Дьокуускайга инбэлиит уонна доруобуйатынан хааччахтаах эдэр ыччат ортотугар идэ маастарыстыбатыгар «Абилимпикс-2020» VI Национальнай чемпионат V регионнааҕы талар түһүмэҕэ түмүктэннэ.
СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Владимир Егоров: «Абилимпикс» куонкуруска кыттааччы элбээн эрэрэ үөрдэр, ордук — оскуола оҕолорун ортотугар. Хас биирдии хайысхаҕа күүстээх кыттааччылар кыайыыны ситистилэр. Аны кинилэр Россия таһымыгар күрэххэ ситиһиилээх кэлэллэрин күүтэбит. Ол эрээри бу күрэх кыттааччылара бары кыайыылаахтарынан буолаллар. Бэйэлэрин сатабылларынан, маастарыстыбаларынан үрдүк билиилээхтэрин туоһулаатылар, — диэн кыайыылаахтары эҕэрдэлээтэ.
«Абилимпикс-2020» VI Национальнай чемпионат V регионнааҕы талар түһүмэх 140 кыттааччы ортотугар саастарынан 3 категориянан, 19 компетенциянан барда.
Күрэхтэһии профессиональнай үөрэхтээһин тэрилтэлэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи коррекционнай оскуолалар 13 былассааккаларыгар ыытылынна. Кыттааччылар “Предпринимательство”, “Массажист”, “Экономика и бухгалтерский учет”, “Сетевое и системное администрирование”, “Кондитерское дело”, “Ресторанный сервис”, “Вязание крючком”, “Резьба по дереву”, “Мультимедийная журналистика”, “Документационное обеспечение управления и архивоведения”, “Вэб-дизайн”, “Информационная безопастность”, “Портной”, “Медицинский и социальный уход”, “Лабораторный и медицинский анализ”, “Прикладная эстетика”, “Бисероплетение”, “Социальная работа”, “Ремонт и обслуживание автомобилей” компетенцияларга билиилэрин тургутустулар.
“Мультимедийная журналистика” хайысха кыайыылааҕа Өрөспүүбүлүкэтээҕи коррекционнай интернат-оскуолатын үөрэнээччитэ Саина Юнчанова: “ Биһиги Дьокуускайдааҕы медицина кэллиэһигэр сылдьан, хаартыскаҕа түһэрэн, видеоҕа устан, тиэкис суруйан, лонгрид оҥорбуппут. Бу матырыйаалы Интернет ситимигэр “уган”, дьон көрүүтүгэр таһаарбыппыт. Чемпионкка кыттан, мин элбэҕи биллим,” – диэн санаатын үллэстэр. Манна даҕатан эттэххэ, Саина “Кэскил” издательство куонкурустарыгар өрүү кыттар, олус көхтөөх кыыс.
Кыайыылаахтары чемпионат тэрийээччилэрэ, экспертэр, үлэнэн хааччыйааччылар грамотанан, мэтээлинэн, кубогынан наҕараадалаатылар.