Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр аан бастакытын ыытыллар «Агроүөрэхтээһин 21-с үйэҕэ» диэн форсайт-сессия ахсынньы 17 күнүгэр Чурапчы улууһун И.Е. Федосеев-Доосо аатынан Дириҥ орто агрооскуолатыгар ыытылынна. Бу тэрээһин Саха Автономията тэриллибитэ 100 сылыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ агротехнологическай үөрэхтээһин төрүттэммитэ 35 сылыгар, Чурапчы улууһугар Ийэ сир сылыгар ананна.
Форсайт-сессияҕа ыҥырыылаах ыалдьыттар, оскуола дириэктэрдэрэ, педагогтар, үөрэх салаатын үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.
Күн бастакы аҥарыгар агрооскуолалар дириэктэрдэрэ өрөспүүбүлүкэ агрооскуолаларын Сойууһун бэрэсэдээтэлин, СӨ Ил Түмэн билимҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, маассабай информация сириэстибэлэригэр уонна уопсастыбаннай үлэ дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлин Феодосия Габышеваны кытары көрсөн кэпсэттилэр.
Форсайт-сессия 3 түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакыта — өрөспүүбүлүкэ агрооскуолаларын «Платформа инновационного развития реальных возможностей сельских образовательных организаций РС (Я)» диэн ааттаах быыстапка-дьаарбаҥкалара буолла. 9 улуустан, 14 оскуола бэйэлэрин үлэлэрин, оҥорон таһаарар бородууксуйаларын көрдөрдүлэр, атыылаатылар.
Иккис түһүмэххэ — агрооскуолалар үлэлэрин сырдатар «Инновационные и авторские траектории развития агротехнологических школ РС (Я)» диэн ааттаах 5 былаһаакка үлэлээтэ. Манна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ороссолуода агрооскуолата автономнай оскуола уратытын, П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолата Федеральнай национальнай бырайыактары олоххо киллэрии, П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолата ТХПК тэрийэн үлэлэтии, Томпо улууһун Е.П. Неймохов аатынан Мэҥэ-Алдан оскуолата үлэнэн иитии уонна Чурапчы улууһун Дириҥнээҕи “Ыллык” уһуйаана оскуоланы кытта агро хайысхалаах үөрэхтээһиҥҥэ ситимнээх үлэлэрин туһунан олус сэргэх кэпсэтиилэри ыыттылар. Дьон көхтөөхтүк кытыннылар.
Үһүскэ — агроскуолалар бэйэлэрин кыһалҕаларын, инники сайдыыларын тула «Опыт, реальность и перспективы развития агротехнологического образования в РС (Я)» диэн сүбэ мунньахтара буолла. “Юные якутяне” өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин дириэктэрэ И.В. Черкашина мунньаҕы иилээн-саҕалаан ыытта. Манна Ил Түмэн депутата, өрөспүүбүлүкэ агрооскуолаларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Ф.В. Габышева, Чурапчы улууһун баһылыга С.А. Саргыдаев, Хоптоҕо нэһилиэгин баһылыга А.Л. Бурцев, өрөспүүбүлүкэ агрооскуолаларын Сойууһун толорооччу дириэктэрэ П.Г. Дягилев, Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Ю.П. Посельскай кыттыыны ыллылар. Маны таһынан СӨ үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа министиэристибэтиттэн департамент салайааччыта Л.Б. Тен куйаар ситиминэн кытынна. Агрооскуола инники сайдыытыгар бэйэлэрин санааларын оскуола дириэктэрдэрэ эттилэр. Хас биирдии мунньах кыттыылааҕа агрооскуола суолтата үрдээн иһэрин, аныгы үйэ ирдэбилигэр сөптөөх хайысхалардааҕын бэлиэтээтилэр, саҥа сайдар суоллары ыйдылар.
