Сэтинньи 29 күнүгэр т.н.д. А.Е. Слепцов аатынан Абый орто оскуолатыгар үгэскэ кубулуйбут Оскуола күнэ буолан ааста. Хамсык кэмигэр тохтообут тэрээһиммитин олус күүтэн, долгуйан бэлэмнэннибит.
Бу күн 1993 сыллаахха Абый орто оскуолатыгар профессор, техническэй наука доктора А.Е. Слепцов аата иҥэриллибитэ. Ол иһин бу күнү «Оскуола күнэ» диэн ааттаан бэрт тэрээһиннээхтик, уратытык атаарабыт.
Сарсыардаттан аһаҕас уруоктар, кылаас чаастара ыытылыннылар. Бу күн Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылыгар аналлаах кэнсиэр күрэҕин түмүгүнэн бастаабыт дьиэ кэргэн, чаҕылхай нүөмэри көрдөрбүт үөрэнээччилэр хабыллар ытыс тыаһынан доҕуһуоллатан, кыһыл көбүөр устун хааман киирэн эҕэрдэ сурук, сэмэй бэлэх туттулар.
Үөрүүлээх тэрээһин баалынан түмүктэннэ. Үөрэнээччилэр, учууталлар бары вальс ураты үҥкүүтүгэр эргийдилэр.
Бииргэ үөрэнэр доҕотторум Оскуола күнүн хайдах атаарбыттарын туһунан санааларын үллэстэллэригэр көрдөстүм.
Айсен Черемкин, 6 кылаас: «Мин ордук оскуола историятыгар аналлаах квест-оонньууну сөбүлээтим. Кылаастарынан сүүрэ сылдьан сорудах толордубут. «Остуол оонньуулара» диэн станция5а бэркэ астынан оонньоотум. Биһиги хамаандабыт уопсай түмүккэ 3 миэстэ буолла».
Юрий Слепцов, 9 кылаас: «Тапталлааах оскуолам күнүгэр сылдьан, сүргэм көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн астынан кэллим. Бу күн биһиэхэ, үөрэнээччилэргэ анаан, элбэх интэриэһинэй күрэхтэр ыытылыннылар. Мин «Квест» оонньууну сэргээтим. Оскуола иһигэр кылаастарынан сүүрэ сылдьан түргэн-түргэнник хамсанан, сып-сап толкуйдаан, ыллаан-туойан, ыстанан-тардынан тилигирэстибит. Ас арааһа тардыллыбыт остуолун билигин да саныыбын. Астынабын киэҥ-куоҥ, ыраас, сырдык оскуолаҕа үөрэнэрбиттэн. Түгэнинэн туһанан, үөрэтэр учууталларым, до5отторум, бука бары үөрэнээччилэр! Оскуолабытын өрүү харыстыы, таптыы сылдьарга диэн ыҥырабын».
Игнат Никонов, 8 кылаас: «Мин ордук фуршеты сөбүлээтим. Учууталларбыт, повардарбыт астара минньигэс даҕаны! Перемена ахсын хабылык, хаамыска, тырыыҥка оонньуурбут, квест сорудаҕын толорорго олус көмөлөстө».
Вероника Дохунаева, 8 кылаас: «Бу күн оҕолор, учууталлар наһаа кэрэлэр, кыраһыабайдар. Долгутуулаах вальс, минньигэс астаах фуршет, хаһан да умнуллубут кэрэ түгэн барыта мин оскуолам күнүгэр буолла. Олус астынным, үөрдүм!».
Ванесса Новикова, 8 кылаас: «История школы» станциятыгар меморина, пазл оҥорбуппут. Меморинаҕа оскуолаҕа сыһыаннаах хартыыналары бэлэмнээбиттэр, онтон пазлга үс араас оскуолабыт (былыргы, урут үөрэммит эргэ уонна сана таас) хаартыскатынан оҥорбуттара олус интэриэһинэй этэ».
В.В. Дохунаева, төрөппүт: «Төрөппүттэр оскуолабыт ураты күнүгэр ыалдьыттаатыбыт. Учууталлар, оскуола администрацията оҕолорбутугар, төрөппүттэргэ биир умнуллубут түгэни бэлэхтээтэ. Бу күнү уруккуттан долгуйа күүтээччибит. Ситиһиилээх оҕолорго наҕараадалар, бэлэхтэр туттарылыннылар. Биир бэйэм уолбун кытта кэнсиэргэ кыттыбыт нүөмэрдэрбит номинация ылбыппыттан үөрдүм, астынным».
Бэлэмнээтэ Вероника ДОХУНАЕВА, «Абый кэскилэ» эдкора.