В.Н. Дохунаев аатынан Муҥурдаах агрооскуолатын үөрэнээччилэрэ биир нэдиэлэ производственнай практикабытыгар оскуола таһынааҕы учаастакка үөрүү – көтүү аргыстаах үлэлээтибит.
Хас биирдии кылаас бэйэбит кирээдэлээхпит. Хортуоска хомуйдубут, ким элбэх үүнүүлээҕэр куоталастыбыт.
Хаппыыста, оҕурсу, пиэрэс, моркуоп, луук, помидор хомуллан атыыланнылар. Сорҕото кыһын, остолубуойга сииллэригэр анаан, кырбанан, теркаланан уурулунна. Тымныы сайын да аастар, баһаам үүнүүнү ыллыбыт. Луук, хаппыыста 90 кг тахса хомулунна. «Своя грядка» анал кирээдэлэртэн 129 кг хортуоска хомулунна. Уопсай хортуоска кирээдэни кытта холбоон 1 туонна 160 кг буолла!
Оскуолабытыгар 3 теплицалаахпыт. Оҕуруокка буору, уоҕурдууну – барытын бэйэбит таһан, сир үрдүгэр кирээдэлэри оҥоробут. Сайыммыт олус тымныы буолан, оҕуруот аһын олордор уустуктардаах. Хас биирдии үүнээйини кыһамньылаахтык көрдөххө эрэ үүнүүнү ылыахха сөп.
Толя Полушкин, IX кылаас.
Учуутал: Сорокоумова А.Г.