Герой
“Дьиҥнээх герой”, — диэтэ Саха Сирэ бүттүүнэ 10 саастаах Ариан Алексеевы. Кини Сунтаарга олорор. Сэтинньи 18 күнүгэр доҕотторугар оонньуу барбыт. Баһаар саҕаламмытыгар, хорсун уол куттанан турбакка, 11, 8, 6 саастаах 4 оҕону умайа турар дьиэттэн быһаабыт.
Николай Якутскай төрөөбүтэ 110 сыла
Саха норуодунай суруйааччыта, «Төлкө», “Сир”, «Хараҥа түүн», “Халлаан сырдыыта” романнар, «Көмүстээх үрүйэ» сэһэн ааптара Николай Золотарев-Якутскай сэтинньи 22 күнүгэр төрөөбүтэ 110 сылын туолла. Киниэхэ анаан Ем. Ярославскай аатынан музейга “Олоҕум — айымньыларбар” диэн бэртээхэй быыстапка тэрилиннэ.
Худуоһунньук үбүлүөйүгэр анаан
Улуу олоҥхобутун уруһуйунан үйэтиппит норуодунай худуоһунньук Тимофей Степанов баара буоллар 75 сааһын туолуо этэ. Бу дойдуттан эрдэ барбыт сүдү талаан хартыыналарын түмэн, “Арт миры Тимофея Степанова” диэн быыстапканы Национальнай художественнай музей тэрийдэ. Кэлэн көрүҥ, кэрэни кэрэхсээҥ.
Сахалыы куукулалар
Улахан учуутал, бөлүһүөк, худуоһунньук Миитэрэй Баппаҕай олоҕу ураты көрүүтүнэн, куйаарынан анаарар-ырытар дьоҕурунан, ойуулуур-дьүһүннүүр талаанынан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр киһи. Кини кыыһа Хаарчаана Баппаҕай удьуорун утумнаан, тарбаҕар талааннаах: Хаарчаана сахалыы куукулалары, дьиэлээн-уоттаан, таҥастаан-саптаан, бу хамсаан кэлиэх курдук дьиҥнээх уонна тыыннаах курдук оҥорор. Онуоха туттар матырыйаала “Ладолл” диэн бэлэм атыыланар туой, пластик уонна шарнир эбит. Манан дьарыктаммыта 3 сыл буолбут.
Бу күннэргэ «Россия — моя история» музейга кини быыстапката көрдөрүүгэ турда. Барыта 20 экспонат баар. Оҕолоор, баран көрөргүтүгэр сүбэлиибит.