Дириҥ агро хайысхалаах орто оскуолатыттан аан бастакытын ыытыллыбыт форсайт-сессияҕа кыттыыны ылбыт дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Татьяна Попова, дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Күннэй Борисова, бизнес-инкубатор салайааччыта Мария Сивцева бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр:
— 2018 сылтан оскуола уонна уһуйаан сөбүлэһиилэринэн оҕону кыра сааһыттан идэҕэ туһаайыы үлэтин саҕалаабыттара. Дириҥ оскуолатыгар 8 араас идэлэринэн профессиональнай үөрэхтээһин ыытыллар: 3 разрядтаах животновод (И.К. Васильева), маслодел (С.П. Осипова), “А”,”В” категориялаах суоппар (И.Г. Корякин), “В”, “С”, “Е” категориялаах тракторист (П.М. Федосеев), 2 разрядтаах иистэнньэҥ (С.А. Кирсанова), 2 разрядтаах столяр (Ф.Т. Марков, А.А. Сергеев), художник по костюму (М.Н. Васильева) уонна ЭВМ оператора (А.И. Захарова). Уһуйаан иитиллээччитэ оскуола бизнес-инкубаторыгар бэйэтэ баҕа өттүнэн талан араас элбэх дьарыктарга сылдьар. Дьарыктарбыт уратыларынан оскуола оҕото уһуйаан оҕотун дьарыктыыра буолар. «Киндер скилсс 3+» агрооскуолаҕа оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин былаһааккаҕа «Эко матырыйаалы күннээҕи олоххо туһаныы» 7 маастар-кылаастарынан: «Сана дьыллааҕы десерт», «Рассада иһиттэрин оҥоруу», «Олонхо устун айан», «Ахсаан дьикти эйгэтэ», «Кыыс үөрүүтэ», «Кустук сэттэ өҥө», «Үөрэт, бил, болҕой!» ыытылынна. Оҕо кыра сааһыттан араас дьарыктарга сылдьан сайдара улаатарыгар олоххо хайа баҕарар өттүгэр бэлэмнээх, бэйэтин салайынар кыахтаах, бигэ туруктаах киһи буоларыгар тиэрдэр түмүктэрдээҕин бэлиэтээтибит.
П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын дириэктэрэ Николай Слепцов :
— Олус наадалаах бастакы тэрээһин ыытылынна. Биһиги оскуолабыт “Реализация федеральных национальных проектов в агрошколе ” диэн иккис былаһаакканы ыыттыбыт, манна 30-ча кыттааччы үлэлээтэ. Бастаан «Агрокубка» хайдах кыттан кыайбыппыт туһунан кэпсээтибит, ол кэнниттэн форсайт-сессия буоларын быһыытынан, икки хамаандаҕа арахсан үлэлээтибит: «оптимистар», «пессимистэр» диэн. Бастакы хамаанда туох кыалларын ырытар, иккис хамаанда туох кыаллыбатын сырдаппыттара.
Национальнай бырайыакка, граннарга кыттарга туох кыаллыбатын туһунан этэр эбит буоллахха, материальнай-техническэй бааза суоҕун ыйдылар. Биһиги оскуолабытыгар баар курдук лаборатория Уһук Илин уокуругар соҕотоҕун ыйыахха сөп. Маны таһынан бырайыакка кыттарга бэлэмниир анал идэлээх дьон, бириэмэ тиийбэтин ыйдылар. Мин биири биһирии уонна үөрэ иһиттим, ол курдук 2018 сылтан Ньурба, Мэҥэ-Хаҥалас уонна Чурапчы улуустарыгар, Дьокуускайга куорат агрооскуолаларыгар грант быһыытынан харчы көрүллэр эбит. Улуустар бэйэлэрин оскуолаларыгар инник грант ыланнар көмө оҥоһуллуохтаах. Форсайт-сессия кэмигэр оскуолалар ити грантовай субсидияны бэйэлэрин учредителлэрин — улууһу кытта үлэлэһэн тиксиэхтэрин сөбүн быһаардыбыт. Үгүс оскуолаларга СХПК-лара суох эбит, кооператив тэринэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта үлэлэһиэхтээхтэр, маны таһынан НКО-лары тэрийиэххэ сөп.
Бу курдук хабааннаах өрөспүүбүлүкэ бары агрооскуолаларын мунньар форсайт-сессия эһиил В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар ыытыллара былааҥҥа киирдэ. Онон эһиил сессия түмүгүнэн туох ситиһиллибитин ырытыһыы буолара күүтүллэр, онтон үс сылынан уопсай түмүк тахсыахтаах.
keskil14.ru