Олунньу ый 14 күнүгэр, В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһыгар, улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигэ уонна оҕо, ыччат, дьиэ кэргэн ааҕар киинэ, төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах Төрөөбүт тыл сүмэтэ уус-уран ааҕыы күрэҕин ыыттылар. Бу күрэх оҕону төрөөбүт сахабыт тылыгар, литературатыгар интэриэһи күүһүрдэр, оҕо төрөөбүт тылынан ыраастык саҥарарын, айымньыны уус ураннык ааҕан, дьоҥҥо тиэрдэр дьоҕурун сайыннарар соруктаах буолла. Күрэххэ Мүрү алаас 5-6 кылаас үөрэнээччилэрэ биирдиилээн кыттыннылар. Кыттааччылар икки түһүмэҕинэн бу сылга үбүлүөйдээх суруйааччылар хоһооннорун, кэпсээннэрин көрөн туран иэйиилээхтик, уус ураннык аахтылар.
Бэһис кылаастарга 1 миэстэни Аржаков Арылхан (Мындаба), 2 миэстэни Бочкарева Инесса (Бороҕон), 3 миэстэни мин Сергеева Айаана ыллыбыт. Мин маннык ааҕыы күрэҕэр бастакыбын кытынным. Олус элбэҕи ааҕалларын сөбүлүүр оҕолор бааллар эбит. Ийэ тылынан ааҕыы иитиигэ улахан суолталаах. Онон оҕолор төрөөбүт төрүт тылгытынан ааҕын диэн ыҥырабын.
Сергеева Айаана, эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччитэ,
Уус Алдан.
#кэскиллээхолоххобэлэмбуол