Быйыл Саха автономиятын 100 сылын көрсө В.И. Ленин аатынан пионерскай хамсааһын 100 сылын бэлиэтээтибит. «Орленок» байыаннай-патриотическай лааҕырга ситиһиилээхтик үөрэнэр, оскуола уопсастыбаннай олоҕор тус кылааттарын киллэрэр, ураты көрүүлээх, сиэр-майгы өттүнэн холобур буолар оҕолор сынньанар чиэскэ тиксибиттэрэ. Ыам ыйын 19 күнүгэр Саха өрөспүүбүлүкэтин историятыгар аан бастаан араас сылларга «Орленок» лааҕырга сынньаммыт пионердар көрсүһүүлэрэ буолан ааста.
Оччотооҕу кэм оҕолоругар олохторун биир умнуллубат кэрэ түгэнэ буолбут «Орленок» лааҕыр киһилии киһи буолалларыгар олук буолбутун туһунан кэпсииллэр. Бу үйэлэри уҥуордаан буолбут истиҥ-иһирэх көрсүһүү үөрүүтүн үллэстэллэр.
«Орлёнок» мин олохпор умнуллубат өйдөбүл, умуллубат сулус
Дьокуускай куоракка ыам ыйын 19 күнүгэр Пионерия тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах «Орлёнок» лааҕырга араас сылларга сынньаммыт пионердарга — өрүөлчээннэргэ анаммыт улахан тэрээһин буолан ааста. 50-ча буоламмыт хаттаан оҕо сааспытыгар төннөммүт, саҥа оҕолору билсэммит үөрүү өрөгөйүн биллибит. «Орлёнокка» буоларын курдук, сылдьыбыт сылларбытынан этэрээттэргэ хайдыһаммыт, ньиргиччи барабаан тыаһынан доҕуһуоллатан строевой хаамыынан киирэммит залы толорон кэбистибит.
Хас биирдии этэрээт рапорт, девиз, речевка этэн баран орлятскай ырыанан түмүктээтэ. Бука бары толору пионерскай формалаах, кытыастар кыһыл хаалтыстаах, значоктаах, пилоткалаах буоламмыт көрөргө сиэдэрэйэ сүрдээх. Этэрээттэринэн ахтыылар, орлятскай оонньуулар, ырыалар-тойуктар кэмэ суох ыытылыннылар. Эстрада тыйаатыр артыыстара Герман Степанов, Сахаайа, Санита Ай, Эрхаан тэрээһиммитин ырыаларынан киэргэттилэр. Бары өрүөлчээннэр кыракый сэмэй бэлэхтэри, бириистэри тутаммыт үөрүүбүт үрдээтэ. Онтон төгүрүччү тураммыт орлятскай ырыалары астына ыллаатыбыт. Дружиналарынан өйдөбүнньүк хаартыскаларга түстүбүт. Оҕо сааспытыгар төннөн, «Орлёнок» лааҕырбытыгар сылдьыбыт курдук сананныбыт.
Бу тэрээһини барытын бэлэмнээбит тэрийээччилэргэ А.Н. Дьяконовка, Ю.И. Жегусовка, А.И. Самсоноваҕа, А.И. Дормидонтоваҕа, Т.А. Будищеваҕа, Кучу Туйаараҕа махтанабын. Кинилэр барыбытын кылгас кэм иһигэр түмэ тарданнар, түмсэр миэстэ кэпсэтэннэр, пионерскай атрибуттары, ырыанньыктары, бириистэри бэлэмнээннэр, кыһаллан туран сүрдээх сэргэх, сэдэх улахан тэрээһини үрдүк таһымнаахтык ыыппыттарынан, Саха сирин историятыгар аан маҥнай өрүөлчээннэр көрсүһүүлэрин оҥорбуттарынан эрчимнээх эҕэрдэ этэбин. Инникитин да маннык киэҥ далааһыннаах, кэрэхсэбиллээх күүстээх тэрээһиннэри тэрийиэхтэрэ диэн эрэнэбин уонна махтанабын.
«Орлёнок» мин олохпор умнуллубат өйдөбүл, умуллубат сулус буолар. Чурапчы оройуонуттан Кытаанах нэһилиэгиттэн соҕотох ийэ оҕото 1964 сыллаахха, Саха сириттэн биир бастакынан, «Орлёнокка» сылдьан сынньаммытым. Кып-кыра уҥуохтаах, сатаан нууччалыы улаханнык билбэт саха кыысчаанын аламаҕай майгылаах, эйэҕэс-сайаҕас араас сиртэн кэлбит нуучча оҕолоро да, баһаатайбыт Юра да кыһаллан-мүһэллэн бэйэлэрин кытары илдьэ сылдьан ырыаҕа-тойукка, үөрэххэ, тэрээһиннэргэ барытыгар үөрэтэллэрэ-такайаллара, киһилии сыһыаннаһаллара. Онон сиэрдээн, олоҕум устата оҕолору, кэнэҕэски кэнчээри ыччаты иитиигэ үлэлээбитим-хамсаабытым. Оҕо дьиэтигэр, оҕо уһуйааннарыгар иитээччи көмөлөһөөччү эбээһинэһин толорбутум. Үлэбэр туох баар ыытыллар уопсастыбаннай үлэлэргэ, утренниктарга артыыстаан өрүү кыттарым. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олордорбун да, Сайсаардааҕы сынньалаҥ киинигэр көхтөөхтүк сылдьабын. Ыллыыбын, сценкаҕа оонньуубун, монолог ааҕабын. Үгүс күрэхтэһиилэргэ кыттабыт, профилакторийдарга, реабилитационнай кииннэргэ аһымал концерт оҥоробут. Арассыыйа таһымыгар, Дьокуускай куорат үрдүнэн ыытыллар күрэхтэргэ элбэхтэ лауреат, дипломант аатын ыллыбыт. Олох оргуйар үөһүгэр олоробун. Кыыс оҕолоохпун, биэс сиэннээхпин, хос сиэннээхпин.
Татьяна Петровна Прохорова (Местникова) «Звёздная» дружина, «Орлёнок» лааҕыр, 1964 с.
«Орленок» — мин суолдьут сулуһум!
Оҕо саас биир саамай чаҕылхай өйдөбүлэ буолан номнуо 54 сыл мин өйбөр-санаабар, сүрэхпэр бааргын «Орленок» — мин суолдьут сулуһум!
Алтыс кылааска үөрэнэ сырыттахпына, күһүҥҥү биир үтүө күн дьиэбэр кылааһым салайааччыта Еремей Павлович Алексеев тиийэн кэллэ. Аҕабынаан тугу эрэ кэпсэттилэр. Онтон миигин ыҥыран ылан эттэ: «Үчүгэй үөрэҕиҥ иһин эйиэхэ «Орленок» диэн пионерскай лааҕырга барар путевка ананна». Мин соһуйан хааллым, испэр үөрдүм аҕай. Миигиннээҕэр ордук аҕам үөрбүт, өрө көтөҕүллүбүт аҕай. Хомунуу буолла. Түргэн үлүгэрдик балыыһаттан справка ыллыбыт. Оройуон маҕаһыыныттан суппуун сон, остоох сылаас бачыыҥка, сатыын хара шкера ыстаан ыллыбыт. Сыл-хонук аастар да, аҕам барахсан үөрэн уулусса устун сиэтэн иһэрэ харахпар бу баардыы көстөр.
