Сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр кэрэхсэбиллээх кинигэтэ ааҕыҥ, өйгүтүн-санааҕытын, толкуйдуур дьоҕургутун сайыннарыҥ. Эһиги иннигитигэр Саха сиринээҕи С.А. Новгородов аатынан ”Айар” национальнай кыһатын түөрт кинигэтин тэлгэтэн, билиһиннэрэбит.
«Дьикти түбэлтэ»
Кинигэҕэ Саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат хотугу норуоттар олохтоохторун үгэстэриттэн, оҕо сааһын түгэннэриттэн суруйбут саҥа кэпсээннэрин, сырыыларын билиһиннэрэр.
Кинигэ түөрт кылгас кэпсээнтэн турар. Суруйааччы дьикти айылҕа кистэлэҥнэрин, оҕо сааһын кэрэ түгэннэрин
туһунан ахтар. Ааҕа олорон, оҕо эрдэҕинээҕи сайылыккар, кыстык дьиэҕэр оһох аттыгар эбэтэр аҕаҕын кытары бултуу сылдьар буола түһүөххэ сөп.
Онтон «Аймах-хаан тамайан кэлэн барбыттара буолуо» диэн кэпсээн киһи сүрэҕин хам тутар сэрии ыар сылларынааҕы дуораанын туһунан буолар.
«Сулус Киһи кистэлэҥэ»
Кинигэҕэ ааптар Мэри Хиггинс Кларк Сиэттл диэн олорор куоратыгар дьиэтин аттыгар хайа баар эбит. Былыта
суох ыраас халлаан буолла да, дойдутун дьоно бу хайа үрдүгэр суорҕан кыбыныылаах тахсан, сулустары көрөллөрүн
сөбүлүүллэр. Сулус киһи хас түүн ахсын үлэлиир.
Кини бу дойдуга кыра-кыралаан олус элбэх сырдыгы аҕалар. Манна туох кистэлэҥэ баара буолуой? Сырдатарын тутан, киэһэ аайы куораттан тахсан ханна барарый?
Кинигэ барыны-бары олус билиэн, кистэлэҥи арыйыан баҕалаах оҕо туһунан кэпсиир. Ол эрэн, түмүгэр кини бэйэтин туһунан дьиктини билэр. Көннөрү да түгэннэр улахан суолталаахтар, бу дойдуга кыра да сырдыкка миэстэ куруук баар.
«Ааҕар дьоҕургун сайыннар!»
Сорудахтардаах кинигэ кырачаан киһини суругу-бичиги судургутук ылынан, өйдөөн, түргэнник ааҕарга үөрэтиэҕэ. Паазыллары холботолоон, ыһыллыбыт буукубалары оннуларыгар туруортаан, тыллары таһаарабыт. Хас биирдии сирэй дьэрэкээн ойуута оҕо болҕомтотун тардар, интэриэһин көбүтэр күүстээх. 32 карточка дорҕоон/ буукуба, сүһүөх, тыл, этии түһүмэхтэргэ арахсар. Сорудахтары фломастерынан эбэтэр маркерынан толоруллар. Эппиэти төһө баҕарар сотон, көннөрүөххэ сөп. Дорҕооннору чуолкайдык саҥарарга, төрөппүт оҕону кытта дьарыктанарыгар туһуланар.
«Егор Чээрин»
Сэһэн — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Хорсунун иһин» мэтээлинэн
наҕараадаламмыт фронтовиксуруйааччы Тимофей Сметанин ааҕааччы кутун туппут чаҕылхай айымньыта. Сэһэн ускуустубатын көрүҥэр «Рядовой Чээрин» диэн уус-уран киинэ буолан, саҥалыы тыыннанна. Киинэ хайдах уһуллубутун туһунан видеолары, хаартыскалары @cheerin_film Инстаграм сирэйигэр көрүөххүтүн сөп. Ону
таһынан, кинигэ кэннигэр баар QR куод киинэ трейлеригэр сирдиир
Кинигэни умсугуйан ааҕар оҕо ырата ыраас, санаата сырдык, билиитэ-көрүүтэ киэҥ буолар. Ааҕыы оҕо өйгө тутуутун, саҥарар дьоҕурун, тылын баайын хаҥатар.
Ааҕыыга сүбэлэр:
• Сыал туруорунан, ыксаабакка, атыны санаабакка ааҕыҥ.
• Сырдык сиргэ ааҕар ордук, кинигэҕит хараххытыттан 35-40 см
тэйиччи буолуохтаах.
• Чуумпуга олорон ааҕыҥ, онтон 1 чаас буолан баран, тохтооҥ
уонна хараххытыгар эрчиллии оҥоруҥ
Бэлэмнээтэ Анюта Андреева