Россияҕа биллэриллибит “Оҕо саас 10 сыла” бырайыак чэрчитинэн, “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата уонна “Рапост” почта хампаанньата “Оҕолорго сурутууну бэлэхтээ” диэн ааксыйаны алтынньы 17 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи пресс-кииҥҥэ ыыттылар.
Бу ааксыйаҕа Ил Түмэн дьокутааттара Петр Гоголев, Алена Атласова, Михаил Гуляев, Дьокуускай баһылыга Сардаана Авксентьева, инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникационнай технология миниистирин солбуйааччы Чокуур Гаврильев, итиэннэ урбаанньыттар, кэнчээри ыччат туһугар кыһаллар доҕотторбут кэлэн, үөрэммит оскуолаларыгар, оҕо дьиэлэригэр, үөрэх кыһаларыгар, дойдуларын оҕолоругар “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттарга, “Чуораанчык”, “Колокольчик” сурунаалларга 2019 сыл бастакы аҥаарыгар сурутууну оҥорон бэлэхтээтилэр.
Үс чаас ыытыллыбыт ааксыйа түмүгүнэн барыта 500-тэн тахса сурутуу оҥоһулунна. Оттон эһиги rapost.info сайтка киирэн суруйтарыаххытын сөп.