Дьокуускайга диэри УАЗ массыынанан айаннаан аэропорка үргүлдьү тиийдибит. Мин мэнээк айаннаабат оҕо айаны олох тулуйбат эбиппин. Илистэн аҕай тиийэн, ыскамыайкаҕа утуйбуппун өйдүүбүн. Онтон Туапсе диэн куораттан автобуһунан били соммун, бачыыҥкабын кэппитинэн лааҕырбытыгар тиийдибит. Ити балаҕан ыйа этэ. Арай таһырдьа сып-сылаас, дьоннор атахтарыгар, билигин санаатахха, сланецтаахтар, бары шортик кэтэ сылдьалларын көрөн соһуйуу бөҕө буоллум. Дьаабылыканы подноска тута сылдьан хардырҕаччы ыстаан сииллэрин сөҕө көрүү-истии. Биһигини кэчигирэччи олордуталаан баран анкета толортордулар. Мин «иностранный язык» диэҥҥэ кэлэн баран толкуйдуу түһээт, «русский» диэччи буоллум. Хомуйан ыллылар. «Биһиги ортобутугар иностранец баар эбит», — диэтилэр. Бары бэйэ-бэйэбитин көрсүү. Онтукам баара, «нуучча тыла» диэн суруйбутум иһин миигин этэллэр эбит, мин кыбыһынным да, хайыамый. Душтанныбыт уонна хаһан да кэппэтэх шортикпытын кэтэн, маҥан булууһаланан, түөспүтүгэр кыһыл хаалтыстанан бары сырдаан-чэпчээн чыҥха атын дьон буола түстүбүт. «Стремительная» диэн дружинаҕа түбэстим. Этэрээттэринэн тарҕатыы буолла. Миигин «Мелодия» диэн этэрээккэ тургутук аһардан ыллылар. Ырыа ыллаппыттарыгар «Ийэлээх аҕаккам тылынан итиитик-истиҥник саҥаран», — диэн ыллаатым. «Нууччалыы ырыа билэҕин дуо?», — диэн буолла. Онуоха «Тих апрель в цветы одетый, а январь суров и зол», — диэн Ленин туһунан ырыа ыллаан этэрээппэр ыллылар.
Этэрээппитигэр нууччалары таһынан, Тамерлан, Ослан диэн осетин уолаттара бааллара. Нэдиэлэҕэ үс күн үөрэнэр үһүбүт диэбиттэригэр испэр долгуйбутум. Оскуолабытыгар тиийбиппит барыта таас истиэнэлэрдээх, күн уота курдары тыгар — наһаа үчүгэй! Кылааска паарталарбыт соҕотохтуу киһи олорор остуоллара эбит, эмиэ сонун. Нууччалыы син билэбин быһыылаах да, элбэхтэ саҥарбаппын. Ахсаан уруогар доруоптаах син уһун холобуру доскаҕа саҥата суох суоттаабыппын өйдүүбүн. Биологияҕа сибэккилэри хатылаабыппытыгар «соҕооччох», «чааскы» диэн нууччалыы туох диэн буоларын мунаахсыйбыппын умнубаппын. Арай нуучча тылыгар эрчиллиини ыарырҕаппыппын көрөн, учууталым «Хайдах кинигэнэн үөрэммиккиний?», — диэн ыйытта. «Бу мантан атын этэ», — диэтим. Онуоха, калмыктар учебниктарын аҕалан биэрэн абыраммытым. Аны санаатахха, программаларбыт араа-бараа буоллахтара. Омук тылын уруогар босхолонорум. «Куда?! Это же окно! «, — дэттэрбитинэн тахсан күүлэйдии барарым.
Биир үтүө өйдөбүлүм: 12 сааспын туолар дьоро күммүн онно хас да төрөөбүт күннээх оҕолору кытта кыттыһан бэлиэтээбиттэрэ буолар. Поролон матараастарбытын урут-үөһэ ууран дьыбаан оҥорбуттара уонна онно олордубуттара. Эҕэрдэлээбиттэрэ, наһаа үчүгэй боростуой «Дубок «диэн кэмпиэт сиэбиппит. Ырыа-тойук уонна эрэһиинэ оонньуурга бары илии баттаан бэлэх ууммуттара. Хаһан да төрөөбүт күн диэни улаханнык бэлиэтээбэтэх киһи атаҕым сири билбэт гына үөрбүтүм. Хомойбутум диэн кыраҕын диэн виноград хомуйа илдьэ барбатахтара. Хата, походка илдьибиттэрэ. Баһаатайбыт Москваттан сылдьар Тамара миигин өрүү аттыгар илдьэ сылдьара. Хаартыскаҕа кытта аттыгар олордубутуттан үөрэн сэгэйэн аҕай түспүппүн быһыылаах. Оля диэн баһаатайбыт Латвияттан сылдьара. Иккиэн сылаас истиҥ сыһыаннаахтара. Походка балааккаларга утуйбуппут, кабааннар бэйдиэ сылдьалларын көрөн куттана санаабытым. Маҥнай баһаатайдар олорор куораттарыгар 200 тахса үктэллээх кирилиэһи дабайан тахсыбыппыт. Төннөрбүтүгэр «Одинокая сосна» диэн хайа тэллэҕэр үүммүт соҕотох бэс баар сиринэн муораҕа түһэн кэлбиппит. Бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн, үөрэн-көтөн, оонньоон, сулустаах халлаан анныгар костер тула ырыа ыллаан олус да үчүгэй этэ.
