Бэс ыйын 19 күнүттэн “Кэскил” медиа оскуола юнкордара Аммаҕа ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын сырдатар үлэбитин саҕалаатыбыт.
Бастакы улахан хардыыбытынан Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын Сергей Васильевич Местниковы, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын миниистирин Афанасий Иванович Ноевы, Амма улууһун баһылыгын Степан Николаевич Кузьмины кытта көрсөн кэпсэтиибит буолла. Ураһаҕа күөх окко төгүрүччү олорон олус үчүгэйдик, истиҥник кэпсэттибит.
Мин Афанасий Иванович Ноевтан “олоҥхонон дьарыктанар оҕолор инники олохторугар тугу ситиһэллэрий, салгыы кинилэр үүнэн-сайдан тахсалларын хайдах көрөрөҕүнүй?” диэн ыйыттым. Онуоха Афанасий Иванович маннык хоруйдаата:
– Эрчим, эн Эмис нэһилиэгиттэн сылдьаҕын. Онон олоҥхону олус үчүгэйдик билэр, өйдүүр буолуохтааххын. Биир дойдулаахтарыҥ Амма олоҥхоһуттара Түмэппий Чээбий, Устин Нохсоороп, Күннүк Уурастыырап олоҥхонон тыынан улааппыт дьон. Билигин кинилэр олорон ааспыт олохторугар холоотоххо, быдан атын, сайдыылаах, аныгы кэм. Олоҥхолуур ыччатарбытын көҕүлүүр, өйүүр араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Холобур, «олоҥхо батл» диэни истэр, билэр буолуохтааххыт. 1996 сыллаахтан “Мин олоҥхо дойдутун оҕотобун” диэн оҕолору олоҥхоҕо угуйар, олоҥхо кэрэтин, кыаҕын көрдөрөр сүрдээх үчүгэй тэрээһин ыытыллар. Биһиги учууталларбыт олоҥхоҕо тирэҕирэн элбэх бырайыактары көмүскээн олоххо киллэрэллэр. Олоҥхо оҕо бастатан туран тыла-өһө сайдарыгар, сытыы, сымса буоларыгар күүһү-кыаҕы биэрэр. Бэйэтин төрөөбүт тылынан этэр, туойар киһи ханнык да түгэҥҥэ өлөн-охтон биэрбэт. Онон оҕолор олоҥхолоон бэйэлэрин талааннарын арыйаллар. Кинилэр иннилэригэр олоҥхоһут буолан үүнэн тахсар кыах баар. Холобур, Эрчим, эн биир дойдулааҕын, Эмистэн төрүттээх Юрий Петрович Борисов кыра эрдэҕиттэн олоҥхоҕо сыстан, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ олоҥхону тыыннаан илдьэ сылдьар. Степан Николаевич Кузьмин баһылыктаах улуус салалтатын көмөтүнэн, быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар олус үчүгэй кинигэлэри суруйан таһаарда. Юрий Петрович филологическай наука кандидата буолан олоҥхонон утумнаахтык дьарыктанар. Онон олоҥхоҕо сыстыбыт оҕо ситэн-хотон, сайдан, олоҥхону науканы кытта ситимниир дэгиттэр талааннанар. Бүтүн норуотун иннигэр олоҥхону харыстыыр, үйэтитэр эппиэтинэһи сүгэр кыахтанар.
Кэпсэтиибит түмүгэр махтанан туран, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата таһаарар сурунаалларын «Бэлэм буолу», Чуораанчыгы», «Колокольчигы», «Юность Севера» бэлэхтээтибит.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма