Мин бу боппуруоска тус бэйэм санаабын суруйабын. Оскуола оҕото буолан, политика, промышленность, экономика хайыскаларыгар быһаарсарым мөлтөх. Култуура, литература өттүн ылан ырытыам.
Түннүк нөҥүө устар былыттары көрөбүн. Ыраах үрүҥ былыкка олорсон санаам далыгар уйдарабын. Күн күлүмнэс чаҕыла дууһабын угуттуур, сиккиэр тыал сылаас тыына оҕолуу иэйиибин имэрийбэхтээн ааһар. Бу олорон, ханна, хайдах олорорбун санатым…
Мин улуу Россияҕа олоробун, онон киэн туттабын. Омук дойдуларыгар нууччалар судаарыстыбалара диэн биллэр. Ол эрээри манна элбэх норуот олорор, элбэх өрөспүүбүлүкэ баар: Тыва, Мордовия, Дагестан, Коми, о.д.а.
Мин сахабын. Саха өрөспүүбүлүкэтэ киэҥ иэнинэн, олус элбэх тыа, алаас, күөл баайдааҕынан биллэр, онон Россия иэнин (территориятын) байытар.
Саха сирэ хайдах Россия састаабыгар киирбитэй? 1832 сыллаахха Петр Бекетов Саха сиригэр бастакы Ленскэй острогу төрүттээбитэ кэлин Дьокуускай диэн куорат буола сайынна. Кистэлэҥ буолбатах, нууччалар бастаан Саха сирин күүстэринэн холбообуттара. Дьиҥэ, саха норуота манна уруккуттан, 200 тыһыынча сыл анараа өттүттэн, олохсуйбут сирэ буолар.
Биллэн турар, Россия Саха сирэ сайдарыгар улахан сүҥкэн кылааттаах. Ол гынан баран, туох барыта икки өрүттээх дииллэринии, манна эмиэ оннук. Сүрүн кылаатынан Россия үөрэҕириинэн хааччыйыытын ааҕабын. Уон тохсус үйэ бүтэһик сылларыттан саҕалаан, саха дьонун үөрэхтииргэ сыал туруоран, кырдьык, ол табылынна. Билигин Сахабыт сиригэр университет, институттар, колледжтар, техникумнар, гимназиялар, орто оскуолалар үрдүк таһымнаахтык үлэлии тураллар.
Аҕа дойду улуу сэриитигэр Россия норуоттара бары биир киһи курдук турунан ньиэмэс фашистарын кыайан, билигин эйэлээх халлаан анныгар олоробут. Ол кэмҥэ Саха сирэ туспа турара буоллар, фашистар имири эспиттэрэ, суох гыммыттара ырааппыт буолуо этэ.
Бу суруйуубар мин сүрүн болҕомтобун төрөөбүт тылбытыгар ууруохпун баҕарабын.
Билиҥҥи олох сүрүн куһаҕан өрүтүнэн саха тыла, төрөөбүт төрүт тылбыт сүтэр, эстэр кутталлааҕын ааҕабын. Улуу нуучча норуотун кынатын күлүгэр олорон, бэйэбит уратыбытын баттаатыбыт. Саха киһитэ сарсыҥҥытын туһугар долгуйуохтаах, хас биирдиибит норуоппут симэлийбэтин туһугар, саатар төрөөбүт тылын, суругун-бичигин күннээҕи олоххо туттарынан даҕаны бэйэтин кылаатын киллэриэхтээх.
«Төрүт тылбыт тыына тыаҕа сытар” диэн кынаттаах этии баар. Төрөөбүт төрүт тылбыт өр сыллар усталарыгар түҥ былыргы дьыллартан билиҥҥэ диэри сүппэккэ–симэлийбэккэ уу сүүрүгүн курдук, устан кэллэ. Саха киһитэ, былыр төһө да суруга–бичигэ суох буоллар, бэйэтин санаатын, баҕарар баҕатын күүстээх уонна сиэдэрэй уус–уран тылынан этэрэ-тыынара. Тыл сүттэҕинэ, омук эмиэ сүтэр, ону өйдүөххэ наада. И.С.Зверев “Саарбахтыыбын” диэн олус үчүгэй хоһоонноох. Онно барыта этиллэр.
Биллэн турар, саха норуота – аҕыйах ахсааннаах норуот. Ол эрээри, биһиги атын норуоттартан туох да итэҕэһэ суох баай тыллаахпыт, култууралаахпыт, өйдөөхпүт-санаалаахпыт. Нууччалар саха итэҕэлин суох гына сатаабыттара, христианствоны күүстэринэн иҥэрбиттэрэ – эмиэ биир чахчы. Бу туһунан В.А.Кондаков “Аар Айыы итэҕэлэ” кинигэттэн ааҕыахха сөп.
Аныгы сайдыы тосхоло – көмпүүтэр, суотабай, Интернет, ватсап, тылга охсуута улаатан иһэр. Оҕолор, улахан да дьон нуучча тылы кыбытан саҥарарбыт үксээтэ. Тоҕо? Мин санаабар, тулалыыр эйгэбититтэн: нууччалыы кинигэ, хаһыат, ТВ биэриилэр. Бу барыта, хомойуох иһин, саха култууратын барытын баһыйар. Билиҥҥи үйэҕэ үгүс сахаларга нуучча тыла иккис төрөөбүт тыл курдук буолла. Сорохтор, бэл, нууччалыы толкуйдуур, сахалыы айымньылары аахпат, сахалыы суруйбат буоллулар.
Нуучча эбэтэр Англия суруйааччыларын айымньылара аан дойдуга аатыраллар. Онтон биһиэхэ билиҥҥи үйэни, олоҕу көрдөрөр, сэмэлиир, ойуулуур, хайгыыр, киэргэтэр САХАЛЫЫ аныгы айымньылар тоҕо суохтарый? Эдэр суруйааччылар бааллар дуо? Урукку суруйааччылар Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуун түүлэ”, Платон Ойуунускай “Кыһыл Ойуун” улуу поэмаларын, Далан “Дьылҕам миэнэ”, “Тулаайах оҕо”, Николай Якутскай “Төлкө”, Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм”, Эрилик Эристиин “Маарыкчаан ыччаттара” о.д.а. романнары уруккуга хааллардыбыт, умуннубут. Саха тылын сүмэтин сомсоору, норуоппут историятын билээри, бу улуу айымньылары ааҕыаҕыҥ! Тоҕо билигин маннык таһымнаах айымньылар суохтарый?!
Мин төрөөбүт тылбар тапталбын, ыраастык саҥарарга баҕабын устар кэм умуруорбат!
Россия курдук сүдү судаарыстыба баар буолан, биһиги халыҥ дурдаҕа – хаххаҕа баарбыт, онон махтанабыт! Нуучча тыла – эмиэ олус кыраһыабай тыл, ол эрээри, саха дьоно, норуота бэйэтин тылынан кэпсэтэрэ ордук дии саныыбын. Тылы сэнээһин – норуоту сэнээһин. Билиги улаханныын-оҕолуун нуучча тылын кыбытан саҥарабыт: “уже”, “почти”, “до конца”, “что ли”, “надо». Кырдьыга диэн, мин эмиэ. Ол эрээри бэйэ тылын сэниир сатаммат диэн бигэ санаалаахпын, тыла суох норуот эстэрин билэбин.
Уонна биири бэлиэтээн эттэххэ, лингвист Новгородов С.А. оҥорбут букубаарын кэнниттэн бу хайысханан үлэ ситэ тиһэҕэр тиэрдиллибэтэх быһыылаах. Нууччалыыттан киирии тыллары хайдах да гына сахатыппатыҥ биллэр. Тэлэбиисэри наһаа «тимир дьааһык”, төлөпүөнү “кэпсэтэр тэрил” эҥин диэбэт буоллаҕыҥ. Чэ, аны ону уларыйар кыах суох быһыылаах. Атыннык этэр кыаллыбата да буолуо.
Биһиги төрөөбүт тылбыт – өлбөт – сүппэт барҕа баайбыт, норуот быһыытынан дьикти күүспүт, киэн туттуубут. Төрөөбүт тылын билэр киһи бэйэтин норуотун ытыктыыр – таптыыр. Норуот төрөөбүт тылынан кэпсэтэр, билэр эрэ буоллаҕына, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн үйэтийэр. Улуу да, кыра да норуот, ийэ тыллаах буолан, күүстээх, муударай уонна кэскиллээх буолар.
Саха атын омуктартан олох ураты норуот дии саныыбын. Төһө да аҕыйах ахсааннаах буолбуппут иһин, айылҕа оҕолоро буоларбытынан, уйан дууһабытынан, олоххо тардыһыыбытынан, хорсун санаабытынан, амарах, дьоһун майгыбытынан уратылаахпыт. Төһө да тыйыс тымныылаах дойдуга олордорбут, сырдык ыраас ыралаах, бэйэ–бэйэҕэ болҕомтолоох, сылаас-сымнаҕас сыһыаннаах дьон буолабыт.
Мин саха буоларбынан киэн туттабын. Киэн туттабын, мүөт сыттаах төрөөбүт тылым сиэдэрэйинэн, киһи дууһатын кынаттаан көтүтэр уйан тыастаах хомуһум ырыатынан, ыраахтан эҥсиллэн иһиллэр, дорҕоонноох тойугунан, тупсан торолуйбут дойдум кэрэ айылҕатынан!
Саха сирэ өскө Россияҕа киирбэтэҕэ буоллар, муҥутах, хаалынньах олохтоох-эйгэлээх буолуо этэ. Россия баар буолан, Саха сирэ сайынна диэххэ сөп. Биитэр ким билэр: Саха сирэ төрүт атыннык сайдыа этэ дуу? Россияҕа олорор буолан, билигин дьоҥҥо элбэх тоҕоос, кыах баар. Онон кырдьык, Россия Саха сиригэр улахан өҥөлөөх. Ол эрээри биһиги да дойдубут сиртэн хостонор баайынан Россияҕа эмиэ улахан өҥөлөөх. Алмааһы хостоон, Россияны бүтүннүү үбүнэн хааччыйар. Ол эрээри биһиги култуурабыт, литературабыт сайдарыгар, үрдүк таһымнаах сахалыы айымньылар тахсалларыгар, тылбаастанан, аан дойдуга тарҕаналларыгар үлэ барара биһгиттэн, сахалартан, тутулуктаах. Саха олус мындыр, бөлүһүөктүү өйдөөх–санаалаах, Аан дойдуну да баһылыыр кыахтаах өйдөөх диэн мин эрэнэбин.
Россия күнүнэн эҕэрдэлиибин! Россия биһиги улуу судаарыстыбабыт буолар! Дьоллоох олох тосхойоро былаастан эрэ тутулуктаах буолбатах, бэйэбит эмиэ элбэҕи дьаныһан туран оҥоруохтаахпыт. Сарсыҥҥы күҥҥэ мин итэҕэйэбин. Россия уонн Саха сирэ төһө да биир иэҥҥэ сытталлар, мин тус туспа көрөн туран, этэбин: бу мин улуу дойдуларым!
Эльдар Садовников, “Элгэс эрэллэрэ” пост, 11 кылаас,
Абый, Сыаҥааннаах.
Хаартыскаҕа: Дьааҥы Боронугун оҕолорун оҥоһуктара.