Муора, Хара муора! Кэрэ көстүү! Хата, биһиги дьолбутугар аҕыйах да күн буоллар сөтүөлүүр күннэр тосхойбуттара. Кылааһым оҕолоругар ракушка уонна муора уута (гуашь иһитигэр кутан) кэһии гынан илдьибиппин хас муһуннахпыт аайы ахтааччылар. Гербарий оҥорон хатарбыт дуубум сэбирдэҕин кыыһым 30 сыл буолан баран кылааһын оҕолоругар илдьэн кэпсээбиттээх. Ол кэннэ, бэйэтэ «Амма чэчирэ» ансаамбылтан путевка тутан «Орленокка» баран сынньанан кэлбитэ икки бүк үөрүүлээх. Музейга учууталым Дарья Касьяновна тигэн биэрбит сахалыы бастыҥатын бэлэхтээбитим, ханна тиийбитэ буолла. Лааҕырга үөрэппит быраабылаларбыт, ырыаларбыт олоҕум устун арыаллыыллар.
«Что пожелать вам мальчишки, девчонки?
Встретиться снова бы в нашем «Орленке»
Будет и солнце, и пенный прибой
Только не будет смены такой», — диэн баһаатайдарбыт ыллаабыттарыгар бары харахпыт уутун соттуу буолбуппут.
Дойдулаан иһэн Москваҕа Ленины көрбүппүт, Бородинскай кыргыһыы панораматыгар, ВДНХ, зоопаркаҕа сылдьыбыппыт бэйэтэ биир туспа остуоруйа.
Махтал буоллун Бүтүн сойуустааҕы пионерскай тэрилтэҕэ! Муораҕа сөтүөлээн, фрукта сиэн, ыллаан-туойан, сынньанан, 4 киилэттэн тахса эбиллэн кэлэн хас да сыл ыалдьар диэни билбэтэҕим. Оскуолам И.П. Харачаас аатынан пионерскай дружинатыгар хас да сыл бэрэссэдээтэл буолан дружина сборугар рапорт бөҕө туппут дьоллоохпун.
Ыам ыйын 19 күнүгэр «Орленок» лааҕырга араас сылларга сылдьыбыт пионердар көрсүһүүлэригэр Амматтан Өлүөнэ эбэбитин ирбиһинэн туораан кэлбиппин олох кэмсиммэтим. Сарсыардаттан халлааммыт уу-чуумпу, күп-күөх — анаабыт курдук! Победа болуоссакка оскуола оҕолоро пионерга киирбиттэрин көрөн сүргэбит көтөҕүлүннэ. Киэһэ «Орленок» лааҕырга араас сылларга сынньаммыт пионердар бастакы көрсүһүүбүт наһаа үрдүк таһымҥа ааста.
Бастатан туран, бастакы көрсүһүү тэрийээччилэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Өйтөн-сүрэхтэн сүппэт өрө күүрүүлээх пионерскай, орлятскай оҕо сааспытын эргиппиккитигэр! Санаа атастаспыппыт, оонньообуппут, үҥкүүлээбиппит, орлятскай кругка ыллаабыппыт барыбыт дууһабытын сылаанньытта.
