Эбээ, эһээ бу олоххо олорон ааспыттарын тухары ыччаттарыгар бэйэлэрин тыыннарын, салгыннарын, өйдөрүн-санааларын олохсупуттара. Ол барыта билигин кинилэр тутта сылдьыбыт малларыгар иҥэн сылдьар.
Эбэм, эһэм тутта сылдьыбыт мала – дьиэ кэргэним үйэлээх баайа. Кырдьык, оннук! Мин хаан-уруум, төрдүм-ууһум эт илиитинэн тутан-хабан илдьэ сылдьыбыт мала үптэн-харчыттан быдан ыраах, ойуччу, үрдүк турар. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Баатара оскуолатын бастакы кылааһын үөрэнээччитэ Айсана Тарасова булчут эһэтин таҥаһын, тэрилин туһунан кэпсиирин аахтаххытына, бу санааны кытта сөпсөһүөххүт.
Аар тайҕа «профессора»
Эһэм Тастыгин Егор Самсонович – Дьөгүөссэ 1933 сыллаахха ыам ыйын 4 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Өргөннөөххө күн сирин көрбүт. Кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэммит. Куобаҕы туһахтаан, куска сааланан, балыктаан, хара тыа байанайыттан бэриһиннэрэн, айылҕа оҕото буола улааппыт. Сайынын атынан от охсооччу, кыһынын кадровай булчут этэ. Сылгыһытынан үлэлээн, Герой Ф.К. Попов аатынан бириэмийэ 4 төгүллээх лауреата буолбута.
1968-1971 сс. Өргөннөөххө Ленинград куораттан экспедиция кэлэ сылдьыбыт. Экспедиция салайааччыта эһээбитин хаста да көрсөн, сир-дойду туһунан ыйыталаспыт. Толору хоруйу ылан: «Ай-да, молодец, настоящий профессор тайги»,– диэн олус астыммыт. Онтон ыла, эһээбэр «аар тайҕа профессора» диэн аат иҥэриллибит.
Байанайдаах булчут диэн эһэбэр Саха сирин араас улуустарыттан тиийэ кэлэллэрэ. Эһээбит 200-кэ киһилээх куобах күрэҕин салайан, Күндүлгэ тиийэ хаамтаран, куобахтаан турардаахтар эбит.
Булчут эһэм таҥаһа-саба
Булчут таҥаһа ичигэс буоллаҕына, булда эмиэ байанайдаах буолар. Таҥаһын эбээбит Елена Дмитриевна тикпит.
Этэрбэс. Ынах тириититтэн тигиллибит. Сутуруо. Тобукка кэтиллэр. Ыт тириититтэн тигиллибит. Тымныыттан харыстыыр. Түү кээнчэ. Этэрбэс иһинэн кэтиллэр. Ыт тириититтэн тигиллибит.
Үтүлүк. Куобах тириитэ истээх, сарыы тастаах. Бэргэһэ. Бэдэр тириититтэн тигиллибит.
Булчут тэрилэ
Хайыһар. Ынах тириититтэн уонна тиит мастан оҥоһуллубут. Кыһын бултууругар туттара. «Медведь» саа. Эһэм булка куруук илдьэ сылдьыбыт саата. Кэлин оҕолоро прикладын маһын саҥардан биэрбиттэр. Тэлиэгэ. Улахан булка сылдьарыгар анаан аҕатын кытта оҥорбут.
Адаҕа. Ат ыраах барбатын диэн атаҕар иилэллэр. Эһэбит бэйэтэ оҥорбут.
Үлэ уонна чөл турук
Эһээм айылҕаны кытта алтыһан олорбута. Сылгы иитэрэ. Үс доҕорун – Ньургун, Түргэн, Көтүппэт диэн ыттарын олус таптыыра, харыстыыра. Төрдүөн куруук бииргэ сылдьаллара.
Олоҕун устата үлэни, чэбдик өйү-санааны тутуһан кэлбит. Ол билигин
биһиэхэ, сиэннэригэр, холобур буолар.
Айсана ТАРАСОВА, I кылаас, Баатара, Мэҥэ Хаҥалас
Худуоһунньук Туймаада Захарова
Кинигэ «сүрэхтэниитэ» бырааһынньык курдук
Бииргэ үөрэнэр доҕорбут Айсана «Аар тайҕа профессора» диэн тэттик кинигэтин «сүрэхтэниитэ» буолбута. Айсана дьиэ кэргэнин кытта эһэлэрин, Сыымах нэһилиэгэр олорон ааспыт ытык кырдьаҕас Егор Самсонович Тастыгин-Дьөгүөссэ туһунан кэпсээбиттэрэ, ахтан-санаан ааспыттара. Айсана эһэтэ тоҕо «аар тайҕа профессора» диэн ааттаммытын биллибит. Саамай сэргээбиппит диэн дьиэ кэргэн эһэлэрин бултуур таҥаһын барытын улахан чымадааҥҥа уура сылдьаллар эбит. Бу күн биһиэхэ анаан көрдөрдүлэр. Булчут таҥаһын эбэлэрэ Елена Дмитриевна тикпит эбит.
– Эдьиийим илиитин сылааһынан тикпит таҥаһа-саба барыта бу чымадаан иһигэр кичэллик хараллан сытарын көрөммүн наһаа долгуйдум, – диэн эппитэ Айсана эдьиийэ Светлана Михайловна Акимова уонна махтанан туран кэмбиэргэ угуллубут бирииһин туттарбыта.
Айсананы тэттик кинигэтэ «сүрэхтэммитинэн» оскуолабыт дириэктэрэ Г.А. Макаров эҕэрдэлээбитэ. Биһиги эмиэ доҕорут үөрүүтүн үллэстэн бэлэх туттарбыппыт. Кинигэ «сүрэхтэниитэ» бырааһынньык курдук ыытыллыбытын сөбүлээтибит.
Баатара орто оскуолатын 1 кылааһын үөрэнээччилэрэ, кылаас салайааччыта Дария Вячеславовна Ходулова.
Бэчээккэ бэлэмнээтилэр Сардаана Матвеева, Надежда Сидорова.