бу омук тыыннаах. Нация тыыннааах хааларын туһугар бу омук тылын сүтэримиэн наада. Онон оҕо төрөөбүт тылын билиэхтээх. Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылынан кэпсэтэ үөрэннэҕинэ эрэ, этигэр-хааныгар иҥэринэр. Онон бу түгэни мүччү туппакка, оҕону кытта төрөөбүт тылынан кэпсэтиэххэ, уһуйуохха наада.
— Эн бэйэҥ хас тылы билэҕин? Ханнык тылы үөрэтиэххин баҕараҕын?
— Биир кэмҥэ Сунтаарга олоро сылдьыбытым. Онно сахалыы кэпсэтэ үөрэммитим. Дьокуускайга көспүппэр, дьон миигин кытта нууччалыы кэпсэтэллэрэ, онон сахалыы саҥарбат да буоллум. Ол эрээри туох диэн кэпсэтэллэрин барытын өйдүүбүн. Уонна ангылычаан тылын син билэбин.
— Программист буолуон баҕалаах оҕолорго тугу сүбэлиэн этэй?
— Билигин – саҥа технология үйэтэ. Онон олохпут сайдыытыгар программист оруола улахан. «Умный дом» олорор дьиэни автоматизациялааһынтан бүтүн судаарыстыба, аан дойду дьылҕатын быһаарыыга тиийэ.
— Салгыы туох саҥаны киллэрэр, ханнык хайысхаҕа үлэлиир былааннааххын?
— Былааҥҥа – интерактивнай учебниктары, виртуальнай мусуойдары, “автопереводчик» сервиһи сайыннарыы… Холобур, Орто Халыма мусуойун сайтын уонна ол мусуойунан 3Д экскурсияны оҥорбуппут. Улуус оскуолаларыгар экспонаттары виртуальнай көрдөрүү, быыстапканы тэрийии туһунан куурустары ыытабыт. Билиҥҥи дистанционнай үөрэтии кэмигэр көмпүүтэр бырагырааматын көмөтүнэн ханнык баҕарар мусуойу «көрүөххэ”, учебниктары «дополненная реальность» технологиялаах оҥоруохха, кюар-код киллэриэххэ сөп.
Таисия Алексеева