Техническэй наука доктора А.Е. Слепцов аатынан Абый орто оскуолата быйыл 68 үөрэнээччигэ саҥа Билии аанын арыйда. Биһиги оскуолабыт 2015 сылтан агрооскуола статуһун сүгэр. Ынахтаахпыт, сылгылаахпыт. Төһө да тымныы, кылгас сайыннаах хоту дойдуга олордорбут, оҕуруот аһын арааһын олордобут. Бүгүн эһиэхэ норуокка «иккис килиэбинэн» биллэр хортуосканы хайдах олордорбут туһунан билиһиннэриэхпитин баҕарабыт.
Оскуолабытыгар хортуосканы олордубуппут 20-тэн тахса сыл буолла. Бастаан биология, география учуутала, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор М.Н. Корякина ылсан, өлгөм үүнүүнү ылары ситиспитэ. Кини хоту дойдуга хортуоска ханнык сорда табыгастааҕын, уоҕурдуутун, албастарын үөрэтэн элбэх оҕону чинчийэр үлэнэн дьарыктаабыта, элбэх сүбэ-ама, көмө брошюралары тарҕаппыта. Ол курдук, хортуосканы арассаадалаан үүннэрии, сиртэн тэйэн турар анал коробтарга үүннэрии, кур отунан саба быраҕыы курдук ньымалары билигин да туһанабыт.
Саас аайы хас биирдии кылаас сайын үүнэр сибэккибит, хортуоскабыт арассаадатын бэйэбит олордобут. Ол курдук, ыам ыйыттан саҕалаан хортуоппуйу араскы тартара сииктээх опилкаҕа быраҕабыт. Араскыылатар сир сырдык, сылаас буолуохтаах. Хараҥа сиргэ сытан быкпыт араскы кубаҕай, уһун синньигэс уонна ыарыыга бэринимтиэ буолар диэн билигин үлэлии сылдьар биология учуутала Е.В. Неустроева кэпсиир. Ол кэннэ араскыта таҕыста да, үүнээйи арассаадатын курдук целлофан пакеттарыгар, сок хахтарыгар тус-туспа олордобут. Бу курдук ортотутан 300-тэн тахса арассааданы бэлэмниибит. Умнаһын ото 20 см курдук уһаабытын кэннэ, сирбитигэр таһааран биир луункаҕа биир угу олордобут. Хортуоппуй 20 см диэри хорутуллубут, көпсөркөй буорга табыллан үүнэр. Сир сиигин туттун, сыыс от үүммэтин диэн сыалтан хортуоскабыт быгаатын кытта кур отунан тэлгэтэбит. Бу эмиэ хоту дойдуга олус табыгастаах ньыма буолар.
Сайын салгыы оҕуруоту «Фермер» лааҕырга сылдьар оҕолор көрөллөр. Уу куталлар, буор көбүтэллэр, оҕуруот үлэтин барытын үлэлииллэр.
Сиргэ олордуллар ханнык баҕарар култуураҕа ууну учугэйдик куппатахха, үрдүк үүнүүнү ылбаккын. Ол эрээри ууну кутуу эмиэ нуормалаах, дьылыттан тутулуктаах. Ууну бастаан олордубуппут кэннэ, 10-ча хонукка биирдэ кутабыт. Күһүн үүнүүнү хомуйуох уонча хонук иннинэ ууну кутууну тохтотуллар. Улахан хаһыҥнар түһэ иликтэринэ, балаҕан ыйын 10 күнүттэн хортуоппуйу хомуйары саҕалыыбыт.
Маннык арассаадаланан тахсыбыт уонна хортуоскаҕа анаан тутуллубут сиртэн үрдүккэ турар коробтарга үүммүт хортуоппуй түргэнник ситэр. Атырдьах ыйын саҕаланыытыттан сибиэһэй хортуоппуйу сиэбитинэн барабыт.
Ити курдук хоту дойду олохтоохторо араас элбэх албастары туттан өлгөм үүнүүнү ылабыт.
Суруйда Абый орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Лилиана САДОВНИКОВА,
учуутала А.Н. ЧИРКОВА.