Норуодунай суруйааччы, поэт, прозаик, кириитик С.А. Попов-Тумат 75 сааһын көрсө
—Үстээхпэр Лаптевтар муораларын Дунай арыытыгар тиийбитим. Төрөппүттэрим онно балыктыыллара, кырсалыыллара, онон айахтарын ииттинэн олороллоро. Аҕам Андрей Фомич Попов 7 кылаас үөрэхтээх математика учуутала этэ. Тумат нэһилиэгин Саҕастыыр бөһүөлэгин 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэтэрэ. Кини 1959 сыллаахха өлүөн аҕай иннинэ Тиксиигэ эмтэнэ диэн тахсыбыта. Онно быраастар кинини көрөн баран, өлөр буолбуккун диэбиттэригэр, Чурапчыга тиийэн, өбүгэлэрин тумулларыгар Болтоҥоҕо көмүллүбүтэ. Ити кэмҥэ миигин Саҕастыыртан Күһүүр оскуолатын интэринээтигэр таһаарбыттара. Онно 1962 сыллаахха диэри үөрэммитим. Аҕам түүлбэр көстөрө бэрт буолан, оскуола дириэктэриттэн Болтоҥоҕо тиийэн: «Аҕам уҥуоҕун көрөн кэлиэм этэ», – диэбиппин ылымматаҕа. Ол түмүгэр ийэм Анна Никитична Попованы кытта сөбүлэһэн баран, борохуотунан Дьокуускайга куотарга быһаарыммытым.
Чопчу оскуола интэринээтигэр тиийбитим, онно аҕам убайа Иннокентий Попов уу баһааччынан үлэлиирэ. Киниэхэ олорбутум. Докумуона суох кэлбит буоламмыт, интэринээт-оскуолаҕа ылыллыбатаҕым. Киэһээҥҥи үлэһит ыччат оскуолатыгар, хачыгаардыы-хачыгаардыы, үөрэммитим уонна 1965 сыллаахха бүтэрбитим. Онтон ыла төрүттэрим дойдуларын эҥээригэр күн бүгүнүгэр диэри сылдьабын. Болтоҥону булбутум, 3 сылынан киэһээҥҥи оскуоланы бүтэрбитим, – диэн бэйэтин туһунан сэһэргиир С.А. Попов-Тумат.
– Ылбычча киһи суруйааччы буолбат. Кырдьык да уустук идэ. Бу эйгэҕэ бастакы хардыыҥ туһунан үллэстэриҥ буоллар…
– СГУ саха салаатыгар үөрэнэр сылларбыттан “Бэлэм буоллуун” алтыспытым, бастакы айымньыларым онно бэчээттэммиттэрэ. Билигин да өйдүүбүн киэҥ көҕүстээх, олус муударай, саха норуотун тапталлаах суруйааччыта Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аан бастаан сирэй көрсүбүппүн. Кини: «Эн кыра соҕус гонорар сыыһыгар наадыйан эрдэҕиҥ. Тоойуом, тылбаас өттүгэр туохтааххыный?» – диэн ыйыппыттааҕа. Мин өс киирбэх: “Кыралаан тылбаастыыбын ээ”, – диэн хардарбыппын билбэккэ да хаалбытым. Оччолорго таджик, узбек норуоттарын остуоруйаларын тылбаастаабыт кэмим этэ. Олорбун “Бэлэм буол” хаһыакка бэчээттээннэр, гонорарынан олус өйөөбүттэрэ. Ону хаһан да умнубаппын.
– Оҕоҕо аналлаах кэпсээннэриҥ туспа кинигэ буолан тахсыбыттара. Ол кинигэлэриҥ туһунан билиһиннэриэҥ?
– Хоту дойду олоҕо-дьаһаҕа кэпсэнэр айымньылары суруйар буолбуппар норуодунай поэт В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап өҥөтө улахан. Кини: «Чэ, Сэмэн, ити кэпсээбитиҥ курдук суруйан кэбис», – диэн ыйан-кэрдэн биэрбитигэр хоту дойду тиэмэтигэр үөрүүнэн ылсыбытым. Ити курдук “Муора арыытыгар олох” (1986), “Туундара оһоҕо” (1989) кинигэлэрим тахсыбыттара. Кэлин «Күөс этэ», «Сааскы ырбыы» диэн кэпсээннэри суруйталаабытым киэҥ эйгэҕэ таҕыста.
– Аны тылбааска эмиэ үлэлииргин билэбит. Олор ортолоругар оҕоҕо анаан суруллубуттар бааллар?
