(Аныгы остуоруйа)
“Биэс” эрэ сыанаҕа үөрэнэр бэрт уол Бэргэн быйыл сэттис кылаас буолла. Кини үөрэҕэр эрэ кыһамньылаах буолбатах, дьиэтигэр эмиэ көмөлөөх: мууһун, маһын этиттэрбэккэ бэйэтэ киллэрэр, уруогуттан кэлээт, сүөһүлэрин ойбоҥҥо уулата илдьэр, балтын көрөр-харайар, иһит, муоста сууйар. Аҕата, ийэтэ Бэргэн сүрэхтээҕиттэн, улахан киһилии боччумнааҕыттан, эппиэтинэстээҕиттэн олус диэн үөрэллэр, киэн тутталлар.
Биирдэ Бэргэн, оскуолатыттан кэлэн иһэн, аара суолга туох эрэ күлүмүрдүү сытарын ылан көрөр. Хаһан да харахтаабатах дьикти тэрилэ эбит. Ытыс саҕа кээмэйдээх, кыракый биир кунуопкалаах. Эргим-ургум тутан көрөн баран, туох буоларын быһаарбакка, аны ким эрэ түһэрбитэ буолуо дии санаан, төттөрү миэстэтигэр ууран кэбиһэр.
Киэһэ Саҥа дьыллааҕы харыйатын көрө сытан, утуйан хаалар. Арай түһээтэҕинэ, харыйа кэнниттэн Тымныы Кырдьаҕас тахсан кэлэр уонна били дьиибэ тэрилин киниэхэ утары ууна-ууна этэр:
— Тоҕо баарыан бэлэхпин ылбатыҥ? Мэ, бу төлөпүөн диэн тэрил. Аны 10 сылынан хас биирдии оҕоҕо маннык аппараат баар буолуоҕа. Эйиэхэ үтүө майгыҥ, үчүгэй үөрэҕиҥ, дьоҥҥор туһаҥ иһин урутаан биэрэбин, — диэт, кырыа бытык оҕонньор сүтэн хаалар.
Уол тоҥон уһуктубута, арай, кырдьык, харыйа анныгар били мала сытар эбит. Наһаа соһуйар, тулатын көрүнэр уонна, сэрэнэн-сэрэнэн ылан, кунуопкатын баттаан көрөр.
Кыратык таарыйаатын кытта, төлөпүөнэ холбонон кэлэр, биирдэ сандаара түһэр. Бэргэн куттанан мүччү тута сыһар. Экраныгар кыыс көстөн кэлэр уонна бу тэрили хайдах туһанарын туһунан кэпсээн барар.
Дьэ, бу түгэнтэн ыла Бэргэн кимиэхэ да эппэт кистэлэҥнэнэр. Талкыйан-хасыһан, саҥа аппараат ис оҥоһуутун быһаарар. Төлөпүөнэ быыкаайыгын аанньа, улахан кыамталаах эбит. Оронугар сытан эрэ, сэриилээх да оонньуон, хаама сылдьан, хантан баҕарар доҕотторун дьиэлэригэр эрийиэн, аан дойду сонунун ааҕыан, киинэ көрүөн, ырыа истиэн, хаартыскаҕа түһэриэн, хаамыраҕа устуон сөп эбит. Оннооҕор дьиэтээҕи үлэтин мантыкайа суох толорбот буолар, “Гугл”, “Яндекс” диэҥҥэ киирэн, сорудахтарын эппиэттэрин мантан булан ылар.
Дьэ, хас күн ахсын төлөпүөнүн араас албастарын арыйан, адьас арахсыспат атас оҥостор. Кууспутунан утуйар. Туппутунан уһуктар. Күнү быһа бу эрэ туһунан саныы сылдьар “ыарыыланар”. Уруокка тугу кэпсииллэрин болҕойбот, төрөппүттэрэ тугу этэллэрин аахайбат, доҕотторо сэһэргииллэрин наадыйбат буолар. Өйө-толкуйа барыта – төлөпүөнэ эрэ. Онтон ордук кинини туох да сэҥээрдибит, сэргэхсиппэт.
