Өрөспүүбүлүкэ сайдыытын корпорациятын кытта сөбүлэһии көмөтүнэн, АГИКИ бэйэтин кыаҕын кэҥэтиэҕэ уонна «Үлэ кыбаартала» айар-тутар бөлөх бэрэстэбиитэлэ буолуоҕа. Бу туһунан үрдүк үөрэх кыһатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Биһиги үөрэхпит кыһата Саха сиригэр эрэ буолбакка, Россия Арктическай балаһатыгар соҕотох айымньылаах үрдүк үөрэх кыһата буолар. Онон өссө ордук улахан эппиэтинэһи сүктэрэр. Онон үөрэх салатата култуура уонна искусство эйгэтигэр аан дойдуга наадалаах исписэлиистэри үүннэрэргэ кыаҕын кэҥэтэргэ бары күүһүн уурар», — диэтэ АГИКИ ректора Саргылана Игнатьева.
Саха сирин бырабыыталыстыбата 2019 сыл бүтүүтэ креативнай экономиканы 2025 сылга диэри сайыннарыы концепциятын бигэргэппитэ. Концепция кырата суох элеменнэриттэн биирдэстэринэн, 2022 сыл муус устар ыйыгар «Үлэ кыбаартала» креативнай кластеры киллэрии буолар, бу айымньылаах уонна ситиһиигэ дьлуурдаах оҕолору сайыннарар киин буолуохтаах. Регион салалтата кластер Саха сирин эрэ буолбакка, Уһук Илиҥҥи регион экономикатын креативнай салаатын сайыннарарыгар көмөлөһүөҕэ диэн эрэнэр.