– Бааллар, аҕыйаҕа суохтар. Нуучча биллиилээх педагога, суруйааччы, научнай педагогиканы төрүттээччи Константин Дмитриевич Ушинскай “Хараҕа суох ат” остуоруйатын, ону таһынан таджик норуотун көрүн-нарын түмэн тылбаастаабыппынан киэн туттабын. Бу эйгэҕэ бастакы алҕааччым Амма Аччыгыйа этэ.
– Сыл-хонук ааһара түргэн, ону кытта көлүөнэ эмиэ балысханнык уларыйар. Ол да буоллар, ааҕааччы кэккэтэ син биир баар буоллаҕа. Кинилэргэ туһаайан тугу этиэххин баҕараҕын?
– Оҕо барахсан айымньыны сэҥээрэрин, умсугуйан ааҕарын, кэпсээн ис хоһоонун уйаннык ылынарын тухары саха литературата оҕоҕо туһулаан өссө да үлэлиэ, айыа-тутуо дии саныыбын. Онуоха биһиги, суруйааччылар, онно тирэх буолар, үгүс айымньыны бэлэхтиир, күн сирин көрдөрөр эбээһинэстээхпит.
Онон, 75 сааспын туолбут киһи быһыытынан, аччыгый ааҕааччыларым миигин уһун үйэлээбиттэригэр, айымньыларбын ааҕалларыттан үөрэбин, кинилэринэн киэн туттабын, оҕолорбор үтүө эйгэлээх, сылаас тулааһыннаах алгыспын тиэрдэбин.
Кэпсэттэ Василий ИВАНОВ.
Мэник уол
Бөҕү-сыыһы,
Буору-тааһы
Бэйэтигэр
Бүрүнэн,
Таһыырга
Түбэспит
Киһичээн,
Кириһээн,
Кирээһиэн…
Соһуйдум кэлин мин
Дьэ, дьикти диэтэҕиҥ,
Дьэ, дьиибэ диэтэҕиҥ!
Үөһэ көр, күөх халлаан,
Аллара көр, күөх халлаан.
Күнү кууһан сытар,
Күндүл кыымын ыһар…
Тулуйар кэлиэ дуо,
Көрөн туруллуо дуо,
Көҥүл хааман истим,
Чалбах эбит дуу диэммин
Соһуйдум кэлин мин.
Кутуйах
Ханна ас баарын,
Хата, чопчу билэр,
Сирдиир “урууларын”,
Кирэр, кэбийэр…
Идэтинэн эмиэ
Ибигирээн истэ…
Муннуктан эмискэ
Мууркаҕа түбэстэ…
Куукулата ыалдьыбыт
Куукулатын бүрүйбүт,
Кичэллээхтик үллүйбүт,
Ира хоско ытыыр:
– Ийээ, “скорайда” ыҥыр!” –
диир.
Хаастар
Кып-кыһыл атахтаахтар,
Хаҥкынас саҥалаахтар.
Туора үктээн,
Топпут хаастар
Биирдиилээн субуруспуттар.
Топпут хаастар
Хаһан даҕаны
Суолтан туораабаттар,
Тоҥсуйары даҕаны
Ыраахтан ылбаттар.
Чоппуускалар
“Чубу-чууп, чубу-чууп!”
Чоппуускалар элбэхтэр,
Олбуор тула сырсаллар,
Иллээхтик оонньууллар,
Элиэттэн, тураахтан
Эндэппэккэ саһаллар.
Кулунчук
Силбиккэ, тумаҥҥа,
Сыһыыга, толооҥҥо
Дьигиһийэ титирээн,
Чирэччи тэбинэн
Туран кэллэ кулунчаан –
Түөрт түөрэҥ туйахчаан.
Тэйиэккэлии ойуолаата,
Ийэтин тула сүүрдэ,
Тиритэн, омуннуран
Сүһүөхтэрэ тэнийдэ.
Күһүн
Көччөхтөрүн көтүтэн,
Кыптыый кынаттааҕын
үөрдээн,
Отону, тэллэйи дэлэтэн,
От-мас үлэтин түмүктээн,
Оскуолабыт аана тэлэйэр –
Оҕолоор, ол хайа кэм этэй?
Уһуйааҥҥа
Олбуорга оонньуубут,
Саҥа хаарга сырсабыт,
Хайыһардыыбыт,
Хаҥкылыыбыт.
Таһырдьаттан киирэбит,
Таҥаспытын устабыт,
Остолобуой дьиэ диэки
Осторуойдаан барабыт.
Иһит-хомуос тардыллар,
Аһыыр кэммит чугаһыыр.
Чүөчэ Маанньа хааһыта
Минньигэһин эриэхсит!