Н.Е.Мординов аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата «Дьахталлар уопсастыбаннай тэрилтэлэрин сойууһа» уопсастыбаннай тэрилтэни, «Юные якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киини кытта оҕо уонна дьиэ кэргэн ааҕыытын тэнитэр туһугар бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэристилэр.
«Кэскил» хаһыакка «Тыйаатыр быыhын сэгэтэн» диэн литература балаһата сөргүтүллэн, Үүнэр көлүөнэ уонна Саха тыйаатырдарыгар турбут испэктээкиллэргэ тирэҕирэн, саха литературатын уруоктарыгар көмө матырыйааллар саҥа медиа-микс форматынан тахсар буолуохтара.
Арай ааҕааччыларбыт бу суруйуулары ааҕан, интэриэһиргээн, испэктээҕи бэйэлэрэ илэ харахтарынан көрүөхтэрин баҕардыннар?
Дьэ, онуоха анаан, ааҕааччыларбыт интэриэстэрин учуоттаан, хаһыат балаһатыгар QR-куоду туруордубут!
Онон ааҕааччыларбыт дьыбааннарыттан турбакка эрэ, испэктээҕи көрөр кыахтаннылар. Баара-суоҕа смартфону QR-куодка туһаайыахтарын эрэ кэрэх! Саҥа технология кыаҕын — ааҕыы туһатыгар! Онтон испэктээх ааптарын идиэйэтин, айымньытыгар биэрэр санаатын сөптөөхтүк өйдүүргэ өрөспүүбүлүкэ саха тылын уонна литературатын учууталлара көмө буолуохтара.
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата, «Дьахталлар уопсастыбаннай тэрилтэлэрин сойууһа», «Юные якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин маннык туһалаах уонна интэриэһинэй матырыйаалы тарҕатарга бары кыаҕы туһанан үлэлиэхтэрэ.
Ольга Семенова,«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ:
— Саха литературатын уруоктарыгар интэриэһи тардаары уонна төрөппүттэргэ ыччаты иитиигэ көмө оҥороору, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын кытта сонун бырайыагы саҕалаабыппыт. Холобур, кулун тутар 9 №-дээх хаһыаппытыгар тахсыбыт Иван Егоров «Ытык Ийэ» айымньытынан уруогу медиамикс форматынан туттуоххутун сөп. Уруок тутулугар СӨ үтүөлээх артыыската Мария Данилова видеоинтервьюта, айымньы текситтэн быһа тардыы, испэктээкилтэн фрагменнар, “Айыы кыһатын” учуутала Матрена Мандарова ыйытыылара киирдилэр. Өскө хаһыаты суруттарбакка хаалбыт буоллаххытына, keskil14.ru сайт Магазин рубрикатттан киирэн ылан, туһаныаххытын сөп.
«Тыйаатыр быыhын сэгэтэн» литература балаһа бэчээттэммит хаһыат нүөмэрдэрин бу ссылканан киирэн ааҕыҥ!