Билигин аан дойдуга саамай биллэр оҕо кимий? Билбэккин? Оччоҕо “гугллаан” көр эрэ. Ким эбит? Көрдүҥ, Бред Питт уонна Анджелина Джоли, Дэвид уонна Виктория Бэкхемнэр, Кейт Мидлтон уонна принц Уильям уо.д.а. сулустар «көмүс чыычаахтара» үһү.
Ити оҕолор төрөппүттэрин үтүөлэринэн эрэ аатыра-сураҕыра сылдьаллар. Ол сотору умнуллуо. Оттон бэйэлэрин талааннарынан, булугас өйдөрүнэн, сыралаах үлэлэринэн, хорсун быһыыларынан (герой пионердарбыт) дьон билиниитин ылбыт оҕолор ааттара хаһан да суураллыбат, симэлийбэт.
Норуоттар доҕордоһууларын күнүн көрсө, бүтүн аан дойдуга биллибит оҕолору ахтан-санаан ааһыахха.
САДАКО САСАКИ
Бу кыыс Японияҕа олорбута. Кини 2 саастааҕар төрөөбүт Хиросиматыгар американецтар ядернай буомбаны түһэрбиттэрэ. Ол дьаатыттан лейкемия диэн хаан ыарыыта буолар.
Садако барахсан, кумааҕыттан 1000 туруйаны оҥордохпуна, баҕа санаам туолуо, үтүөрүм диэн, күн аайы туруйалары оҥорорго сорунар.
Хомойуох иһин, бу орто дойдуга ап-хомуһун диэн суох. Кини ыра санаата туолбатаҕа… Ол эрээри, кыысчаан бүтэһиккэ диэри эрэнэрэ. Ол эрэлэ кини олоҕун арыый уһаппыта — 12 сааһыгар өлбүтэ…
Садако уобараһа ядернай сэриини утарыы бэлиэтэ буолбута. Киниэхэ анаан АХШ-га, Японияҕа пааматынньыктары туруорбуттара.
РОБЕРТИНО ЛОРЕТТИ
Араадьыйаҕа оҕо эҥээркэй куолаһа «Ямайка» диэн ыллаатаҕына, дьоҥҥут: «Оо, Робертино Лоретти кэллэ», — дии түһэллэрэ буолуо.
Кырдьыга да, Робертино эһэлэргит, эбэлэргит кумирдара этэ. Бу оҕо биэс сааһыттан уулуссаҕа ыллаан, хамнас аахсан, дьонун аһатара.
Ол ырыаһыт уолчааны таба көрөн, 1960 сыллаахха Римҥэ буолбут Олимпиадаҕа «О Соле мио» диэн ырыаны ыллаппыттара. Онтон ыла Робертино «сулустаах» олоҕо саҕаламмыта. Ол гынан баран, кини оҕо сылдьан аатырбытын курдук, кэлин улаханнык аатырбатаҕа.
МАКОЛЕЙ КАЛКИН
Маколейы “Один дома” киинэҕэ көрөөт, аан дойду киһитэ барыта таптаабыта. Оҕолор бары кини курдук муодунай таҥастаах, булугас өйдөөх, дьээбэлээх, сытыы-хотуу буолуохтарын баҕарбыттара. Билигин да үтүктэллэр.
Оттон кини оччолорго 10 эрэ саастааҕа. Билигин классика буолбут үйэлээх киинэҕэ Маколей наһаа үчүгэйдик оонньоон, эһиилигэр «Один дома-2» уһуллубута. Онно киниэхэ гонорар быһыытынан 5 мөлүйүөн доллары биэрбиттэрэ. Ол аата билиҥҥи биһиги харчыбытынан 325 000 000 солкуобай. Харахпытыгар да оҥорон көрбөт үтүмэн үппүт буолбаат? Оттон бу 10-чалаах уол үлэлээн ылбыт хамнаһа этэ.
Миколей кэлин араас киинэҕэ уһуллубута да, кыра сылдьан «былааһы ылбытын» курдук кыайан аатырбатаҕа.
САМАНТА СМИТ
АХШ-ны кытта сыһыан урут да күчүмэҕэйдээҕэ, билигин да уустуктардаах. Икки улахан судаарыстыба күрэстэһэрэ, икки бэртэр былаас былдьаһаллара ханна барыай, баар бөҕө буоллаҕа дии.
Онуоха ХХ үйэ 80-с сылларыгар икки ардыбытыгар сэрии күөдьүйүөх балаһыанньата тыҥыы сылдьыбыта. Ол кэмҥэ чобуо кыыс Саманта Смит ССКП КК генеральнай сэкирэтээрэ Ю.В. Андроповка сэриину утарарын, эйэлээх олоҕу баҕарарын туһунан аһаҕас суругу ыыппыта. Онно Юрий Владимирович хоруйдаабыта уонна Сэбиэскэй Сойууска ыалдьыттата ыҥырбыта. Саманта Смит ССРС-ка сырыытын туһунан бүтүн кинигэни суруйбута. Аан дойду бары СМИ-лэрэ кинини кэтииллэрэ, кыра да ситиһиитин хаһыакка, тэлэбиидэнньэҕэ, араадьыйаҕа сырдатан суруйаллара.
Саманта үтүө санаа посола буолбута, АХШ уонна ССРС доҕордоһуутун олохтообута.
Бэлэмнээтэ Анисия Иевлева.