Амматтан үһүөбүт. Онтон мин-60 сыллардаах, Валентин Ефремов-70 сыллардаах орленоктар этэрээттэрин салайааччылара, Ноговицына Ньургуйаана — саамай түмсүүлээх этэрээт көхтөөх өрүөлчээнэ буоламмыт олус долгуйдубут, үөрдүбүт. Этэрээппитигэр 1964-с — иккиэлэр, 1968-с — бэһиэлэр, 1969-с — соҕотох, 1970-с — иккиэлэр. Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ бииртэн-биир чаҕылхай пионердары кытта бииргэ буолбуппуттан наһаа дьоллоннум. Барыгытыгар доруобуйаны баҕарабын. Тэрээһиммит өссө салҕанан, кэҥээн, кэскиллэнэн истин!
Дария Елисеевна Дьячковская (Семенова),
В.Г. Короленко аатынан Амма орто оскуолатын 6-а кылааһын үөрэнээччитэ,
1968 с. «Орленок» лааҕыр, «Стремительная» дружина.
Ахсаан учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Саха сирин «Методист учуутал», «Учууталлар учууталлара» анал ааттар хаһаайката, үлэ бэтэрээнэ.
Мин, Андреева Лена, Сунтаар оройуонун Тойбохой нэһилиэгин интэринээт-оскуолатыгар дружина бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбитим. Үөрэхпэр да үчүгэй этим. Ол иһин 1976 сыллаахха от ыйыгар «Орленок» лааҕырга сынньанарга путевка биэрбиттэрэ. «Орленок» миигин элбэххэ үөрэппитэ. Бастатан туран, араас хабааннаах үлэни оҕолорго тэрийэргэ, хорсун, бэйэҕэ эрэллээх буоларга, туохтан да чаҕыйбакка ханнык баҕарар уустук үлэни көҕүлүүргэ, ситиһиилээх, сытыы-хотуу, киһиэхэ аһыныгас сыһыаннаах буоларга, сатаабатах оҕоҕо көмөлөһөн сатабыллаах оҥорорго.
Ыам ыйын 19 күнүгэр Пионерия хамсааһына тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө «Орленок» лааҕырга араас сылларга сылдьыбыт оҕолор муһуннубут. Урукку сыллары санаан, бырааһынньыкпыт барабаан тыаһын доҕуһуолунан пионерскай этэрээттэр строевой хаамыынан киирэллэриттэн саҕаламмыта. Хас биирдии этэрээт доргуччу девиз уонна речевка эттилэр. Хамандыырдар рапорт биэрдилэр. Ыытааччы тэрээһин туһунан сиһилии билиһиннэрбитин кэннэ, бырааһынньыктааҕы баай-талым астаах төгүрүк сандалы тула олорон, оҕо сааспыт бэлиэ түгэннэрин ирэ-хоро ахтыһан, оҕо сааспыт ырыаларын ыллаан, үҥкүүлээн, көхтөөхтүк оонньоон, бириис ылан дуоһуйа сынньанныбыт.
Төгүрүччү туран орлятскай круг оҥорон, өйбүтүттэн-сүрэхпититтэн сүппэт»Звездопад» ырыанан түмүктээтибит. Өйдүү-саныы сылдьарбытыгар уопсай хаартыскаҕа түстүбүт. Бары да сытыы-хотуу, чаҕылхай дьон, оччотооҕу лидер пионердар мустубут эбиппит. Тэрийээччилэрбитигэр А.Н. Дьяконовка, Ю.И. Жегусовка, А.И. Самсоноваҕа, А.И. Дормидонтоваҕа, Т.А. Будищеваҕа, Кучу Туйаараҕа сүүрэн-көтөн, күннээҕи кыһалҕаларыттан быыс булан, өйдөрүн-санааларын түмэн, түмсэр сир кэпсэтэн, тэрээһин үбүн сүрүннээн, сценарий суруйан, өйдөбүнньүк буолар орлятскай значок, флажок оҥорторбуттарын, ырыанньык бэчээттэппиттэрин иһин улахан махталбытын тиэрдэбит.
Елена Юрьевна Бессонова, Дьокуускай куорат уокуругун уопсай үөрэхтээһиҥҥэ муниципальнай автономнай орто үөрэхтээһин тэрилтэтэ 2-с нүөмэрдээх национальнай политехническэй орто оскуола алын сүһүөх кылааһын учуутала,
СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, «Үлэ албан аата» бэлиэ хаһаайката.
keskil14.ru