Олоҥхо — норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала. Бухатыырдар дьоруойдуу охсуһууларын көрдөрөр эпическэй айымньы. 2005 сыллаахха сэтинньи ый 25 күнүгэр биһиги улуу айымньыбыт ЮНЕСКО-ҕа киирбитэ. Онтон ыла бу күнү сыл ахсын өрөспүүбүлүкэ өрө тутан, күүстээхтик бэлиэтиир.
Абый орто оскуолатыгар Олоҥхо күнэ ахсынньы ый 5 күнүгэр буолан ааста. Бу күн оскуолабыт иһигэр олоҥхо эйгэтэ олохтонно. Таһырдьаттан оскуола аанын аһа түһээккин кытта эйигин үөрэнээччилэр оҥорбут дьэрэкээн оҥоһуктара, араас өҥнөөх, кырааскалаах уруһуйдар, олоҥхоҕо аналлаах кинигэ быыстапката көрсөллөр. Ону таһынан учууталлар, үөрэнээччилэр сахалыы таҥнан, илин кэбиһэр, бастыҥа кэтэн кэлбиттэрэ киһи хараҕын үөртэ.
Тэрээһиммит иккис чааһыгар бары мустан олорон ийэ-олоҥхоһут Г.Г. Колесов “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону толорорун быһа тардан иһиттибит. Ол кэннэ бэйэбит оҕолорбут олоҥхолуулларын көрдүбүт. Детсад оҕолоруттан саҕалаан орто сүһүөх оҕолоругар диэри бэрткэ бэлэмнэнэн толордулар.
Салҕыы тэрээһиммитин хомусчут кыргыттар киэргэттилэр. Сэтинньи 30 күнэ хомус күнүнэн биллэр. Биһиги оскуолабыт 8-9 кылааһын кыргыттара быйыл Абхазияҕа тиийэ хомустаан кэлбиттэрэ. «Алтын Майдан» диэн этно күрэххэ ситиһиилээхтик кыттан лауреат үрдүк аатын сүкпүттэрэ. Кинилэр «Айылҕан» диэн хомус ансаамбыллаахтар.
Онтон минньигэс астаах повардарбыт сахалыы эбиэт бэлэмнээбиттэр. Буотарах миинэ, көбүөрдээх лэппиэскэ, хайах, суорат, алаадьы сиэтибит. Бары тото астына аһаатыбыт, Олоҥхо күнүн өйдөөн хааллыбыт.
Түмүктээн эттэххэ, Олоҥхо нэдиэлэтэ олус сэргэхтик, туһалаахтык ааста. Нэдиэлэ устата үөрэнээччилэр ситиһиилэрэ үгүс: олоҥхо дьыктаанын суруйдубут, олоҥхо олимпиадатыгар кытынныбыт, уруһуй, илиинэн оҥоһуктар күрэхтэригэр кыттыыны ыллыбыт уо.д.а. Улуу аймньыбыт олоҥхобут сайдарын туһугар биһиги кыһаллыахпыт, кэпсии, киэн тутта сылдьыахпыт.
Суруйда Анжелика Никулина, 9 кылаас үөрэнээччитэ.
Олонхобут күнэ үрдүк күүрүүлээхтик, олус интэриэһинэйдик, сонуннук ааста. Үлэһиттэр, оҕолор астынныбыт. Кылаастарынан бэрт сэргэх кылаас чаастара ыытылыннылар. Онтон бары аактабай саалаҕа баран Олоҥхо алыбар ылларан, олоҥхо истэн, көрөн, оҕолор бэйэлэрэ кытыннылар, олоҥхо аахтылар. Бу күн үлэһиттэр, оҕолор сахалыы таҥнан-симэнэн кэлбиттэрэ, тэрээһини өссө ордук киэргэттэ.
Олоҥхо тиэмэтигэр оҥоһуктарга элбэх үлэ киирбит. Төрөппүттэр, дьиэ-кэргэнинэн оҥорбут үлэлэрэ улахан сэҥээриини ыллылар. Түгэнинэн туһанан актыыбынайдык кыттыбыт дьиэ-кэргэттэргэ улахан махталбытын тиэрдэбит. Маны таһынан оҕолор уруһуйдарын, оҥоһуктарын быыстапката ыйанна.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи уруһуй күрэҕэр оҕолор үлэлэрэ эмиэ ыытыллыбыта. Олоҥхо диктаныгар миэстэлэспит, уруһуй, оҥоһук күрэҕэр кыайбыт оҕолор бириистэринэн грамоталарынан наҕараадаланнылар. Түмүккэ бары сахалыы аһынан аһаатыбыт. Манна бутугас миинэ, көбүөрдээх лэппиэскэ, хайах, суорат баара. Оҕолордуун, улаханныын астынан тарҕастыбыт.
Түгэнинэн туһанан, тэрээһиммитигэр көмөлөспүт төрөппүттэргэ А.И, А.Н. Дохунаевтарга, Слепцова С.В., Е.В., А.А. Неустроевтарга, И.В, Д. Никифоровтарга, И.П, Т.А. Томскайдарга, А.В. Герасимоваҕа махталбытын тиэрдэбит.
М.В. Стручкова, социальнай педагог.