Бу ааспыт сайын Кэнтиккэ 1980 сылтан үлэлиир “Харыйалаах” лааҕыра икки сезоҥҥа оҕолору муста. Лааҕыр салайааччылара – Гоголева Мария Гаврильевна, Егорова Маргарита Сергеевна. Манна барыта 40 оҕо хабыллан сынньанна, доруобуйатын тупсарда, үлэлииргэ үөрэннэ.
Бу лааҕырга хамнас орто кээмэйигэр дохуоттара тиийбэт, итиэннэ элбэх оҕолоох ыаллар оҕолорун ылаллар. Оҕолор күҥҥэ иккитэ аһылыгынан хааччыллаллар.
Сайыҥҥы үлэбит сүрүн түмүгэ – Дьокуускайга буолбут Учууталлар атырдьах ыйынааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын чэрчитинэн ыытыллар агрооскуолалар быыстапка-дьаарбаҥкаларыгар ситиһиилээхтик кыттыы.
Дьаарбаҥкаҕа 18 улуустан 32 оскуола кыттыбыта. Сахабыт сирин кылгас сайынын баттаһа, оҕуруот аһын арааһын, сир аһын, эмтээх үүнээйитин кыһамньылаахтык үүннэрэн, хомуйан, барыанньа, кэнсиэрбэ, чэй оҥорон хаһаанары, оҕоҕо үөрэтэр, чинчийэр үлэлэри ыытан, оскуолалар сүҥкэн үлэни сыл аайы тэрийэллэр. Оскуола агрономнара оҕону кытта сатаан үлэлиир, баай уопуттарын иҥэрэр сатабыллаахтара көстөр.
Сыл аайы кэтээн көрдөххө, үүнээйи арааһа элбиир. Ол курдук, биһиги оскуолабыт агронома Изосимова Галина Николаевна былырыыҥҥы быыстапка-дьаарбаҥкаттан, куорат уопут оҥорор учаастактарыттан үөрэнэн, оскуола тэпилииссэтигэр соҕуруу дойду лагенария, огунария, момордика диэн декоративнай үүнээйилэрин лааҕыр оҕолорун кытта үүннэрбитэ. Ону быыстапка аҕалан, киэҥ сэҥээриини ылла. Бу үүнээйилэри киһи сиэбэт. Африка, Индия курдук итии дойдуларга бу үүнээйи аһын хомуйан, хатаран, иһит курдук тутталлар эбит. Манна кутуллубут утах өр кэмҥэ сөрүүн турар уонна буортуйбат үһү.
Быыстапка-дьаарбаҥка хас да номинация күрэхтэриттэн “Экзотическай үүнээйилэр” номинацияҕа оскуолабыт бастаата. Ону таһынан, араас оҕуруот аһын арааһын быыһыгар 9 киилэлээх “Русский размер” кабачок, киилэ аҥардаах “Чудо рынка” помидор суордара киһини сөхтөрөр улахан кээмэйдээхтэр. Бу үүнээйилэри 660 км ыраахтан аҕалар да бэйэтэ туспа сатабылы эрэйэр. Ону ол диэбэккэ, оҕолор үүннэрбит үлэлэрин көрдөрөөрү, дириэктэр Ольга Васильевна Астанова салайыытынан, осколабыт сылын аайы маннык тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Манна баар – биһиги Кэнтикпит эмтээх кучу отуттан чэй, моонньоҕон, сугун барыанньата, оҕолор айылҕа матырыйаалыттан оҥорбут оҥоһуктара, киэргэллэрэ. Оскуола повардара Людмила Ивановна уонна Лидия Семеновна (шеф повар курдук үрдүк категориялаах повар) салайыыларынан оҕуруот аһыттан араас кэнсиэрбэлэри оҥорбуттарын аҕалбыттара.
Манна даҕатан эттэххэ, биһиги оскуолабыт научнай салайааччыта, биологическай наука кандидата Светлана Афанасьевна Владимирова салайыытынан оскуола учаастагар бузина, яблоня, декоративнай талахтар араастарын үүннэрэллэр. Оскуола тиэргэнэ сылын аайы 4-5 тыһыынча сибэкки арааһынан киэркэйэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгин Никифор Кирикович Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан орто оскуолата.