Үүммүт 2022 сыл үөрэхтээһин эйгэтигэр Ааҕыы сылынан биллэриллэн турар. Бары билэргит курдук, Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын айар куттаах кэлэктиибэ үүнэр көлүөнэ төрөөбүт тылынан ааҕа, саҥара, толкуйдуу, суруйа үүнэригэр-сайдарыгар улахан сыралаах үлэни ыытар.
Быйыл оҕо-аймах тапталлаах сурунаала «Чуораанчык» 35 сааһын бэлиэтиир! Сотору Саха өрөспүүбүлүкэтин бары оскуолаларыгар «Букубаардыын» быраһаайдаһар бырааһынньыктар саҕаланаллар. Сахалыы дорҕоон буукубаларын үөрэтэн, ааҕыы алыптаах эйгэтин арыйбыт оҕолорбутугар «Чуораанчык» сурутуутун бэлэхтиэҕиҥ!
10 ыйга (кулун тутар-ахсынньы) сурутуу сыаната баара-суоҕа 615 солк.
Сиһилии билсэр нүөмэрдэргит: 89142807263, 89142790160.
«Чуораанчык» — оҕо-аймах арахсыспат аргыһа, үтүө доҕоро!