Абый улууһун Муҥурдаах оскуолатын «Элгэс эрэллэрэ” эдкорпост чилиэнэ Эльдар Садовников «Кэскил» хаһыат биир көхтөөх эдэр кэрэспэдьиэнэ буолар. Эльдар аан бастаан «Кэскилгэ» уруһуйдьут быһыытынан сыстыбыта. Кэлин айар дьоҕура арыллан, хаһыакка суруналыыс быһыытынан заметкалары суруйар буолбута.Улуу Кыайыы 75 сылыгар аналлаах «Сэрии кэмин оҕолоро» куонкуруспутугар бириистээх миэстэҕэ тиксэн, гироскутерынан наҕараадаламмыта. Өссө кэлин билбиппин, Эльдар поэзия долгунугар оҕустаран, хоһоон айарга эмиэ холонор эбит. Бүгүн кини «Төрөөбүт тыл умсулҕана» литературнай куонкуруска кыттыбытын туһунан суруйар.
Ааспыт сыл бүтүүтэ өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕолор ортолоругар «Төрөөбүт тыл умсулҕана» кэпсээн, хоһоон суруйуутугар куонкурус ыытылынна. Уопсайа 32 оҕо кытынна. Дьүүллүүр сүбэ түөрт түһүмэххэ арааран сыаналаабыттар. Төрдүс түһүмэххэ Абый улууһуттан үс хоһооммунан кыттан, кыайыылаах буоллум. Уонна Саха сиригэр айар куттаах суруйар оҕолор “Сырдык сыдьаайа” түмсүүтэ тэрилиннэ.
Салайааччы Раиса Николаевна Михайлова–Тимофеева – Сырдык Күүс суруйар: «Хас биирдии киһи бу орто дойдуга Үөһээ Айыылартан ананан кэлэр. Эһиги төрөөбүт Сахаҕыт сиригэр, саха тыла сүппэтин туһугар, бар дьоҥҥут, норуоккут туһугар анан кэлбит дьолгут буолар! Суруйар диэн – бу Кэрэ Эйгэ! Ханна да сырыттаргыт сиэпкитигэр, суумкаҕытыгар уруучуканы, тэтэрээти укта сылдьар буолуҥ! Хаһан баҕар, ханна баҕар араас эгэлгэ тыллар көтөн кэлэн, үөрдүөхтэрэ, ону, дьэ, аһаран кэбиспэккэ, суруйа охсор сүрэхтээх буолуҥ! Бу эһиги айымньыгыт, искитигэр иитиллэн тахсар иэйиигит. Эһиги күүстээх санаалаах, сырдык ыралаах, инникини өтө көрөр суруйааччы буола улаатыҥ! Улахан оҕолору хоһооҥҥо үчүгэйдик ылсан суруйалларын ситиһэн, “Уран тыл оһуора”түмсүүбэр киллэртиэм. Манна аҕам саастаах суруйааччылар олороллор, кинилэртэн үөрэнэн, сүбэ – ама ылан, тыл сүмэтин хомуйдаххытына, бастыҥ буолуоххут! »
Манна бэлиэтэн эттэххэ, ол “Уран тыл оһуора” түмсүүгэ Абый Сыаҥааннааҕыттан биир дойдулааҕым Петр Иннокентьевич Новиков – Дьүкээбил баарын биллим. Түмсүү тэриллибитэ 2 аҥаар сыл буолбут, 53 кинигэ тахсыбыт, 26 ааптар бэйэтэ кинигэлэммиттэр, 13 улахан бырайыагы оҥорбуттар. Араас тэрээһини ыыталлар.
Түмсүү «Сырдык сыдьаайа» диэн тоҕо ааттана диир буоллаххытына, Сырдык Күүс маннык этэр: «Күн баар – бу олорор орто дойдубутугар Сырдыгынан тыгар. Киһи аймах төрүүр, үөскүүр сирэ. Онтон Сыдьаайа диэн тулалыыр дьоҥҥо айар үлэбитинэн, сурукпутунан, айымньыбытынан бар дьоммутун сырдыкка, кэрэҕэ сирдиир аналлаахпыт. Бу күҥҥэ дылы, соҕотох бэйэҥ бэйэҕэр сылдьан, иэйиилэргин тиһэр эбит буоллаххына, аны соҕотох буолбатаххын. Санааларгын үллэстэр доҕоттордоннуҥ! Бары биир дьиэ кэргэн курдук иллээх буолуоҕуҥ! Айар киһи уйулҕата чараас, кини атын дьон көрбөтүн көрөр, Төрөөбүт сиригэр, Ийэ айылҕатыгар чугас. Сахатын тылын өрүү харыстыахтаах.”
Салайааччы этэринэн, былаан элбэх. “Киһиэхэ хоһоон араастаан киирэр. Кимиэнэ эрэ сытыы, кимиэнэ сымнаҕас. Сорохтор атыннык тыбыыраан суруйалар – ол этитиилээх тыллар”, – диэн араас сүбэлэри күн аайы ыытар, суруйар. Хоһоон рифматыгар улахан болҕомто уурар, бэйэтин холобурунан үөрэтэр.
Түмсүүгэ наһаа дьоҕурдаах оҕолор бааллар. Киһи үөрэр, сөҕөр! Олус баай ис хоһоонноох айымньылардаахтар. Бары хоһооннорбутун ыытабыт, салайааччыны кытта ырытыһабыт, көннөрөбүт.
Суруйар оҕолор баар буоллахытына, өссө биллиҥ, түмсүүгэ киллэриэхпит! Соҕотох айар – тутар уустук. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар суруйар оҕолор бааргыт! Ыҥырабын, бу түмсүүгэ элбэххэ үөрэниэххит!
Дьукээбил
Кыһын үгэһин тутуспут
Саһыл суола субуруспут,
Халлаан хараҥа иэнигэр
Дьүкээбил дьиримнии оонньуур.
Дьэргэлгэн күлүм оһуора
Дьылбыт Оҕуһун бэлиэтэ,
Тыйыс дойдубут айхаллыыр,
Тымныы тыынынан биллэрэр.
Кыһыҥҥы кустук кэриэтэ
Дьоннор эйиэхэ үөрэллэр,
Кэрэхсээннэр көрөн тураллар,
Дьоллоох түгэни туталлар.
Эльдар Садовников