Эгэ, мууһун-маһын киллэриэ үһү дуо? Ол умнуллууга хаалар. Уруок да ааҕыллара аччыыр. Күнү быһа төлөпүөнүн эрэ талкыйан тахсар. Аанньа аһаабакка, сүгүн утуйбакка, сүүрбэккэ, хамсаммакка, иинэн-хатан барар, мэлдьи сылайбыт курдук сылдьар, сэниэтэ суох буолар, онтон сылтаан ардыгар кыйаханан ылар.
Биирдэ аҕата уолун хоһугар киирэн кэлэр. Бэргэн төлөпүөнүн сыттыгын анныгар кистии охсор.
— Тоойуом, туох буоллуҥ? Ыарытыйаҕын дуу, хайдах дуу? – диэн ыйытар.
— Суох. Үчүгэйбин.
— Оччоҕо хааргын күрдьүөххүн. Тоҕо сытаҕын? — диир.
Онуоха уола:
— Күрдьүөм буоллаҕа дии. Туох ааттаах хамаандалаан хааллаххыный, – диэн кыыһыран буугунуур.
Уола кэнники кэмҥэ наһаа уларыйбытын, кыраттан да тымтар буолбутун аҕата олус диэн бэркиһиир.
Ити кэмҥэ ийэтэ үлэтиттэн тиийэн кэлэр.
— Бэргэн баар дуо?—диэбитинэн, уолун хоһугар ааһар. Кэргэнэ турарын, Бэргэнэ оронугар умса сытарын көрөн: – Хайа, туох буолла? – диир.
— Билбэтим. Оҕобут иһигэр “атын” туох эрэ олохсуйбут быһыылаах. Кинини “ол” салайар буолбут, — диир аҕата.
— Дьэ, чахчы, оннук быһыылаах, нохоо. Мин, дьэ, учууталын көрүстүм. Уолбут көтүтүү бөҕөлөөх эбит. Нуучча тылыгар уонна ахсааҥҥа “2”-лэнээри сылдьар үһү, — диэн кытаанахтык этэр.
Аҕата ити “сонунтан” букатын да уордайан турар, уолун оронуттан сулбу тардан ылан, улаханнык мөҕөр, чыпчахайынан таһыйар.
Бэргэн ытыыр. Ийэтэ эмиэ ытамньыйа-ытамньыйа саҥарар. Хос иһигэр аймалҕан бөҕө буолар.
Маны барытын истэ сылдьыбыт кыракый балта куукунаттан сүүрэн кэлэн этэр:
— Ийээ, аҕаа! Бэргэн ити тоҕо итинник буолбутун билэбин ээ. Кини аптаах хоруопкалаах. Уоран көрбүтүм. Күнү быһа онон оонньуур. Сотору кини робот буолуоҕа , — диир.
Дьоно соһуйаллар, уолларыттан ол хоруопкатын көрдөрөрүгэр модьуйаллар.
Бэргэн баҕарбатар даҕаны, төлөпүөнүн биэрэр. Төрөппүттэрэ дьиибэргии-дьиибэргии көрөллөр. Балта: “Миэхэ-миэхэ”, — диэн былдьаһан ылаары, төлөпүөнү муостаҕа хампы түһэрэн кэбиһэр.
Бэргэн хаарыан төлөпүөнүн харыһыйан, дэлби ытыыр. Хайыай, сатаан силимнээн оҥорбот буоллаҕа эбээт…
Сарсыҥҥы күнүттэн төттөрү уруккутугар түһэр. Оҕо оҕо курдук күлэр-оонньуур, дьонугар көмөлөһөр, куруһуоктарыгар сылдьар, үөрэнэр буолар.
Ону көрөн балта: “Һуу, хата хоруопканы хампы түһэрбитим үчүгэй эбит. Убайым робот буолбат буолла”, — диэн үөрэр.
Анисия Иевлева.