Балаҕан ыйын 10 күнүгэр SMART-библиотекаҕа литературнай баал буолан ааста. Тэрээһин Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар уонна Дьокуускай куорат олохтоммута 390 сылыгар ананар.
Олус ураты киэһэ буолан биэрдэ. Ол курдук, саха норуотун историятыгар икки тылынан ыытыллар саха литературатын баала буола илик этэ. Кэлбит дьон маҥнайгы хараҥаччыларынан ааттаннылар.
Ханнык баҕарар баал тыыннаах музыка доҕуһуолунан арыллар үгэстээх. Төрүт дорҕоон «Кыл саха» бөлөҕө сахалыы тыыннаах матыыбынан тэрээһини арыйда.
Губинскай уокуруг баһылыгын солбуйааччыта Петр Альбертович Иванов эҕэрдэ тылын эттэ.
Биһиги норуоппут уран тылынан айыллыбыт сүдү баайдаах. Баал көмөтүнэн, библиотека ааҕаччыларыгар уонна кинигэни таптааччыларыгар, араас эйгэҕэ үлэлиир дьоҥҥо-сэргэҕэ, саха суруйааччыларын айымньыларын уонна хотугу норуот литературатын кытта билиһиннэрии, саҥа ааттары тус бэйэҕэ арыйар, норуот култууратын көрдөрөр сыаллаах тэрээһин буолар.
Литература тиэмэтигэр кэпсэтиилэр, тыл үөрэхтээхтэрин кытта көрсүһүүлэр, маастар — кылаастар, квиз -, остуол оонньуулара буолан аастылар.
Ол курдук, түмүктэр манныктар:
1 миэстэ — Нюргуяна Халгаева(удаҕан уобараһа).
2 миэстэ — Нина Егоровна Ноева(«Саха дьахталларын» 5 мэтириэтэ).
3 миэстэ — Марина Ивановна Цыпандина («Саха дьахталларын» 2 мэтириэтэ).
Анал ааттар: «Саамай эдэр кыттааччы» — Анна Лиханова(23 саастаах), ”Аҕам саастаах кыттааччы» — Александра Дмитриевна Иванова(84 саастаах), «Уобараһын арыйааччы» — Маргарита Семеновна Саввинова(«Саха дьахталларын» 3 мэтириэтэ, «Бастыҥ эр киһи уобараһа» — Варвара Эверстова(Ньукулай Дорогуунап).
Эльдар Садовников