Биһиги ыраах хоту олоробут. Суол-иис мөлтөх. Кыһынын эрэ үчүгэй.
Билигин информационнай технология сайдыбыт кэмигэр Интернеттээх ыал араас эйгэни барытын көрө-истэ олороро буолуо. Ол эрээри онно элбэх харчы баранар. Сорох ыал ол иһин атын дьарыгы булар.
Биһиги дьиэ кэргэн кинигэ ааҕыытынан үлүһүйэбит. Ийэбит Мария Семеновнаттан үөрэнэн, оҕолор эмиэ кыра эрдэхпититтэн сөбүлээн ааҕабыт. Чуолаан убайым ордук умсугуйан ааҕар. Нууччалыы да, сахалыы да. Балтым Снежана эмиэ мэлдьи кинигэ тутуурдаах сылдьар.
Уус-уран айымньыны ааҕар бары өттүнэн туһалаах. Олох араас дьиктитин, дьон олохторун кытта билсэҕин, кинилэр дьылҕаларын билэн, бэйэҕэр сүбэ ылаҕын, холобур оҥостоҕун. Ийэбит өссө хоһоон суруйар.
Кинигэ ааҕар буоламмыт, биһиги, кыргыттар уонна убайбыт Ганя, олоҥхо тылын түргэнник өйдүүбүт, үһүөн олоҥхолуубут. Ситиһиибит да элбэх. Быйыл биһиги ыал нэһилиэккэ «Бастыҥ ааҕар ыал» аатын ыллыбыт.
Света Бурцева, “Саһарҕа” пост.
Эҥэ, Дьааҥы.